Тымныы полюһугар Өймөкөөҥҥө Куйдуһун муостата тутуллар (видео)

Share

Ситэриилээх былаас отчуотун кэмигэр Өймөкөөн улууһун олохтоохторун кытта көрсүһүүгэ оробуочай бөлөҕү салайар СӨ тырааныспарка уонна суол хаһаайыстыбатыгар миниистир Владимир Сивцев аара Куйдуһун муостатыгар анаан тохтоон, туох үлэ ыытыллан эрэрин билсибитин билиһиннэрбитэ уонна олунньу 26 күнүттэн суолталаах үлэ саҕаланарын туһунан иһитиннэрбитэ.

Лоп курдук этиллибит кэмҥэ үлэ күөстүү оргуйан барбыта. Бүгүҥҥү күҥҥэ 296 м уһуннаах  Куйдуһун муостатын тутуу икки хайысханан барар – эргэни көтүрүү уонна буровой тэрили туруорууга суолу оҥоруу.

Тутуу матырыйаала барыта төлөнөн, Улан Удэтээҕи “Сталь-Мост” тэрилтэттэн 5 массыына муоста тутар матырыйаал кэлэн иһэр. Бэлэм тимир конструкциялар кулун тутар 5 күнүгэр Куйдуһуҥҥа тиийиэхтэрэ. Дьокуускайтан 320 кууб тутуу матырыйаалын ыытыахпыт. Аллараа Бэстээхтэн тирэх буолар турбалар кэлиэхтэрэ. Сэттэ муоста сиһин (пролету) уларытабыт, — диэн үлэ хаамыытын билиһиннэрэр “СтройМост” ХЭУо дириэктэрин солбуйааччы Афанасий Титов.

Бу күннэргэ ыытыллар үлэ хаамыытын салайааччы видеоҕа устан, хаартыскаҕа түһэрэн ыытта.

Онно көстөрүнэн, 1979 сыллаахха тутуллубут  эргэ мас муоста устуоруйаҕа киирэр түгэнэ үүннэ.

Аны аҕыйах хонугунан манна саҥа муоста тутуллан дьэндэйиэҕэ.

Сиһилии Тымныы полюһа Өймөкөөн улууһугар Куйдуһун муостатын тутуу туһунан «Саха сирэ» хаһыат бээтинсэтээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ.

What’s your Reaction?
+1
4
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сыымахха Васильевтар үлэлэригэр атынан сылдьаллар

Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Сыымахха командировкаҕа сылдьан,  киһи кэрэхсиир түгэнин көрөн, сырдатарга сананным. Васильевтар…

2 часа ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айсен Николаев Марат Хуснуллины кытта көрүстэ

Көрсүһүүгэ сүрүн болҕомто Саха сиригэр национальнай бырайыактары уонна РФ Бэрэсидьиэнин сорудахтарын олоххо киллэриигэ уурулунна. "Айсен…

2 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Сэрии кэмигэр тутуллубут өстүөкүлэ собуота

Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии уустук сылларыгар тыыл үлэтэ байыаннай балаһыанньа ыйарынан былааннанара. «Барыта фроҥҥа, барыта…

3 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Билиэн-көрүөн баҕалаахха: куоска минньигэс амтаны билэр дуо?

Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ» хамсааһын 25 сыла!

Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, Бырабыыталыстыба дьиэтигэр, Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар "Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ" үтүө дьыала…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Быйыл 6 муоста тутулунна

2024 сылга Саха сиригэр «Безопасные качественные дороги» бырагырааманан алта муостаны туттулар. Бу туһунан массыына суолун…

4 часа ago