Түмэл үлэһиттэрэ сэминээргэ түмүстүлэр

Түмэл үлэһиттэрэ сэминээргэ түмүстүлэр

Ааптар:
21.03.2024, 17:57
Бөлөххө киир:

Бэҕэһээ «Хаһыат уонна музейдар: үйэлээх ситим» төгүрүк остуол, «Сэдэх экспонаттар» быыстапка өрө көтөҕүллүүлээхтик, үрдүк таһымнаахтык ыытылынна.

«Сахамедиа» холдинг медиа-киинигэр өрөспүүбүлүкэ түмэллэрин үлэһиттэрэ кэлэннэр кыттыыны ыллылар, киэҥ кэпсэтии таҕыста. Оттон быыстапкаҕа Дьокуускай куорат олохтоохторо, ыалдьыттара үөрэ-көтө сырыттылар, улаханнык астыммыттарын биллэрдилэр, махтал тылларын эттилэр. Туһалаах көрсүһүү, тэрээһин буолан, «Саха сирэ» хаһыат уонна музейдар кэлэктииптэрэ сүргэлэрэ көтөҕүлүннэ.

Оттон бүгүн уонна сарсын Емельян Ярославскай аатынан Хотугу сир норуоттарын устуоруйатын уонна култууратын судаарыстыбаннай холбоһуктаах түмэлигэр «Музейная деятельность. Новые подходы»сэминээр ыытыллар. Өрөспүүбүлүкэ түмэлин үлэһиттэрэ көхтөөх кытыыны ылаллар.

Бүгүн музей үлэтигэр тирээн турар боппуруостары дьүүллэстилэр. Ол курдук, «Государственный каталог РФ и цифровизация музеев (КАМИС)», «Госпаблики 2024: эффективная работа в социальных сетях», «В музей по Пушкинской карте», «Участие музеев в Грантовом конкурсе Президентского фонда культурных инициатив» тиэмэлэргэ киэҥ кэпсэтии ыытылынна, санаа үллэстиитэ буолла.

Иккис күн «Учет фондовых коллекций», «Учет и хранение оружия в музеях», «Экспозиционно-выставочная деятельность музея», «Создание экспозиции, посвященной событиям специальной военной операции и подвигам ее участников», «Музей и посетитель: культурно-образовательная деятельность» тула кэпсэтиэхтэрэ.

Бүгүҥҥү сэминээр үс былаһаакканан: «Точка кипения» (IT Park Yakutsk), Национальнай бибилэтиэкэҕэ уонна Ем.Ярославскай аатынан Хотугу сир норуоттарын устуоруйатын уонна култууратын судаарыстыбаннай холбоһуктаах түмэлигэр олус сэргэхтик ыытылыннылар.

Сэминээргэ өрөспүүбүлүкэ музейдарыттан уопсайа 60-тан тахса киһи кыттыыны ылла.

Ем.Ярославскай аатынан түмэл пресс-киинэ

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
23 ноября
  • -21°C
  • Ощущается: -27°Влажность: 77% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: