Тымныы полюһа Өймөкөөн улууһун олохтоохторо байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын өйүүллэр

Share

Бу күннэргэ байыаннай дьайыыга кытта сылдьар дьоҥҥо анаан Өймөкөөн улууһун олохтоохторо  мааска-сиэккэни оҥорууга «Бары бииргэбит» аахсыйаҕа кытыннылар.

Бу туһунан тэрээһини тэрийбит Уус Ньаратааҕы «Металлург» култуура дьиэтин методиһа Любовь Иванова бу курдук кэпсээтэ:

Бу суолталаах аахсыйаҕа Томтордооҕу Оҕо ускуустубатын оскуолатын, Төрүт нэһилиэгин уһуйаанын, Уус Ньаратааҕы «Пегас» оҕо айымньытын киинин уонна «Металлург» култуура дьиэтин үлэһиттэрэ көхтөөх кыттыыны ыллылар.  Сотору «Сардаана» фабрикаттан 4 куул таба  тыһын кырадаһыннарын ыытыахтаахтар. Онон танкистарга олбох тигиэхтээхпит. Наһаа наада үһү.  Сылгы сиэлинэн оҥоһуктарга маастар-кылаастары эмиэ ыытабыт. 

Төрүттээҕи оҕо уһуйаанын үлэһиттэрэ үлэлэрин быыһыгар мааска-сиэккэлэри таҥнылар. Кинилэргэ бүтэһик күннэригэр оскуола, балыыһа, олохтоох дьаһалта кэлэктииптэрэ, улахан кылаас кыргыттара көмөлөстүлэр.  Улахан сиэккэни таҥыыга матырыйаал тиийбэккэ, Төрүт нэһилиэгин олохтоохторо 26 750 солкуобайы хомуйан, харчынан кыттыстылар. Куораттан урбаанньыт Изабелла Кондакова сакааһы булан, ону тэҥэ бэйэтэ эмиэ спонсордаан матырыйаал аҕалан биэрбит. Бу үлэни тэрийбит Төрүт нэһилиэгин уһуйаанын кэлэктиибэ аахсыйа саҕаланыаҕыттан бүтүөҕэр диэри көмөлөспүт  балыыһа сиэстэрэтигэр Анфиса Кривошапкинаҕа,   матырыйааллары куораттан аҕалбыт урбаанньыттарга Изабелла Кондаковаҕа,  Борис Егоровка, бэлэм таҥыллыбыт сиэккэлэри улуус киинигэр тиэрдибит  Юрий Егоровка  улахан махталларын тиэрдэллэр.  
Ити курдук, ыраах Тымныы полюһун олохтоохторо төһө кыайарбытынан, сатыырбытынан Кыайыы туһугар байыаннай дьайыы кыттыылахтарыгар көмөлөһө олоробут.

Хаартыска -- Любовь Иванова тиксэриитэ.
What’s your Reaction?
+1
4
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Аллараа Бэстээх сыанатын киин куораты кытта тэҥнээтэххэ…

Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…

3 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа сайаапкалары ылыы иккис түһүмэҕэ саҕаланна

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьоруой Федор Поповка пааматынньык туруоҕа

LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…

4 часа ago
  • Сонуннар

Төрөөбүт, биһикпин ыйаабыт сирим — сүрэхпэр

Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…

4 часа ago
  • Сонуннар

Соҕуруу дойду спортсменнара хаары уонна мууһу сонурҕуу көрдүлэр

Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга  саамай…

4 часа ago
  • Сонуннар

«Забота» электроннай сервиһинэн 3474 киһи туһанна

Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…

5 часов ago