«Түмэл нэдиэлэтэ»: байыастарга уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр
Ем.Ярославскай аатынан хотугу норуоттар устуоруйаларын уонна култууратын судаарыстыбаннай холбоһуктаах түмэлигэр байыастарга уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр нэдиэлэтээҕи аахсыйа ыытыллар.
Ол курдук от ыйын 25-31 күннэригэр дойду үрдүнэн «Түмэл нэдиэлэтэ» аахсыйа саҕаланна. Онон байыастар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрэ түмэлгэ сылдьан ураты, сэдэх эспэнээттэри сөҕө көрүөхтэрин, өбүгэлэрин олохторун-дьаһахтарын туһунан билиилэрин-көрүүлэрин хаҥатыахтарын сөп.
Ем.Ярославскай аатынан түмэл бу аахсыйаҕа кыттыһар. Түмэлгэ киирэргэ докумуоҥҥутун көрдөрөҕүт.
РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин ыйыытынан «Түмэл нэдиэлэтэ» тиһигин быспакка ыытыллыаҕа.
Түмэл үлэтин кыраапыга: 10:00-17:00 ч. Каасса 16:30 ч. диэри үлэлиир. Өрөбүл күн — нэдиэлэ бастакы күнэ, от ыйын 26 күнэ — санитарнай күн.
Бу нүөмргэ эрийэн ыйыталаһыаххытын сөп.: 42-51-74
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: