«Тымныы полюһа Өймөкөөн» кыһыҥҥы туризм бэстибээлэ элбэх туриһы түмтэ
Ааспыт өрөбүллэргэ «Тымныы полюһа — Өймөкөөн» кыһыҥҥы туризм бэстибээлэ үрдүк таһымнаахтык буолан ааста.
Сүрүн тэрээһиннэр Томторго урбаанньыттар пуорумнара уонна Үчүгэйгэ — Табаһыт күнэ буолан ааста. Улуус нэһилиэктэрин урбаанньыттара бэйэлэрин үлэлии сылдьар хайысхаларынан бэрт сонун бырайыактары көмүскээтилэр. Оттон Үчүгэйгэ ыытыллыбт Табаһыт бырааһынньыга «Үчүгэй» ОПХ тэриллибитэ 35 сылын чэрчитинэн ыытыллынна.
СӨ туристическай ааҕыныстыбатын салайааччытын э.т. Аркадий Ксенофонтов кыһыҥҥы туризм бэстибээлин туһунан бэйэтин санаатын үллэһиннэ:
— Улуус урбаанньыттара бэрт кэскиллээх бырайыактарынан үлэлииллэр эбит да, документацияны толорууга, үбүлээһин, нолуок боппуруостарыгар ыарырҕаталлар эбит. Бу туһунан стратегическай сиэссийэ ыыта сылдьан, урбаанньыттар санааларын истэн түмүк оҥордубут.
Онон бу пуорум түмүгүнэнпуорум кыттыыылаахтарыттан киирбит чопчу этиилэринэн анал исписэлиистэри ыытан араас сэминээрдэри үөрэхтэри тэрийиэхпит. Кэлэр сылларга бэстибээли үс сиринэн ыытарга толкуйданыыһыбыт. Ол курдук, үгэс быһыытынан ыытыллар Томтор нэһилиэгэр аҥардас дьону түһэрэр гостиница да элбээбитинэн түмүк оҥордоххо, атын да нэһилиэктэргэ бу хамсааһыны эмиэ олохтуохха наада. Ол курдук, быйыл кэлбит турист үксэ тоҕо Өймөкөөҥҥө туох да ыытыллыбатаҕын туоһулаһар. Чысхаантан Тымныы полюһугар сылдьыбыттарын туһунан сэртипикээттээх Тымныы оҕуһун иннигэр хаартыскаҕа түһүөн балаах киһи үгүс эбит. Онон бу өрүтү учуоттаан, эһиил Өймөкөөн нэһилиэгэр бэстибээл биир күнүн эмиэ аныыһыбыт. Онуоха кэккэ төрүөт баар. Манна олохтоохтор саха сылгытын баазатын көрдөрөн, туристарга кыһыҥҥы сөтүө курдук кэрэхсэтэр кэккэ өҥөнү оҥорон, уоутурбуттара ырааппыт. Урбаанньыт Тамара Васильева аатын ааттаан кэлэн, араас омук туриһа тоҕуоруһар нэһилиэгэ. Оттон бары өттүттэн дэгиттэр талааннаах мас уонна тимир ууһа, худуоһунньук, ырыаһыт, мелодист, фотограф, Чысхаан брендин сайыннарааччы култуура управлениетын методиһыгар Семен Сивцевкэ-Өймөкөөн Сэмэнигэр туристарга тэрийбит бэртээхэй «Тымныы полюһа» хаартыска Галереята өрөспүүбүлүкэ туристическай реестрыгар киирбитин туоһулуур докумуону бу тиийэ сылдьан анаан туттардыбыт.
Онон Семен Сивцев-Өймөкөөн Сэмэнэ быйыл Үчүгэйгэ ыытыллыбыт Табаһыт бырааһынньыгар түһэрбит бу хаартыскалара Галереяҕа дьоһуннаах миэстэлэрин булуохтара.
Үчүгэйгэ Табаһыт күнүн, табаһыттар күрэстэрин ыытыы олус наадаалаах эбит. Туристар бу тэрээһини олус астына көрдүлэр-иһиттилэр.
Ол курдук, Индияттан тиийэ кэлбит буоллахтарына, 30-ча турист дойду араас эрэгийиэннэриттэн тиийэ кэлбиттэр. Онон быйылгы бэстибээлгэ, төһө да айаҥҥа уустуктар үөскээбиттэрин иһин (халыҥ хаар халҕаһата айан суолун бүөлээбитэ), 700-тэн тахса киһи кыттыыны ылбыта, бу тэрээһин олус кэскиллээҕин туоһута. «Тымныы полюһа — Өймөкөөн» бэстибээл «Кыһын Саха сириттэн саҕаланар», «Саха сирин амтана» курдук кыһыҥҥы туризм суолталаах тэрээһиннэрин биир бастыҥ көрүҥүн быһыытынан сайыннарар соруктаахпыт. Маныаха Ил Дархан Айсен Николаев бу күннэргэ туризм туһнан таһаарбыт ыйааҕа төһүү өйөбүлүнэн буолуоҕа.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: