Салгыы
Тымныы полюһугар Өймөкөөҥҥө экстремальнай марафон түмүктэннэ

Тымныы полюһугар Өймөкөөҥҥө экстремальнай марафон түмүктэннэ

13.01.2025, 11:00
Хаартыска: Семен Сивцев-Өймөкөөн Сэмэнэ.
Бөлөххө киир:

Ааспыт өрөбүллэргэ Өймөкөөн улууһугар 6-с төгүлүн «Өймөкөөн — тымныы полюһа» кыһыҥҥы экстремальнай марафон-сүүрүү буолан ааста.

Манна дойду 16 эрэгийиэниттэн, өрөспүүбүлүкэ 13 улууһуттан бэйэлэрин кыахтарын билиммит марафонец-спортсменнар кэлэн кытыннылар.

Сааһынан хааччахтааһын суох — 18-тан 70 сааһыгар  диэри 5 км саҕалаан, 50 км тиийэ, быһата, ким баҕалаах бэйэтин тустаах дистанциятын талан сүүрдэ.

50 км сүүрүүгэ 18-39 саастаахтарга 1-кы миэстэҕэ — 36 саастаах Николай Марков ( Челябинскай к.), 2-кэ Москваттан 37  саастаах Вячеслав Нигай, 3-кэ Юграттан 39 саастаах Николай Трифонов тигистилэр.

50 км 40-49 саастаахтарга Өлүөхүмэттэн 41 саастаах Александр Моедо, 2-кэ — Владимирскай уобаластан 40 саастаах Аркадий Прытков, 3-кэ — Курскайтан 40 саастаах Александр Барков таҕыстылар.

50 км сүүрүүгэ Москаттан 50 саастаахтарга былырыын алтынньыга 50 сааһын туолбут триатлоҥҥа успуорт маастарыгар кандидат Москва куорат олохтооҕо Антон Долгов  1-кы миэстэни ылла. 2-с миэстэни Москваттан Алексей Трафимов, 3-с миэстэни Сыктывкартан Сергей Огородников ыллылар. Мин бу чахчылары түмүк боротокуолтан ылан холобурдаатым. Онон саастарынан арааран, 50 км сүүрүүгэ уопсайа үс киһи бастаабыт: Николай Марков (Челябинскай к.), Александр Моедо (Саха сирэ, Өлүөхүмэ улууһа) уонна Антон Долгов (Москва к. ). Кинилэртэн 3:42,24 абсолютнай бириэмэни көрдөрөн, Өлүөхүмэттэн сылдьар РФ успуордун маастара Александр Моедо  6-с «Өймөкөөн — тымныы полюһа» кыһыҥҥы экстремальнай марафон-сүүрүү кыайыылааҕынан буолла.

Быйылгы  дойду таһымнаах спортивнай тэрээһиҥҥэ Арассыыйа эригийиэннэрин спортсменнара ох курдук оҥостон кэлэн кытыннылар. Экстремал-сүүрүктэри, өрүү буоларын курдук, эккирэтэ сылдьан аатырбыт фотограф Семен Сивцев-Өймөкөөн Сэмэнэ хаартыскаҕа түһэрэн үйэтиттэ.

Саха сирин, чуолаан Өймөкөөн тымныытыгар, кинилэр үөрэҕэ суох дьон буоллахтара. Онон кэлэр өттүгэр бэртээхэй угуйугу (реклама) оҥорон бардылар.

Улуустааҕы култуура уонна туризм сайдыытын управлениетын салайааччыта Аксинья Сивцева суолталаах тэрээһин туһунан санаатын маннык үллэһиннэ:

Быйыл алтыс төгүлүн ыытыллар экстремальнай марафон «Өймөкөөн — тымныы полюһа» кыһыҥҥы экстремальнай марафон салалтатыгар улахан махталбытын тиэрдэбит. Экстремальнай сүүрүү марафонун  тэрийээччилэринэн Өймөкөөн улууһун дьаһалтата, «Тымныы полюһа», «Марафоны Якутии» ХЭУо-лар уонна «Дойду историческай өйдөбүлэ” Мэҥэ бырайыак. Экстрим-марафон дириэксийэтин салайааччыларынан Дмитрий Неустроев уонна Саргылаана Неустроева үлэлээтилэр.  Ыалдьыттары түһэрэр дьиэлээх урбаанньыттар, таксистар, мусуойдар, араас экскурсиялары тэрийээччилэр икки күннээх тэрээһин кэмигэр дохуоттарын үрдэтэр кыахтаннылар — бу күннэргэ (кэлии-барыы айаннарын хонугун эбэн туран) спортсмен-туристар барыта холбоон 2 мөлүйүөнтэн тахса солкуобайы Өймөкөөн улууһугар хааллардылар. Биллэн турар, кыайыылаахтар харчынан бириэмийэлэннилэр. Ол курдук, 50 км дистанцияҕа абсолютнай чөмпүйүөннэргэ «Өймөкөөн улууһа» МТ дьаһалтата (эр киһи, дьахтар) 200 000 солк. (уопсайа 400 000 солк.) туттарда. 21, 100 км дистанциялар кыайыылаахтарыгар мунициапалитет салалтата  хас биирдиилэригэр 50 000 солк.  туттарда. Улуус маныаха эбии спортсменнарга, СМИ-гэ анаан бырааһынньыктааҕы киэһэ ороскуотун төлөөбүтэ, «Старт-Финиш» биэтэктэр тутууларын, былаахтары, км бэлиэлэрин төлөбүрүн уйунна. Марафон генеральнай спонсора «Баск» ХЭУо марафон кыайыылаахтарыгар бэйэтэ тигэр итии кууркаларын уонна да атын бородууксуйаларын бэлэх гынан туттарда. Норуот дьокутаата Елена Голомарева марафон чэрчитинэн ыытыллыбыт Өймөкөөн Тымныы полюһун статуһун ылар туһунан оробуочай мунньахха кыттыыны ылла.  Маны таһынан, Елена Христофоровна «Аляска-Сибиир – салгын суола» төгүрүк остуолу салайан ыытта. Бу сылга үктэнэн баран, бу тэрээһин  Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Улуу Кыайыы 80 сылыгар аналлаах өрөспүүбүлүкэҕэ бастакы тэрээһининэн буолла. Манна куйаар ситиминэн Красноярскай кыраай уонна Магадаан уобаластара кыттыыны ыллылар.

Бу суолталаах тэрээһиҥҥэ тус кылааттарын киллэрсибит эппиэттээх дьоҥҥо барыларыгар махталбытын тиэрдэбит.

+1
14
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
14 января
  • -39°C
  • Ощущается: -46°Влажность: 67% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: