Тымныы полюһугар Томторго саҥа хочуолунай үлэҕэ киирдэ
Бу күннэргэ Өймөкөөн улууһун Томтор нэһилиэгэр “Рабочай” түөлбэҕэ саҥа хочуолунай үлэҕэ киирэн, нэһилиэк кииниттэн ыраах Эбэ Хайатын аттыгар олорор ыаллар итиинэн толору хааччылыннылар.
Бу сытыы боппуруоһу олохтоохтор ситэриилээх былаас таһымыгар туруорсубуттара быданнаата. Бырабыыталыстыба отчуотун аайы тустаах боротокуолга киирэр кыаллыбат боппуруос быйыл дьэ быһаарылынна.
«Теплоэнергосервис» ХЭУо Өймөкөөн улууһунааҕы филиалын салайааччыта Максим Ямщиков иһитиннэрбитинэн, саҥа хочуолунайга 29 чааһынай дьиэ холбонно. Бу дьиэлэри холбуурга 7,5 км ититэр ситим турбата тардылынна.
— Хочуолунай Арассыыйа эрэгийиэннэригэр оҥоһуллубут тэрилинэн таҥылынна. Онон хаачыстыбалааҕа номнуо бу күннэргэ тымныы түһэн биллэн эрэр. Бүгүҥҥү күҥҥэ Тымныы полюһун хочуолунайдара чоҕунан толору хааччыллан олороллор. Ол курдук, Уус Ньара хочуолунайдарыгар 17 тыһыынча туонна чох уонна нэһилиэктэргэ 11 тыһыынча чох тиэллибитэ. Онон былааны аһара толоруу бэлиэтэннэ. Кыһыҥҥы суол аһыллаатын кытта ахсынньыга чоҕу Дьабарыкы Хайаттан тиэйиэхпит, — диэн бэлиэтээтэ тэрилтэ салайааччыта Максим Ямщиков.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: