Араас хабааннаах анаарыыларым маҥнайгы түһүмэҕэ «Саха сирэ» хаһыакка быйыл тохсунньу 26, иккиһэ олунньу 16, кулун тутар 1, төрдүһэ муус устар 18 күннэригэр бэчээттэммитэ.
Санатыым
Хаһыат таһаарар матырыйааллара элбэх буоллаҕа. Ол иһин ити суруйууларым ис хоһооннорун өйдөтөн ааһыым. Саҕалыырбар, 90-с сылларга «Саха сирэ» хаһыат саамай элбэх, 40-тан тахса тыһыынча тирээһинэн тахсар, олуһун ааҕыллар хаһыат этэ диэбитим. Онно элбэхтик суруйарым. Онтон биир кэмҥэ сурутуу ыытыллыбакка, аадырыска тиэрдиллибэккэ, буор-босхо маҕаһыыннарга эҥин аҕалан «быраҕыллар» буолуоҕуттан ааҕааччыта букатын аччаабыта. Билигин, интэриниэт да күүскэ сайдан, ахсаана 3 тыһыынчаттан тахса буоллар да, өрөспүүбүлүкэ сүрүн хаһыата буоларынан, суолтата улахан, матырыйааллара интэриэһинэйдэр, туһалаахтар. Ол иһин мин суруттара, суруйа сатыыбын, атыттары да ыҥырыам этэ. Арба, бу түһүмэххэ биһиги ханнык омукпутуй, «сахабыт дуу, якуппут дуу» уонна өрөспүүбүлүкэбит нууччалыы аатыгар биирдэ да («Якутия») диэн эбилик тыла суох саҥарбат буоллубут. Ону «Якутията» суох, саатар сороҕор, судургу «Республика Саха» диирбит тоҕо табыллыбат диэбитим.
Иккис түһүмэхпэр – аҕыйах ахсааннаах сахалар эстибэккэ, үйэлэри уҥуордаан ордон кэлбит төрүөппүтүн, үһүскэ – сахаларга арыгы ас содулларын, төрдүскэ сахабыт тылыгар, оҕо иитиитигэр, аһара бардаҕына, төлөпүөн, көмпүүтэр улахан содуллаах буолуохтарын туһунан суруйбутум.
Оттон бу сырыыга, бэйэм анал үөрэҕэ суоҕум да иһин, сахалыы этиллиэх да тыллары нууччатымсытарбыт, итиэннэ сорох тыллары суолталарын сыыһа соҕус туттабыт дуу диэн санааларбын тиэрдэбин. Биллэн турар, холобурдаталыыбын.
Урут уруккуттан үлэ дьонун, араас кэлэктииптэри үбүлүөйдэринэн, төгүрүк саастарынан, үлэҕэ ситиһиилэринэн уонна да атын түгэннэринэн эҕэрдэлээһин бөҕө буолар. Онуоха сорох дьон, ордук салайааччылар уустаан-ураннаан этэн, тустаах киһини эбэтэр тэрилтэ дьонун «эҕэрдэлиибин» буолбакка, эҕэрдэлиэхпин баҕарабын, өссө сорохтор «эҕэрдэлиирбин көҥүллээҥ» дииллэрэ баар чахчы.
Биирдэ биһиэхэ биир салайааччыбыт төгүрүк сааһынан үлэлиир сиригэр эҕэрдэлээһин буолбута. Элбэх киһи түрүбүүнэҕэ тахсан эҕэрдэлээбиттэрэ, махтал суруктары, бэлэхтэри туттарбыттара. Онно сорохтор эмиэ «эҕэрдэлиэхпин баҕарабын», өссө биир киһи «эҕэрдэлиирбин көҥүллээҥ» диэбитэ.
Онуоха мин тахсан кылгастык эҕэрдэлээн бараммын: «Бээ, эрэ, ити баар суох киһибитин үбүлүөйүнэн эҕэрдэлээбэтигит, баҕарабын эрэ диэтигит. Ол аата, эҕэрдэлээбэтэх, көннөрү баҕарар эрэ буоллаххыт. Өссө биир киһи эҕэрдэлиирбин көҥүллээҥ диэтэ. Ол аата мунньаҕы тохтотон куоластыыбыт дуо? Бу киһи эҕэрдэлиирин көҥүллүүрбүт-көҥүллээбэппит туһунан», – диэн эппиппэр, дьэ өйдөөн бары сонньуйбуттара.
Мантан биир түмүк. Доҕоттор! Эҕэрдэлиир буоллахха, туох да баҕарыыта, көҥүллэтиитэ суох эҕэрдэлиэххэ ээ.
Сахабыт тыла, култуурата, үгэстэрэ сайдыытыгар тэлэбиисэр, араадьыйа оруоллара аһара улахан. Ордук кэнники сылларга олор үлэлэрэ тупсан иһэр. Суукканы эргиччи үлэлииллэр. Араас сонуну, үгүс билиини-көрүүнү кинилэртэн истэбит. Тыла суох – омук суох. «Саха» НКИХ суолтата ордук сахабыт тыла сайдыытыгар суолтата тугунан да кэмнэммэт улахан диибин.
Холобур, ити кыра оҕолорбут төрөөбүт тылларынан саҥаралларын үөрэтиигэ сахалыы ойуулуктары оҥоруу туһатын киһи кыайан сыаналаабат. Эбэтэр, ити угуйук, ойуулук, урбаанньыт, билим, түмэл, Уһук Илин, байҕал уо.д.а. атын элбэх тыллар күннээҕи туттууга киирбиттэригэр кинилэр суолталара улахана саарбаҕа суох.
Арай биир тутуһарым диэн, ыйытыы, хоруй, өйөө диэн уу сахалыы тыллар баалларын үрдүнэн үгүс дьон, оннооҕор тэлэбиисэр, араадьыйа ыытааччылара туох боппуруостааххыный, хоруйдаа, поддержкалаа эрэ дииллэрэ олуонатык иһиллэр.
Этэрим, туруорсарым биир. Туох боппуруостааххын буолбакка, туох ыйытыылааххын, эппиэттээ диэбэккэ хоруйдаа, поддержкалаа оннугар өйөө диир тоҕо табыллыбатый?
Бу тыллар суолталарын куруук бутуйабын. Холобур «көрсүөххэ диэри», «Чурапчыттан куоракка диэри илдьэбин» диэтэхтэринэ, өйдөнөр. Оттон, холобур, кыһын улахан тымныыга сарсыарда араадьыйанан хас эрэ кыраадыс буолбутунан, бүгүн маҥнайгыттан 9-с кылааска диэри оҕолор үөрэммэттэр диэн биллэрэллэр. Ол аата, 9-тар үөрэммэттэр дуо? Мин саныахпар 10-с кылаастарга диэри буолуон сөп этэ. Эбэтэр, эдэр ыччаттарга 21 саастарыгар диэри ыччаттар тусталлар диэн этээччилэр. Оччотугар 21 саастарыгар сылдьааччылар кыттыбаттар дуо? Бу маны таба туттарга тустаах үөрэхтээхтэр быһаарыы биэрэллэрэ буоллар.
Түмүгэр сахабыт тылын кыаллар өттүн, аһара нууччатыппакка, сөптөөхтүк туттарга, саҥарарга кыһалла сатыаҕыҥ диэн ыҥырабын.
Уйбаан Пономарев.
Чурапчы.
Быйыл, сэтинньи бүтүүтэ, биһиги Саха сирин суруйааччыларын айар сойуустарын 90 сылын бэлиэтиэхпит. Бу 90 сылтан…
Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр, 19:00 чаастан "Россия 24" телеханаалга «ВМЕСТЕ с Айсеном Николаевым» биэриини көрүҥ.…
Соторутааҕыта буолан ааспыт фашизмы утарыы пуорумугар байыаннай дьайыыттан 25 бастыҥ байыас инники кирбииттэн кэлэн кыттыбыта.…
Ааспыт сууккаҕа буруйу оҥоруу 6 түбэлтэтэ бэлиэтэнэн, СӨ Борокуратууратын хонтуруолугар киирдэ. Уус Алдан улууһугар 1977…
Ил Дархан Айсен Николаев Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэтин аатыттан Ийэ күнүнэн эҕэрдэлээтэ. -…
Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ арҕаа, соҕуруу өттүгэр хаардыаҕа, сорох сиринэн сөкүүндэҕэ 9-14 м. түргэннээх…