«Түмэн» иистэнньэҥнэрэ — үлэ үөһүгэр
Мэҥэ Хаҥалас улууһугар «Түмэн» уопсастыбаннай түмсүү иһинэн иис сыаҕа тэриллэн үлэлии-хамсыы олорор. Бүгүн «Лесной» территориальнай бэйэни салайыныы Гранын кыайан ылбыт иистэнэр массыыналары сыахха анаан үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттардылар. Бу туһунан Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтатын прөсс-сулууспата иһитиннэрэр.
Үөрүүлээх түгэҥҥэ улуус баһылыга Дмитрий Тихонов иистэнньэҥнэргэ, күүс-көмө буолар дьонугар махтал тылларын эттэ.
Бу иис сыаҕар амарах санаалаах далбар хотуттар анал байыаннай дьайыыга сылдьар буойуттарбытыгар таҥас кэмпилиэгин тигиинэн, харысхал оҥоруутунан, сиэккэ баайыытынан, харысхал оҥоруутунан дьарыктаналлар. Ону таһынан төрөөбүт дойдуларын аһа күүстэригэр күүс эптин диэн, балык миинэ оҥостоллоругар, балыгы бороһуокка кубулутан чэй курдук бэлэмнээн оҥорон ыыталлар.
Улуус дьаһалтата үтүө санаалаах биир дойдулаахтарын «Түмэн» уопсастыбаннай түмсүүгэ кыттыһан, бэйэлэрин кылааттарын киллэрэллэригэр ыҥырар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: