Салгыы
Тымныы полюһугар Савелий Оконешников аатынан өрөспүүбүлүкэтээҕи хапсаҕай турнира тэрээһиннээхтик ааста

Тымныы полюһугар Савелий Оконешников аатынан өрөспүүбүлүкэтээҕи хапсаҕай турнира тэрээһиннээхтик ааста

18.12.2023, 09:00
Хаартыска -- Алексей Винокуров тиксэриитэ
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ Өймөкөөн улууһун Томтор нэһилиэгэр тыа сирин оҕолорун успуорт араас көрүҥнэригэр уһуйбут, Тымныы полюһун иккис дойду оҥостубут Чурапчыттан төрүттээх СӨ успуордун уонна физическэй култууратын туйгуна Савелий Оконешников сырдык аатыгар өрөспүүбүлүкэтээҕи хапсаҕай турнира буолан ааста.

Успуорт бу биир кэрэхсэбиллээх тэрээһинин туһунан Томтор нэһилиэгин баһылыга Алексей Винокуров маннык сырдатта:

— Суолталаах күрэхтэһиигэ Дьокуускайтан, Чурапчыттан, Томпоттон, Мэҥэ Хаҥаластан, Чурапчытааҕы физкултуура уонна успуорт институтугар үөрэнэр Үөһээ Бүлүү, Таатта, Дьааҥы о.д.а.  улуустартан 88 хапсаҕайдьыт кэлэн, маастарыстыбаларын көрдөрдүлэр. Бу бачча элбэх киһини барыларын бииргэ тэрээһиннээхтик түмэн, биһиги киэн туттар  биир дойдулаахпыт СӨ көҥүл тустууга кылаабынай тириэньэрэ Александр Оконешников арыаллаан аҕалла. Бу спортсменнары көҕүлүүр тэрээһини Александр Савельевичтыын өссө 2009 сылтан тэрийэн ыытабыт. Биирдэ да көтүппэккэ тэрийэн, турнир өрөспүүблүкэтээҕи спортивнай халандаарга киирэ сылдьыбыта. Биир сылга 17 успуорт маастара кыттыбыт кэмэ баара.  Оччолорго хапсаҕай тириэньэрдэринэн үлэлээбит, тыа сиригэр успуорт сайдыытын өрүү өйүүр Мирон Егоров, Владимир Саввинов, Андрей Степанчук турниры тэрийиигэ олуһун көмөлөспүттэрэ.

Онтон ыла номнуо 14 сыл ааста. Тиһигин быспакка ыытыллан испит  турнир сыстыганнаах дьаҥ кэмигэр тохтоон баран, быйыл эмиэ сөргүтүлүннэ. Олохтоохтор да, спортсменнар да бу тэрээһини олус кэтэспиттэр эбит. Турнир успуорт оскуолатыгар толору дьонноох, ыалдьааччылаах барбыт буолан, саала иһэ оргуйа олордо.

 Онуоха эбии сис былыт кэлэн, халлааммыт эмиэ туран биэрэн, Ийэ Айылҕабыт Савелий Оконешников тэрээһинин анаан арчылаата. Улуус салалтата, нэһилиэктэр баһылыктара өйөөн,  турнирбыт бириистэрэ да дьоһуннаах буолла. Олохтоохтор күөх экранынан эрэ көрөр ааттаа-суоллаах спротсменнара кэлэн, турниры бэркэ сэргэхситтилэр.

Савелий Иванович кэргэнэ Прасковья Оконешникова, улахан уола, Саха сирин көҥүл тустууга хамаандатын сүрүннүүр тириэньэрэ Александр Оконешников, кыра уола Иван уонна кыыстара Майя турниры спонсордаатылар.

Спортивнай тэрээһини өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр-көстөр спортсменнар, биһиги биир дойдулаахтарбыт олуһун киэргэттилэр. Ол курдук, тустууга РФ уонна СӨ успуордун маастара Любомир Ашеин, хапсаҕайга Саха сирин успуордун маастардара Александр Семейщиков, Павел Березкин, хапсаҕайга, тустууга ааттара биллэн эрэр хапсаҕайдьыттар Алексей Канаев, Алексей Вензель, Алексей Репин, Айтал Громов, кыттыыны ыллылар. Алексей Вензель аҕата анал байыаннай дьайыыга дойдутун чиэһин хорсуннук көмүскүү сылдьан, сырдык тыына быстыбыта.

Тымныы полюһун олохтоохторо тустуунан утумнаахтык дьарыктаныыларын туоһута — аҕа ууһунан кыттыы буолар. Ол курдук, Үчүгэй нэһилиэгин ытык ыала Любимовтар дьиэ кэргэнтэн 7 хапсаҕайдьыт кииристэ: Ефрем Любимов, бэйэтин кэмигэр кимиэхэ да иннин биэрбэтэх Прохор Громов уолаттара Айтал, Айсаан Громовтар, Алмаз, Чингиз Егоровтар, Сулус Казарин уонна сиэн уол Агмал Николаев маастар-кылааска тэҥнээх хапсыһыыны көрдөрдүлэр.

Оттон Өймөкөөнтөн бэтэрээн-тириэньэр Василий Борисов сиэннэрэ, бырааттыы Олег, Алексей Княжевтар уонна Петр Борисов кытыннылар. Аны бырааттыы Петр, Давид Атласовтар, бырааттыы Михаил Вензель, Василий, Саша Винокуровтар — хаан-уруу аймах тустууктар  туринирга кыттан, тэрээһини олус дириҥ ис хоһоонноотулар.

Тыҥааһыннаах киирсиилэр түмүктэриттэн томтордор олус астыннылар. Ол курдук, улахан ыйааһыннаахтарга ыалдьыппыт, СӨ тустууга алта төгүллээх чөмпүйүөнэ, СӨ хапсаҕайга чөмпүйүөнэ, Мэҥэ Хаҥалас хапсаҕайдьыта Константин Власов муҥутуур кыайыылааҕынан тахсан, Томтор нэһилиэгин дьаһалтатын анал бирииһинэн — 50 тыһ. солк. харчынан бириэмийэлэннэ.

Кыра ыйааһыннаахтарга эрэллээхтик бэйэбит оҕобут, билигин Дьокуускайга олорор Алексей Вензель кыайыыны ситиһэн, эмиэ Томтор нэһилиэгин дьаһалтатын анал бирииһинэн — 100 тыһ. солк. харчынан наҕараадаланан, биир дойдулаахтарын улаханнык үөртэ. Оҕолорго кэскиллээх хапсаҕайдьыт Степан Шпнев ааттаах-суоллаах утарсааччыларын хотон, кыайыы сырдык дьаралыгар куустарда. Кини нэһилиэк урбаанньыта Петр Протопопов анал 30 тыһ. солк. бирииһин хаһаайынынан буолла. Онон үс абсолютнай чөмпүйүөнтэн иккитэ – Өймөкөөн ыччаттара! Дьэ, бу улахан ситиһии.

Хапсаҕай туринирын олус тэрээһиннэхтик ыыппыт Томтордооҕу Оҕо-спортивнай оскуолатын үлэһиттэриттэн саҕалаан (дириэктэр Полина Сивцева), икки күнү быһа саха национальнай тэрилигэр — күпсүүргэ оонньоон хапсыһыылары тупсаран биэрбит ыччаттарга, күрэхтэһиини киэргэппит үҥкүүһүттэргэ, волонтердарга, диктор Марианна Ксенофонтоваҕа, олохтоохтор “Өймөкөөн Көрдүгэнэ” диэн таптал ааты иҥэрбит комментаторбытыгар Владимир Саввиновка, тустуу бырааһынньыгын бэлэхтээбит спортсменнарга уонна кинилэр тириэньэрдэригэр барҕа махталбытын тиэрдэбит.

Тэрээһин чэрчитинэн Савелий Оконешников дьиэ кэргэнэ аҕаларын туһунан таһаарбыт кинигэлэрин биһирэмэ олус иһирэхтик, долгутуулаахтык ааста. Савелий Иванович Өймөкөөн сиригэр олорон чугастык алтыспыт дьонугар бэрт дириҥ ис хоһоонноох кинигэни  бэлэх ууннулар.

Тыа сирин ыччаттарын успуорка угуйбут Савелий Оконешниковы Өймөкөөн улууһун дьоно-сэргэтэ өрүү махталынан ахтыахтара.

+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
30 января
  • -38°C
  • Ощущается: -38°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: