Салгыы
Тымныы полюһун Томторо эһиил саҥа бульварданыаҕа

Тымныы полюһун Томторо эһиил саҥа бульварданыаҕа

06.06.2024, 19:02
Хаартыска -- Алексей Винокуров тиксэриитэ.
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ Өймөкөөн улууһун Томтор нэһилиэгин олохтоохторугар улахан үөрүүлээх сонун кэллэ – дойду үрдүнэн куйаар ситиминэн ыытыллыбыт 14.gorodsreda.ru куоластааһын куонкуруһугар Обручев уулуссатын бульвара кыайыылааҕынан тахсан,   “Куораттыы эйгэни тупсарыы”  уонна “Олорор дьиэ уонна куораттыы эйгэ” национальнай бырайыактар чэрчилэринэн бу эбийиэги саҥардан тутууга  федеральнай үбүлээһин көрүллүөҕэ.

Барыта 67 бырайыак киирбититтэн кыайыылааҕынан 32 эбийиэк талыыллыбыт. Тымныы полюһунан аатырар Өймөкөөҥҥө Сергей Обручев аатын үрдүк туталлар, киэн тутталлар.  Аан дойдуга саамай тымныы сир буоларын Хотугулуу-Илин Сибиири чинчийээччи, ССРС наукаларын чилиэн-кэрэспиэдьиэнэ, географ, геолог Сергей Обручев дакаастаан, докумуоҥҥа тиспитэ.

Томторго 1933 сыллаахха олунньу 6 күнүгэр  67,7 °С кыраадыһы бигэргэппит аатырбыт метеорологическай ыстаансыйа баар.  Тымныытынан биллэр Өймөкөөн улууһа хаста да Гиннесс рекордун кинигэтигэр киирэн турар. Томтордор учуонай Сергей Обручев аатын дьоһуннаахтык үйэтиппиттэрэ. Ол курдук, кыраайы үөрэтэр түмэл аттыгар  билигин “Обручев Остуолбатынан” биллэр астрономическай пуун баар. Томторго кини олорбут дьиэтэ баар. 2016 сыллаахха Сергей Обручев 125 сылыгар кини аатынан искибиэр аһыллан,  чинчийээччи пааматынньыга (бюст) оҥоһуллан турбута. Томтор нэһилиэгин олохтоохторо аны бары көхтөөхтүк куоластааһын куонкуруһугар кыттан, Обручев аатынан уулусса бульварын оҥоһуутугар федеральнай үбүлээһин көрүллүүтүн ситистилэр.

Бульвары тупсаран оҥоруу туһунан нэһилиэк баһылыга Алексей Винокуровы кытта кэпсэттибит.

Томтор киин уулуссатыгар нэһилиэк киэн туттар эбийиэктэрэ тураллар – меценат-атыыһыт Ньукулай Кырбаһааҥкын пааматынньыга, Кыайыы мемориала уонна саха атыгар пааматынньык. Бүгүҥҥү күҥҥэ Обручев уулуссата кумахтаах буорунан бүрүллэн турар, ханан да тротуар, киһи олоро түһэн сынньанар сирэ суох. Баһылыгынан быыбарданан үлэбин саҕалыырбар бу бульвары саҥардан оҥорорго ылсыбытым. 300 тыһыынча солкуобайга анал бырайыак оҥорторбуппут.

Былырыын Олоҥхо ыһыаҕын эбийиэктэригэр киллэттэрээри гыммыппытын, үбүлээһин олох кэмчи диэн, испииһэккэ кыайан киирбэтэҕэ. Онон сыл аайы олохтоох бүддьүөттэн харчы тыыран, сыыйа олоххо киллэрэн иһиэхпит диэн былааннаабыппыт. Ол үлэбит төһө өр барыа биллибэт этэ буоллаҕа. Хата, бу куоластааһын куонкуоруһгар кыайан, уулуссабыт бульварын саҥардыыга эһиилгиттэн федеральнай үп көрүллэн, киин уулуссабыт биллэ тупсуоҕа.

Кэлиҥҥи сылларга Томтор нэһилиэгэ киһи билбэт гына тупсан эрэр. Сотору олохтоох көҕүлээһининэн кыайбыт эбийиэкпитин – уу турбатын холбуохпут. Саҥа хочуолунайбыт тутуллан үлэҕэ киирбитэ. Аны бу күннэргэ Куйдуһун муостатын олоххо киллэриэхпит. Онон, түгэнинэн туһанан, олоххо өрүү көхтөөх биир дойдулаахтарбар истиҥ махталбын  тиэрдэбин. Туохха бырытыгар өрүү бу маннык түмсүүлээхтик ылсан, төрөөбүт Томторбутун тупсара, киэргэтэ туруохха. Биһигини кытта өрүү ситиһии сиэттистин!

 

+1
4
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
13 октября
  • -7°C
  • Ощущается: -13°Влажность: 79% Скорость ветра: 4 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: