Тымныы полюһугар Өймөкөөҥҥө бүгүн сарсыарда 60 кыраадыс бэлиэтэннэ

Тымныы полюһугар Өймөкөөҥҥө бүгүн сарсыарда 60 кыраадыс бэлиэтэннэ

05.12.2022, 10:03
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ чысхаан кыһын баарын биллэрэн, Өймөкөөн улууһугар олус күүскэ тымныйда.

Ол курдук, субуотаттан ыла 60-ча кыраадыс буолан, оскуола оҕолоро 1-11 кылааска диэри үөрэммэккэ олороллор. Актированнай күннэри биллэрдилэр.

Бүгүн сарсыарда Өймөкөөн улууһун бассаап бөлөхтөрүгэр 60 кыраадыска чугаһыыр, сүрүннээн 58-60 кыраадыһы көрдөрөр тымныыны бигэргэтэр хаартыскалар тарҕаннылар.

«Нэдиэлэ анараа  өттүгэр  20-30 эрэ кыраадыстан тахса  сылдьыбыта. Сэтинньи  ый наһаа  сылааһыттан,  кыһыммыт  кэлимээри гынна  дуу дии сырыттахпытына,  «дьэ баарбын, ахтыбыт  кыһыҥҥыт»  диэн  соһуччу  тымнытта» диэн социальнай ситим бөлөхтөрүгэр суруйаллар олохтоохтор. Бу ый саҥатыгар Тымныы тойоно Чысхаан Эбэ Хайатыттан тымныытын таһаарбыта. Кини бу сиэри-туому толордо да, хайаан да Өймөкөөҥҥө аҕыйах хонугунан күүскэ тымныйар.

Онон, биллэн турар, Саха сиригэр улахан тымныы Өймөкөөнтөн саҕаланара чахчы.  Тымныы полюһунан аатырар Өймөкөөн нэһилиэгэр бүгүн 60 кыраадыс бэлиэтэннэ.

Ол кэнниттэн Төрүт нэһилиэгэ тилэх баттаста. Дьиҥэр, Төрүт улуус бары нэһилиэктэриттэн саамай ичигэстэрэ курдук. Онуоха олохтоохтор өбүгэлэригэр махтаналлар: «Саамай табыгастаах сиргэ олохсуйбуттар» диэн. Ол эрээри тымныытын биллэрдэҕинэ, бу нэһилиэккэ киһи дьиэттэн дьиэ икки ардыгар сылдьыбат курдук тымныйара эмиэ баар.

Бу сарсыарда тымныытынан аатырар Өймөкөөн нэһилиэгин олохтоохторо «ОДьКХ үлэһиттэригэр махтанабыт, дьиэбит иһэ сылааһа, тымныы диэни билбэккэ олоробут» диэн батсаапка суруйдулар. Кырдьык, билигин дьон бары хочуолунайдарын үлэтин кэтиир-маныыр кэмэ. Онон Тымныы полюһун ОДьКХ-тын үлэһиттэригэр икки бүк эппиэтинэс. Кинилэр үлэлэриттэн бу тыйыс килиимэттээх улууска олорор дьон олоҕо-дьаһаҕа тутулуктаах.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
4 октября
  • 6°C
  • Ощущается: 3°Влажность: 65% Скорость ветра: 5 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: