Тымныы полюһугар саҥа хочуолунай «Кутаа» хочуолунан үлэлиэҕэ
Бу күннэргэ Тымныы полюһугар Өймөкөөн улууһун Өймөкөөн нэһилиэгин Биэрэк Үрдэ түөлбэтигэр саҥа хочуолунай үлэҕэ киириитин үөрүүлээх аһыллыыта буолла.
Бу туһунан улуус баһылыгын бастакы солбуйааччы Алексей Федотов маннык сырдатта:
— Быйылгы чысхаан тымныылаах кыһыны Өймөкөөн улууһун Биэрэк Үрдүн олохтоохторо саҥа хочуолунайдаах көрсөллөр. Хочуолунай тэрилин аҕалыыны икки сыллааҕыта нэһилиэк олохтоохторо бэйэ көҕүлээһинин бырагырааматыгар (ППМИ) киллэрбиттэрэ. Нэһилиэк баһылыга Павел Васильев сүүрэн-көтөн, тэрил кэмигэр атыылаһыллан, тиэйиллэн, барыта силигин сиппитэ. Быйыл бэс ыйыгар исписэлиистэр ТЭС инвестиция бырагырааматыгар олоҕуран, хочуолунайы таҥан барбыттара. Ититии сезонун саҕаланыыта түөлбэ икки тыын социальнай эбийиэгэ — нэһилиэк кулууба уонна уһуйаан, ону тэҥэ 30 кэтэх олорор дьиэ, үс элбэх кыбартыыралаах дьиэ саҥа хочуолунай тиһигэр холбоммуттара.
Хочуолунай үлэҕэ киириитин уратыта – Тымныы полюһугар үлэҕэ киирбит модульнай хочуолунайга аан бастаан “Якутия” Урутаан сайдыы территориятын (ТОР) резиденэ, Уус-Алдан улууһуттан төрүттээх новатор Юрий Строев бырайыагынан оҥоһуллубут ууну ититэр “Кутаа” хочуол үлэлиэҕэ.
Саҥа модульнай хочуолунай үөрүүлээх аһыллыыта сиэрэ-туома суолталаах историческай түгэн быһыытынан барда. Модульнай хочуолунай үлэҕэ киириитигэр кылааттарын киллэрсибит дьоҥҥо улуус дьаһалтатын салалтатын аатыттан Махтал суруктары, сыаналаах бэлэхтэри туттардым. Олохтоохтор махтал тылларын этэн туран, эҕэрдэ ырыаларын бэлэхтээтилэр.
Суолталаах тэрээһиҥҥэ “Теплоэнергосервис” АО генеральнай дириэктэрэ Максим Трофимов, бу тэрилтэ Өймөкөөн улууһунааҕы филиалын салайааччыта Максим Ямщиков кыттыыны ыллылар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: