Тымныы полюһун Кыыс Күөлүн сибэккитэ Арассыыйаҕа тиийэ билиннэ

Share

Бу күннэргэ социальнай ситимнэргэ Тымныы полюһунан аатырар Өймөкөөн  Кыыс Күөлүгэр сыл аайы үүнэр кэрэ бэйэлээх сибэккилэр хаартыскалара хото тарҕанна.

Көхтөөх уопсастыбанньык, аатырбыт фотограф Семен Сивцев-Өймөкөөн Сэмэнэ бу үлэтин туһунан сиһилии маннык кэпсиир:

— Кыыс Күөлэ — Өймөкөөн улууһун биир дириҥ (муҥутуур дириҥэ 16 миэтирэҕэ тэҥнэһэр) уонна олус ыраас уулаах күөллэриттэн биирдэстэрэ. Бу күөл Өймөкөөн нэһилиэгиттэн хотугулуу арҕаа 12 килэмиэтирдээх сиргэ баар. Кыыс Күөлэ (бэйэтин аатынан  — «Кыыс Күөлүн Хайата») от ыйыгар ып-ыраас  күөх дьэҥкир уутун күн уотугар күлүмүрдэтэр. Бу күөл маннааҕы күөллэртэн сайынын хойутуу сайар уонна кыһыары саамай кэнники тоҥор күөл буолар. Манна сайын аайы от ыйын ортотуттан атырдьах ыйын 10 чыыһылатыгар диэри сүрдээх үчүгэй уу лилиялара үүнэллэр.

Үһүйээн быһыытынан, былыыр-былыр бу күөл суоҕун кэриэтэ эбит. Бу алааска бэйэлэрин кыанар ыал олорбут. Кинилэр өтөрүнэн биллибэтэх олус кэрэ бэйэлээх кыыс оҕолоохтор эбит. Кыыстара сааһын ситиитэ кини кэрэтин туһунан улуус, улуус аайы киэҥ сурахтар уос номоҕо буолан тэнийэ көппүттэр. Арай биирдэ тас улуустан бэрт баай ыал аҕалаах уол кэлэн кыыс дьонунаан оҕолорун холбуур гына илии тутуһан барбыттар. Кыыс барахсан оҕо эрдэҕиттэн тэҥҥэ мэниктээн улааппыт аттынааҕы алааһын дьадаҥы уолун сүрэҕэр илдьэ сылдьар буолан олох буолумматах. Илии охсуллубут уруу болдьоҕун күнүгэр тас улуустан күтүөт дьоно халыым батыһыннаран айгыстан аҕай кэлбиттэр. Кыыс ийэлээх аҕатыгар туора улуус дьонугар ойох бэрдэрбэт гына элэ была тылын этэ сатаабыт даҕаны, дьоно илии охсуллубут тылларын ыһыктыбатахтар. Кыыстарын көрдөһүүтүн ылымматахтар. Ол курдук, уруу буолар биир күнүн иннинэ кыыстара барахсан ытаан-ытаан баран аан дойдуттан арахсар тиһэх тылларын таптыыр тиит маһыгар этэн, ол мас суон мутугар моҥнон хаалар. Былыргы үһүйээн быһыытынан ол кыыс ытаабыт хараҕын уутуттан бу күөл (Кыыс Күөлэ) үөскээбитэ эбитэ үһү. Ол иһин бу күөл ып ыраас уута харах уутун курдук туустаах амтаннаах. Кини кэрэтин ханыылаан хас сайын аайы бу күөл ыраас ньууругар олус кэрэ үп-үрүҥ уу лилиялара күнү көрсө сып-сырдыгынан арылыччы көрөн, ол кэрэ кыыс тыллыбатах олоҕун ситэрэн, кэрэни туойан уйгулаах күөх сайыммытын уруйдууллар. Олох күүһүн салҕыыллар.

Кыыс Күөлүгэр үрүҥ лилиялар быыстарыгар арыт олус сэдэх оруоса курдук сырдык лилиялар үүнэллэр.

Былырыын Өймөкөөҥҥө дойду киин эрэгийэннэриттэн биолог-учуонайдар анаан кэлэн, оруоса өҥнөөх лилияны көрөн үөрэтэр, чинчийэр сыаллаах гербарий оҥорон, анаан илдьэ баарбыттара. Кинилэр «Арассыыйа үгүс сиригэр сырыттыбыт эрээри,  оруоса өҥнөөх  уу лилиятын аан бастаан көрдүбүт» диэбиттэрэ. Онон бүтүн Арассыыйа  үрдүнэн Кыыс Күөлүгэр эрэ «оруоса кувшинкалар» үүнэллэр эбит.

What’s your Reaction?
+1
17
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Быһылаан
  • Сонуннар

Быһаҕынан анньыллан балыыһаҕа киирбит

Ааспыт сууккаҕа өрөспүүбүлүкэҕэ буруйу оҥоруу түөрт түбэлтэтэ тахсан, СӨ Борокуратууратын хонтуруолугар ылылынна. Нам улууһугар Бүтэй…

17 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ил Дархан Энэргиэтик күнүнэн эҕэрдэлээтэ

Бүгүн Энэргиэтик күнэ бэлиэтэнэр. Бу бэлиэ күнүнэн Ил Дархан Айсен Николаев энэргэтиичэскэй тиһик үлэһиттэрин, бэтэрээннэрин…

35 минут ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Гаврил Алексеев: “Уот ситимэ арахсара аҕыйаата”

Элэктэриичэстибэ  уотуттан, ититииттэн биһиги олохпут быһаччы тутулук­таах. Онон, Саха сирин курдук тыйыс усулуобуйалаах дойдуга энэргиэтикэ …

37 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Элгээйигэ — дуобат күрэҕэ

Бу күннэргэ Сунтаар улууһун Элгээйи нэһилиэгин Уйбаан Нуолур аатынан модельнай бибилэтиэкэҕэ үгэс буолбут сылын аайы…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бүгүн сорох сиринэн хаар түһүөҕэ

Бүгүн, ахсынньы 22 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ арҕаа, соҕуруулуу-илин, соҕуруу өттүгэр кыралаан хаардыаҕа, киин оройуоннарга сорох сиринэн…

3 часа ago
  • Оҕо саас сыла
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ил Дархан Харыйата  буолан ааста

Бүгүн Саха цииркэтигэр сылга биирдэ ыытыллар дьоро күн буолла – Ил Дархан үгэскэ кубулуйбут Харыйата.…

14 часов ago