Тымныы полюһун Сордоҥнооҕор эргэ дьиэлэри көтүрэр соруктаахтар

Share

Тымныы полюһа Өймөкөөн улууһун Сордоҥноох нэһилиэгэ сыл аайы норуот көҕүлээһинин  (ППМИ) бырайыагар кыттар.

Нэһилиэк баһылыга Альберт Вензель бу кэскиллээх хамсааһыҥҥа кыттыы туһунан санаатын маннык үллэһиннэ:

Биһиги сыл аайы ыытар сайаапкабыт учуоттанан, бырагыраама куонкуруһугар кыайыылааҕынан тахсан, кэлиҥҥи сылларга нэһилиэкпит биллэ тубуста, саҥа тутуу үксээтэ. Ол курдук, нэһилиэк култуурунай паарката, өрөспүүбүлүкэҕэ аатырбыт сайыҥҥы бассейн, спортивнай былаһаакка, оскуола өрөмүөнэ, «АгроМаш-90 ТГ» тыраахтарбытыгар саппаас чаастарын булуу — нэһилиэкпит тыын боппуруостара норуот көҕүлээһинин бырагырааматын чэрчитинэн олоххо киирбиттэрэ. 

Быйылгы мунньаҕынан нэһилиэк олохтоохторо эргэрбит, хаарбах туруктаах туһаттан тахсыбыт дьиэлэри уонна эбийиэктэри көтүрүүгэ туһаайдылар.

Онон үбүлээһини маннык аттарар буоллубут: өрөспүүбүлүкэ көрөр бүддьүөтүттэн 2 мөлүйүөн солкуобай, олохтоох бүддьүөттэн — 200 тыһыынча солкуобай, олохтоох нэһилиэнньэ – 60 тыһыынча солкуобай, «Биэрэк Үрдэ» ХЭУо — 150 тыһыынча солкуобай. Онон уопсайа бырайыакпытыгар 2 410 000.00 солкуобай наада.  

Сордоҥноох нэһилиэгин олохтоохторо өрөспүүбүлүкэ салалтатыгар, Үп министиэристибэтигэр бу маннык норуот көҕүлээһинин  (ППМИ) бырайыагын тэрийэн ыытарыгар барҕа махталын тиэрдэбит. 

… Өрөспүүбүлүкэ нэһилиэктэрин аайы эргэ дьиэлэр, хотоннор тас көстүүнү «буортулаан» тураллара баар суол. Онон бэрт кэскиллээх былаан — быйылгы бырайыактар куонкурустарыгар сордоҥноохтор сайаапкалара эмиэ болҕомтоҕо ылыллан, эргэ дьиэлэри көтүрэр бырайыактара олоххо киирэригэр баҕарабыт.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

2025 сылга хамнас муҥутуур алын кээмэйэ үрдүөҕэ

Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин 2025 сылга Арассыыйаҕа хамнас муҥутуур алын кээмэйин 22 440 солк. аныырга…

17 минут ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Нэдиэлэтээҕи гороскоп (сэтинньи 1–8 күннэрэ)

ХОЙ Айар эйгэлээх хойдорго үтүө кэм. Атын омук тылын үөрэтэргэ, саҥаны ылынарга сөптөөх кэм үүммүт.…

47 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Хоту улуустарынан -40°С кыраадыска диэри тымныйар

Саха сиригэр сэтинньи 1 күнүгэр үгүс оройуоннарынан хаар түһэрэ күүтүллэр. Хотугулуу-илин өттүгэр сөҥүүтэ суох. Кыра…

1 час ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Тускул сэтинньини анаарда

Сэтинньи саха саамай сүгүрүйэр ыйа -- өбүгэ Байанайы кытта ыкса сибээстиирэ. Махталлаах булчукка Байанай хара…

12 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Байыастарга халыҥ таҥаһы хомуйуу сэтинньи бүтүөр диэри салҕанар

Бу туһунан бүгүн  #МЫВМЕСТЕ эрэгийиэннээҕи салаатын салайар Айыллаан Винокуров эттэ.  "Ыстаап халыҥ таҥаһы-сабы, наадалаах малы-салы уонна…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Чараас муус кутталлаах

Оҕолор снегоходунан Бүлүү эбэни туоруур видеолара тарҕанна. Суруйбуттарынан Үөһээ Бүлүү улууһугар диэбиттэр. Бу туһунан Саха…

12 часов ago