Тымныы полюһугар саҥа хочуолунай «Кутаа» хочуолунан үлэлиэҕэ

Share

Бу күннэргэ Тымныы полюһугар Өймөкөөн улууһун Өймөкөөн нэһилиэгин Биэрэк Үрдэ түөлбэтигэр саҥа хочуолунай үлэҕэ киириитин үөрүүлээх аһыллыыта буолла.

Бу туһунан улуус баһылыгын бастакы солбуйааччы Алексей Федотов маннык сырдатта:

Быйылгы чысхаан тымныылаах кыһыны Өймөкөөн улууһун Биэрэк Үрдүн олохтоохторо саҥа хочуолунайдаах көрсөллөр. Хочуолунай тэрилин аҕалыыны икки сыллааҕыта нэһилиэк олохтоохторо бэйэ көҕүлээһинин бырагырааматыгар (ППМИ) киллэрбиттэрэ. Нэһилиэк баһылыга Павел Васильев сүүрэн-көтөн, тэрил кэмигэр атыылаһыллан, тиэйиллэн, барыта силигин сиппитэ. Быйыл бэс ыйыгар исписэлиистэр ТЭС инвестиция бырагырааматыгар олоҕуран, хочуолунайы таҥан барбыттара. Ититии сезонун саҕаланыыта түөлбэ икки тыын социальнай эбийиэгэ — нэһилиэк кулууба уонна уһуйаан, ону тэҥэ 30 кэтэх олорор дьиэ, үс элбэх кыбартыыралаах дьиэ саҥа хочуолунай тиһигэр холбоммуттара.

Хочуолунай үлэҕэ киириитин уратыта – Тымныы полюһугар үлэҕэ киирбит модульнай хочуолунайга аан бастаан  “Якутия” Урутаан сайдыы территориятын (ТОР) резиденэ, Уус-Алдан улууһуттан төрүттээх новатор Юрий Строев бырайыагынан оҥоһуллубут ууну ититэр “Кутаа” хочуол үлэлиэҕэ.

Саҥа модульнай хочуолунай үөрүүлээх аһыллыыта сиэрэ-туома суолталаах историческай түгэн быһыытынан барда. Модульнай хочуолунай үлэҕэ киириитигэр кылааттарын киллэрсибит дьоҥҥо улуус дьаһалтатын салалтатын аатыттан Махтал суруктары, сыаналаах бэлэхтэри туттардым. Олохтоохтор махтал тылларын этэн туран, эҕэрдэ ырыаларын бэлэхтээтилэр.

Суолталаах тэрээһиҥҥэ “Теплоэнергосервис” АО генеральнай дириэктэрэ Максим Трофимов, бу тэрилтэ Өймөкөөн улууһунааҕы филиалын салайааччыта Максим Ямщиков кыттыыны ыллылар.

What’s your Reaction?
+1
5
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Дьокуускайга бастакы тифло-бэстибээл ыытылынна

Дойду үрдүнэн харахтарынан көрбөт дьоҥҥо туһуламмыт «Үрүҥ торуоска» аахсыйа сылын ахсын алтынньы ый 15 күнүттэн…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Кыһын Саха сириттэн саҕаланар» бэстибээл үгэскэ кубулуйда

Быйыл үгэс быһыытынан "Кыһын Саха сириттэн саҕаланар" кыһыҥҥы туризм бэстибээлэ  бэрт  кэрэхсэбиллээх түгэннэри бэлэхтиэҕэ. Ол…

2 часа ago
  • Сонуннар

Урбаанньыт дьахталлар сонун сүүрээннэри торумнаатылар

Бу күннэргэ Дьокуускайга урбаанньыт дьахталлар “Биисинэс эйгэтэ дьахтар көрүүтүнэн” бырайыак олоххо киириитин 10 сыллаах үбүлүөйүн…

3 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Үөһээ бүлүүлэр байыастарга баһыылка ыыттылар

Үөһээ Бүлүү улууһун олохтоохторо байыастарга анаан баһыылкалары бэлэмнээн, икки массыынанан Дьокуускайга ыыттылар. Бу туһунан улуус…

3 часа ago
  • Сонуннар

Таатта улууһун баһылыктарын сэбиэтэ сүбэ мунньаҕы ыытта

Бу күннэргэ баһылыктар сэбиэттэрин уочараттаах мунньаҕар Таатта улууһун социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын уонна тэрилтэлэри кытта бииргэ үлэлээһин…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүөхүмэҕэ ойуур кыылларын аһаталлар

Кыһыҥҥы кэмҥэ кыыл-сүөл ордук эбии аһылыкка наадыйар. Эбии аһылыгы, тууһу уонна сэбирдэхтээх талахтары дьиикэй кыыллар…

4 часа ago