Кулун тутар 30-31 күннэригэр Өймөкөөн улууһугар “Тымныы полюһа – Өймөкөөн” кыһыҥҥы туризм бэстибээлигэр урбаанньыттар пуорумнара ыытыллыаҕа.
Быйыл пуорум чэрчитинэн биир сонун сүүрээнинэн туризмынан дьарыктанар дьоҥҥо анаан практическай сиэссийэ ыытыллара былааннанар. Тэрийээччилэр иһитиннэрбиттэринэн, кыттааччылар 8 бөлөххө хайдыһан, улуус нэһилиэктэригэр ханнык туристическай хайысхалары сайыннарыахха сөбүн торумнуохтара.
Ол курдук, 1-кы бөлөх кыттааччылара (Томпо, Таатта, Чурапчы улуустарын урбаанньыттара) — “Халыма” федеральнай айан суолун устатыгар араас өҥөнү (сервис) оҥоруу хайысхатын дьүүллэһиэхтэрэ.
2-с бөлөх кыттааччылара (Уус Ньара бөһүөлэгин баһылыгын э.т., урбаанньыттар) «Уус Ньара – көхтөөх сынньалаҥ киинэ» тиэмэҕэ хайыһар баазатын оҥоруу, альпинизм, хайаҕа ыттыы, уунан устуу боппуруостарын быһаарыахтара.
3-с бөлөх кыттааччылара (Өймөкөөн нэһилиэгин баһылыга, урбаанньыттар, тэрилтэлэр салайааччылара) — «Өймөкөөн – кыһыҥҥы куруорт» бырайыагы торумнуохтара.
4-с бөлөх кыттааччылара (Томтор нэһилиэгин баһылыга, урбаанньыттар, тэрилтэлэр салайааччылара) «Тымныы хаһаайына Чысхаан резиденцията» бырайыак чэрчитинэн нэһилиэккэ туризмы сайыннарар эбийиэктэри ырытыахтара.
5-с бөлөх кыттааччылара (Сордоҥноох нэһилиэгин баһылыга, урбаанньыттар, тэрилтэлэр салайааччылара) «Сордоҥноох – маастардар түөлбэлэрэ» бырайыагы дьүүллэһэн баран көмүскүөхтэрэ.
6-с бөлөх кыттааччылара (Үчүгэй нэһилиэгин баһылыга, урбаанньыттар, тэрилтэлэр салайааччылара) «Үчүгэй нэһилиэгэ – эбээн култууратын киинэ» бырайыакка этиилэри киллэриэхтэрэ.
7-с бөлөх кыттааччылара (туристары кытта үлэлиир урбаанньыттар) Өймөкөөн улууһугар баар туристическай бэлиэ сирдэр баазаларын (Лабыҥкыр, Хороту, Муус-Хайа, таба ыстаадалара) тустарынан дьүүллэһиэхтэрэ.
8-с бөлөх кыттааччылара (улуус салалтата, дьокутааттар, тэрилтэлэр салайааччылара) «Тымныы полюһа Өймөкөөн – ураты климатическай статус» туһунан сокуону көҕүлээһин боппуруоһун үөрэтиэхтэрэ.
Хас биирдии бөлөх бэйэтин бырайыагын 6 мүнүүтэ иһигэр көмүскээн баран, докумуон быһыытынан оҥорон, Урбаан пуорумун тэрийэр хамыыһыйаҕа туттарыаҕа.
Ити курдук, Тымныы полюһа Өймөкөөн урбаанньыттарын үлэлэригэр төһүү буолар хайысхалары пуорум кыттааччылара бары бүттүүн сүбэлэһэн тобулуохтара.
yk24.ru
Ааспыт сууккаҕа Саха сиригэр 5 буруйу оҥоруу тахсыбыта бэлиэтэммит. Бу туһунан СӨ Борокуратууратын пресс-сулууспата суруйар.…
Саха сиригэр национальнай бырайыактары олоххо киллэриитин алта сыл иһигэр 170 эбийиэк тутулунна: 44 оскуола, 24…
Хаҥалас оройуонугар ДПС инспектордара трассаҕа умуллубут массыыналаах суоппар кыыска көмө оҥордулар. Томороон тымныыларга массыына айаннаан…
Саҥа сылга үктэнээт, киин куоракка култуура кииннэригэр, тыйаатырдарыгар араас ис хоһоонноох дьон сынньалаҥар туһуламмыт тэрээһиннэр…
Тохсунньу 5 күнүгэр социальнай ситимнэринэн Кириэмилгэ Арассыыйа Дьоруойа аатынан Муома улууһуттан Сааһыыр олохтооҕун наҕараадалыахтара диэн…
Эдьигээн оройуонугар аварийнай-чөлүгэр түһэрэр үлэни ыытыыга Ил Дархан Айсен Николаев ахсынньы 5 күнүгэр киэһэ ыксаллаах…