Салгыы
Тымныы полюһугар үлэ бэтэрээннэрэ сайыннарын көхтөөхтүк атааран эрэллэр

Тымныы полюһугар үлэ бэтэрээннэрэ сайыннарын көхтөөхтүк атааран эрэллэр

20.07.2024, 18:25
Хаартыска -- Дария Тихомирова түһэриитэ
Бөлөххө киир:

Быйылгы сылга Тымныы полюһа Өймөкөөн улууһун Томтор нэһилиэгэр Н.М. Заболоцкай-Чысхаан аатынан кыраайы үөрэтэр түмэл  “Дойдум дьоно” бырайыагын чэрчитинэн “Мин устуоруйам — мин Өймөкөөнүм» диэн ытык саастаах дьону түмэр анал тэрээһин ыытыллар буолла.  

Бу туһунан Өймөкөөн улууһун “Хотугу сардаҥа”  хаһыат уопсастыбаннай кэрэспэдьиэнэ Дария Тихомирова маннык кэпсиир:

Быйылы быһа Томтор нэһилиэгин аҕам саастаахтарыгар анаан араас сэргэ тэрээһин ыытыллан, үгүс дьон бэрт көхтөөхтүк кытталлар. Иккилиии нэдиэлэ устата интэриэстэринэн дьарыктаналлар, дууһалыын сынньаналлар. Түмэл салайааччыта  Айталина Иванова бастаан манна сылдьыан баҕалаахтары түмэн, сылаас астаах сандалы тула олорон былаанын билиһиннэрбитэ. Кини этэринэн, хас биирдии олохтоох киһи дойдутун туһугар үлэлээн киллэрбит сырата, кылаата, үлэтэ-хамнаһа устуоруйаҕа киирэн, сурукка тиһиллэн, үүнэр көлүөнэҕэ үтүө өйдөбүнньүк уонна холобур буолан хаалыахтаах.

Соторутааҕыта Айталина Иванова Томтордооҕу кыраайы үөрэтэр түмэлгэ аҕам саастаахтары түмэн,  улуус биир киэн туттар киһитин, оройуон бочуоттаах гражданинын, РФ үтүөлээх учууталын, улуус устуоруйатын үйэтитиигэ үгүс сыратын биэрэн үлэлээбит кыраайы үөрэтээччи Мария Боярованы ыҥыран,  А.Е. Кулаковскай-Өксөкүүлээх Өлөксөй «Үрэх Төрдүгэр» тэрийэн ыыппыт ыһыаҕа быйыл 100  сыллаах үбүлүөйүнэн сибээстээн, Өксөкүүлээх Өлөксөй Өймөкөөнү кытта сибээһин туһунан бэркэ иһийэ олорон, долгуйа иһиттибит уонна улуу бөлүһүөк туохха да тэҥнэммэт дириҥ көрүүлээх «Ойуун түүлэ» диэн айымньытыгар олоҕурбут киинэни көрдүбүт. Өксөкүлээх үйэлэри өтө көрүүтэ, кини тылын мунура суох баайа барыбытын сөхтөрдө-уйадытта. Эбиитин Мария Поликарповна үөрэппит куруһуогун оҕото Влад Сивцев хас да сыллааҕыта үөрэппит “Оттоку олоҕун алгыһын» өйдүү сылдьарын этэн ыыппытын истэн, “биһиги ортобутугар сүҥкэн талааннаах ыччаттардаахпыт” диэн киэн туттуу санаата сүрэхпитин долгутта. Онон бөлүһүөк дьоммутун өрүү кэпсии-сэһэргии, сырдата-саната сылдьар учууталбытыгар Мария Бояроваҕа истиҥ махталбытын тиэрдэбит.

Бу манан бүппэт. Аны бырайыак кыттыылаахтара бу күннэргэ Өймөкөөн нэһилиэгэр баран кэллибит. Биһигини бу нэһилиэккэ эмиэ улуус аатырбыт кыраайы үөрэтээччитэ, туристары кытта үлэһэр урбаанньыт Тамара Васильева арыаллаан илдьэ сырытта. Кини улуус устуоруйатыттан үгүс интэриэһинэйи кэпсээтэ. Самаан сайын чаҕылхай, куйаас күнүгэр итии куттаах Өймөкөөн нэһилиэгин дьонугар ыалдьыттаан, сылаас сүүрээнинэн угуттанан, дуоһуйа сынньанан, билиибитигэр билии эбинэн кэллибит.

Аны бу күннэргэ үлэ бэтэрээннэрэ улуус биир кэрэ көстүүлээх, туристар сөбүлээн сылдьар сирдэригэр “Хороту” күөлгэ баран күүлэйдээн кэллилэр.

Онон дьиэ кэргэн сылыгар Томтор нэһилиэгин аҕам саастаах далбар хотуттара быйылгы сайыннарын олус туһалаахтык атаардылар.

+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -39°C
  • Ощущается: -39°Влажность: 74% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: