Салгыы
Түмэл оҕону иитиигэ саҥа бырайыага

Түмэл оҕону иитиигэ саҥа бырайыага

Ааптар:
06.10.2023, 09:22
Хаартыскаҕа С.Копыленко түһэриитэ
Бөлөххө киир:

И.Барахов аатынан СӨ судаарыстыбаннаһын түмэлэ улуус оскуолаларын кытары Үөрэх управлениетын нөҥүө сөбүлэҥ түһэрсэн үлэлиир.

Ол курдук, үөрэнээччилэргэ «Разговоры о важном» хайысхатынан, устуоруйаны үөрэтиигэ, өрөспүүбүлүкэ, норуот устуоруйатын, чулуу дьоммут туһунан араас хабааннаах тэрээһиннэри ыытар. Быйылгы үөрэх дьылыгар уруок кэннинээҕи чааска саха норуодунай суруйааччыта Н.Г.Золотарев-Николай Якутскай аатынан орто оскуола учуутала Валентина Даниловна Васильевалыын үрдүкү кылаас үөрэнээччилэригэр биһиги түмэлбитин кытары «Саха ыалын олоҕун-дьаһаҕын төрүт өйдөбүллэрэ» диэн саҥа  бырайыагынан үлэбитин саҕалаатыбыт.

Бырайыак олоххо киириитэ кэм буолла. Ол курдук, сайдыы олоххо өтөн киириитэ түргэн, уларыйыы элбэх. Урукку өттүгэр тыа ыала үксүн илиинэн оттоон-мастаан олорбут буоллаҕына, билигин тиэхиньикэ, гаджет, күөх төлөн үйэтигэр күннээҕи туттар тылбыт да уларыйда, малбыт-салбыт уларыйан умнууга, быраҕыллыыга барбыт да элбээтэ. Ити барыта төрөөбүт тылбытын дьадатыыга, кэхтиигэ тириэрдэрэ өйдөнөр суол. Ол иһин, өбүгэбит олоҕор-дьаһаҕар туттубут үөрүйэхтэрин үйэтитэр, билигин туттуллубат тылларбытын умуннарбат сыалтан оҕолорбутун өбүгэ үөрэҕэр хайыһыннардыбыт.

Бастаан, дьиэ иһинээҕи мал-сал, иһит-хомуос сахалыы ааттарын туһунан, хайа тэрил туохха туттулларын үөрэппиппит. Манна түмэлгэ мунньуллубут, хараллыбыт, көрдөрүүгэ тахсыбыт эспэнээттэр суолталара улахан. Норуот суруйааччыта Николай Якутскай аҕатын дьиэтигэр сылдьан, Солотуураптар тутта сылдьыбыт, Баллас оҕонньор илиитинэн тутан-хабан оҥорбут тымтайыгар, тыытыгар, чааркааныгар, талкытыгар тиийэ, остуолга турар мас чохоолортон, балхахтартан, лэппиэскэ уҥунахтыыр кыракый лаппаакылартан саҕалаан көрөн- истэн барбыттара.

Оттон ааспыт нэдиэлэҕэ оҕолорбутугар тыа ыалын, ордук урут, былыр, биир саамай наадалаах малын сиппиир, атыннык, талах минньик туһунан үөрэттибит. Итиэннэ биир сайыҥҥылыы сылаас күн бөһүөлэктэн чугас сытар Хатарҕан маара диэн маартан, оҕолорбутунаан ыарҕа талаҕын хомуйан аҕалбыппыт. Ол талахтарбытыттан оҕолор түмэлгэ минньик баайан, нэһилиэкпит кырдьаҕастарыгар бэлэхтииргэ бэлэмнээтилэр. Онон оҕолор минньик ханнык талахтан баайылларын, дьиэ айаҕын хаарын, күһүн-саас тиэргэни харбыырга, хотоҥҥо долборуктан тохтубут оту тарыйарга, хотону сиппийэргэ билигин да солбуллубат тэрил буоларын биллилэр. Аны өбүгэлэрбит барахсаттар хомуйбут, сүгэн кэлбит талахтарыттан тугу да энчирэппэккэ сыа-сым курдук тутан, ордубут лабааларыттан холумтан иннин харбыыр, этэрбэс, хаатыҥка тэбэнэр оҥостоллорун оҕолор сэргээн көрдүлэр-иһиттилэр.

Ити курдук өбүгэбититтэн илдьэ кэлбит үөрүйэхтэрбитин умуннарбакка ыччаттарбытыгар иҥэрэбит.

 Светлана Копыленко,

Харбалаах, Үөһээ Бүлүү.

Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ.

+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 октября
  • -3°C
  • Ощущается: -7°Влажность: 68% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: