“Тылы сайыннарыыга ис кыахпыт бэйэбититтэн эрэ тутулуктаах”

“Тылы сайыннарыыга ис кыахпыт бэйэбититтэн эрэ тутулуктаах”

27.11.2022, 09:30
Бөлөххө киир:

“СӨ тыллар тустарынан” сокуон 30 сыллаах үбүлүөйдээх тэрийэр хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ, Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Александр Жирков Саха тылын, литэрэтиирэтин, култууратын учууталларын өрөспүүбүлүкэтээҕи II сийиэһин сүрүн мунньаҕар, ис кыаҕы сайыннарыыга бэйэтин ыллыктаах санаатын үллэһиннэ.

Кини үөрэх федеральнай судаарыстыбаннай ыстандаарта (ФГОС) биһиги төрүт, төрөөбүт тылбытын сүтэрбэппит туһугар көмөлөһүөхтээх, ону ситиһиэхтээхпит, бу сүрүн соругу салалта бэйэтин эппиэтинэһигэр ылыныахтаах диэн эттэ. “Билигин даҕаны биһиги төрөөбүт тылбытын үөрэтэр чааспытын сүтэрэ турар түгэммитигэр, маны кыайдыбыт-хоттубут диир кыахпыт суох, маны билиниэх тустаахпытын”, — диэн эттэ. Итиэннэ оччотугар бэйэ кыаҕар эрэ эрэнии хааларын ыйда. Бэйэ кыаҕын туһанан тылбытын чөл хаалларар туһугар национальнай өрөспүүбүлүкэ салалтата, учууталлар, төрөппүттэр, уопсастыбаннай тэрилтэлэр, билим бары түмсэн үлэлиэхтээхпитин, бу кылаан сорук буоларын этэр. Уонна салалта, сокуон өттүттэн манна туох көмө оҥоруон сөп үс суолугар тохтоото.

Бастакытынан, “Үөрэх туһунан” сокуоҥҥа санаатын тиэртэ. Ол курдук, Арассыыйа да, Саха сирин да өттүттэн тыллар сокуоннарыгар мэһэй урут да суоҕун, билигин даҕаны улахан суоҕун, мэһэй үөрэх сокуонугар баарын быһаарда. “1992 сыллаахха ылыллыбыт Арассыыйа үөрэҕин сокуонугар тылларга сыһыан атын этэ – Арассыыйа бары гражданнара төрөөбүт тылларынан үөрэнэр толору бырааптаахтарын сокуон мэктиэлиирэ. Онтон 2012 сыллаахха ылыллыбыт Арассыыйа сокуонугар ити нуорма олоччу сотуллубута, судаарыстыбаннай тылы эрэ Арассыыйа мэктиэлиир. Ол судаарыстыбаннай тылынан нуучча тыла киирбитэ. Оттон өрөспүүбүлүкэлэргэ баар тыллар үөрэтиллиэхтэрин сөптөөх диэн турар. Дьэ ол сөптөөх диэнинэн сөп түбэһиннэрэн биһиги бэйэбит тылбытын көмүскүүбүт. Ону учууталлар эһиги чопчу өйдүөх тустааххыт. Дьэ ол иһин этэбин, биһиги ис кыахпытын туһаныах тустаахпыт”, — диэн сиһилии быһаарда.

Итини сэргэ, күн бүгүн тылы үөрэтии кэнсиэпсийэтэ бэлэмнэнэ сылдьарын, ылылла илигин иһитиннэрдэ. “Манна урукку кэнсиэпсийэ тохтуур, саҥа кэнсиэпсийэ үлэлиир диэн өйдөбүл баар, оннук буолбатах. Национальнай оскуолалар кэнсиэпсийэлэрин ким да, ханнык даҕаны дьаһалынан тохтото илик. Уонна Тылы үөрэтии кэнсиэпсийэтэ национальнай оскуолалар кэнсиэпсийэлэригэр тирэҕирэр. Ону сайыннарар туһугар ылылыннаҕына ордук тирэхтээх, кэскиллээх буолуоҕа. Ол иһин оскуолалар кэнсиэпсийэлэригэр олоҕуран, үөрэтии кэнсиэпсийэтэ ылыллар”, — диэтэ.

Иккиһинэн, Төрүт тыллары үөрэтии бырагырааматыгар тохтоото. “Ити эмиэ былаас бэйэтэ дьаһайар көрүҥэ. Бу бырагыраама биһиэхэ үс төгүл ылылла сылдьыбыта. Бу урут ылыллыбыт бырагыраамалардааҕар хайаларынааҕар даҕаны үптээх буолла. Бэйэбит кыахпытыгар тирэнэн ыытар үлэбитин өйүүр харчы: култуура, үөрэх, билим, биирдиилээн уопсастыбаннай түмсүүлэр, уо.д.а. эйгэлэргэ. Төрүт, төрөөбүт тылга хамсаныылары оҥордохторуна, кинилэр бу бырагырааматтан өйөнүөх тустаахтар. Бырагыраама үбүлээһинэ улааппыта олус үчүгэй уонна салгыы өссө да улаатарыгар бүк эрэнэбин. Сийиэс да инниттэн тыл мөлтөөн эрэрин дьон көрө сылдьар уонна бэйэтин кыаҕынан туруулаһар, олор олохсуйан, тэтимнэнэн, үлэлээн-хамсаан бардахтарына кинилэргэ судаарыстыба өттүттэн хайаан даҕан өйөбүл, көмө оҥоһуллуохтаах”, — диэн эттэ.

Үсүһүнэн, судаарыстыбаннай уонна официальнай тыллар бигэргэниилэрин туһунан быһаарда.  Урукку өттүгэр Арассыыйаҕа литературнай тылы уонна онно судаарыстыбаннай тыл быһыытынан туттулларыгар, ону мэктиэлиир докумуоннары, ыйынньыктары, кырамаатыканы, тылдьыттары барытын дойду үөрэҕин министиэристибэтэ бигэргэтэрин аҕынна. “2020 сыл атырдьах ыйын 8 күнүттэн ону барытын Арассыыйа Бырабыыталыстыбата бэйэтигэр ылла уонна Нуучча тылыгар Бырабыыталыстыба хамыыһыйата диэни тэрийдэ. Судаарыстыба (нуучча) тылыгар оннук улахан суоланы уурдулар. Биһиги бэйэбит Сахабыт сиригэр саха тылыгар уонна хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктар тылларыгар кырамаатыкабытын, тылдьыттарбытын, ыйынньыктарбытын Бырабыыталыстыбанан бигэргэтэри уонна ол туолуутун кытаанахтык ирдиири ким боборуй? Ким да мэһэйдээбэт, бэйэбититтэн тутулуктаах. 2015 сыллаахха сокуоммутугар киллэрбиппит, ол гынан баран үлэлээбэт. Тоҕо диэтэххэ, хайдах үлэлиир мэхэниисимэ ситэ оҥоһулла илик. Тылдьыккын, ыйынньыккын маннык оҥор диэн сүбэни (рекомендация) уонна бу дьон үлэлэһиэхтээх диэн Бырабыыталыстыба хамыыһыйата бэйэтэ чопчулуур. Атын ханнык эрэ тастан-истэн киирбит дьон оҥорбутун ылыммат. Биһиги оннук дьаһанарбыт ирдэнэр”, — диэн быһаарар. Ити курдук ис кыахха былаас бэйэтин өттүттэн оҥорор суолларын ааттаталаата. Онтон төрөппүт, уопсастыбаннас, биирдиилээн түмсүүлэр… кыахтара муҥура суоҕун чорботон бэлиэтээтэ.

Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Александр Жирков тыл этиитин толору барыйаанын манна көрүҥ.

Хаартыска: Мария ВАСИЛЬЕВА (СИА).

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
15 декабря
  • -32°C
  • Ощущается: -32°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: