Тымныы полюһугар оҕолор кырдьаҕастарга аһымал аахсыйа тэрийдилэр

Share

 Бу күннэргэ Тымныы полюһунан аан дойдуга биллэр Н.О. Кривошапкин аатынан Өймөкөөн орто  оскуолатыгар «Үтүө санаа» аһымал аахсыйата буолан ааста. 

Бу тэрээһин туһунан Өймөкөөн орто оскуолатын 7-с кылааһын үөрэнээччитэ Давид Канаев маннык кэпсээтэ:

Нэһилиэкпит ытык кырдьаҕастарыгар кылаастарынан ким бэйэтэ хомуйбут отонун, ким аккырыыкка оҥорон, ким туорт астаан, ытык кырдьаҕастарбытыгар умнуллубат күнү бэлэхтээтибит.

Быйыл  оскуола боруогун саҥа атыллаан киирбит кырачааннарбыт кылаастарын салайааччытын кытта  (кыл. сал. Винокурова Маурика Михайловна) Биэрэк Үрдүгэр олорор тыыл, үлэ бэтэрээнигэр  Гаврил Аммосовка  ыалдьыттаатылар.

Иккис кылаас кырачааннара (кыл. сал. Аммосова Люция Прокопьевна) РФ, СӨ үөрэҕириитин туйгунугар, СӨ  Үөрэҕириитин Бочуоттаах бэтэрээнигэр   Октябрина Сивцеваҕа отон бэлэхтээтилэр.

Үһүс кылаастар (кыл. сал. Луковцева Тамара Ильинична) үлэ бэтэрээнигэр  Акулина Старковаҕа эмиэ отоннорун бэлэх ууннулар.

Төрдүс кылаастар (кыл. сал. Сивцева Саргылана Егоровна) тыыл, үлэ бэтэрээнигэр  Мария Ефимоваҕа эмиэ отон бэлэхтээтилэр, ырыа ыллаан сэргэхситтилэр.

5-с кылаастар учууталларын кытта (Игорь Михайлович Винокуров) Биэрэк Үрдүн нэһилиэгэр олорор Өймөкөөн улууһун биир  саамай убаастанар Дьоруой Ийэтигэр Рахима Атласоваҕа  ыалдьыттаатылар.

Алтыс кылаастар оскуолабыт биир саамай убаастанар учууталыгар, Өймөкөөн улууһун бочуоттаах олохтооҕор, РФ, СӨ Үөрэҕириитин туйгунугар  Елена Петровна Поповаҕа отоннорун туттардылар.

Сэттис кылаастар (кыл. сал. Репина Людмила Павловна)  Өймөкөөн орто оскуолатын бэтэрээн учууталыгар   Мария  Семеновна Вензельгэ «Кыһыҥҥы битэмиин» диэн ааттаан, айылҕа бэлэҕин анаатылар.

Ахсыс кылаастар (кыл. сал. Марина Ивановна Слепцова) үлэ бэтэрээнигэр  Петр Кондакову  бэйэлэрэ астаабыт туортарынан күндүлээтилэр.

Тохсустар (кыл. сал. Ольга Васильевна Борисова)  СӨ «Үлэҕэ килбиэнин иһин» мэтээл хаһаайкатыгар, педагогическай үлэ Бочуоттаах бэтэрээнигэр  Вера Афанасьевна Аммосоваҕа үөрэн-көтөн отон  бэлэхтэрин туттардылар.

Быйылгы выпускниктар аан дойдуга туризм сайдыытыгар сүҥкэн кылаатын киллэрбит педагогическай үлэ бэтэрээнигэр, кыраайы үөрэтээччи Тамара Васильеваҕа эмиэ айылҕа битэмиинин — отону бэлэх ууннулар.

… Ийэ дойдуга бэриниилээх буолууну сирэйдиир, аттыбытыгар олорор кырдьаҕастарбытыгар болҕомтолоох буоларга бу маннык аһымал аахсыйалары тэрийии — кэм ирдэбилэ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Дьокуускайга кыбартыыра умайан, биэс киһи эчэйдэ

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

6 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха киинэтэ салгыы хайдах сайдыаҕай?

Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…

7 часов ago