Салгыы
Тымныы полюһугар саҥа модульнай хочуолунай үлэҕэ киирдэ

Тымныы полюһугар саҥа модульнай хочуолунай үлэҕэ киирдэ

24.10.2024, 19:30
Хаартыска -- Наталья Реброва тиксэриитэ.
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ Тымныы полюһугар Өймөкөөн улууһугар саҥа хочуолунай үлэҕэ киидэ.

Онон быйылгы чысхаан тымныыны Өймөкөөн улууһун Биэрэк Үрдүн олохтоохторо саҥа хочуолунайдаах көрсөллөр. Хочуолунай тэрилин аҕалыыны икки сыллааҕыта нэһилиэк олохтоохторо бэйэ көҕүлээһинин бырагырааматыгар (ППМИ) киллэрбиттэрэ.

Ол түмүгэр тэрил кэмигэр атыылаһыллан, тиэйиллэн, барыта силигин сиппитэ. Быйыл бэс ыйыгар исписэлиистэр ТЭС инвестиция бырагырааматыгар олоҕуран, хочуолунайы таҥан барбыттара. Өймөкөөн нэһилиэгин баһылыга Павел Васильев иһитиннэрбитинэн, бу күннэргэ икки тыын социальнай эбийиэк — нэһилиэк кулууба уонна уһуйаан, ону тэҥэ 30 кэтэх олорор дьиэ, үс элбэх кыбартыыралаах дьиэ саҥа хочуолунай тиһигэр холбоннулар.

Модульнай хочуолунай үөрүүлээх аһыллыытын сиэрэ-туома суолталаах историческай түгэн быһыытынан  сэтинньи саҥатыгар ыытыллыаҕа.

+1
11
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
22 ноября
  • -31°C
  • Ощущается: -38°Влажность: 76% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: