Салгыы
Тымныыбыт сыыһа-халты туттууну “мүччү” туппат

Тымныыбыт сыыһа-халты туттууну “мүччү” туппат

Ааптар:
04.02.2024, 18:00
Хавртыска: РБ2 пресс-сулууспатын хаартыската
Бөлөххө киир:

Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №-дээх балыыһа-Мэдиссиинэ суһал киинин уокка сиэтиини уонна үлүйүүнү эмтиир отделениета 2021 сыллаахха В.В.Божедонов аатынан кииҥҥэ уларыйбыта. Онон, Тымныыга үлүйүүнү уонна иһэлитиини эмтиир уратылаах киин (сэбиэдиссэй Светлана Владимировна Семенова) биһиги эрэ эрэгийиэҥҥэ баарын бары билэбит.

Үксүгэр, тоҕо эрэ, бу балыыһаҕа итирик сылдьан былдьаммыт эрэ дьон киирэрин курдук санаан ылыы баар буолааччы. Ол эрэн, 1984 сылтан үлэлии сылдьар травматолог-ортопед, үрдүк категориялаах быраас Семен Николаевич Алексеев үлэлээбит кэмнэрин ахтан-санаан ааспытынан, хартыына арыый атын. Кинилэргэ айылҕа соһуччу иэдээнигэр түбэспит булчуттар, балыксыттар, табаһыттар эбэтэр массыыналара суолга алдьанан тарбахтарын үлүппүт дьон, уо.д.а. күүтүллүбэтэх быһылааҥҥа түбэһэн бу отделениеҕа киирэллэр.

Приемнай хостон саҕаланар…

Үлүйбүт киһини Кииҥҥэ аҕаллахтарына, аан бастаан каталканан сылаас сиргэ киллэрэллэр, приемнай хоско көрө охсоот, тута эмтэниини ааһыахтаах хоһугар аһараллар. Организм уопсай үлүйүүтэ диэн баар, ол аата киһи бүтэйдии тоҥон хаалбыт буолар. Кини өйүн сүтэрэр, тымныйбытын билбэт. Аан маҥнай кини үлүйүүтэ ханнык кэрдиискэ тиийбитин быһаараллар. Тоҥмутунан сылдьар (дореактивнай) буоллаҕына, иһиттэн сылытан, хос температуратыгар эппиэттиир суурадаһыны таммалаталлар. Онтон ирбитин кэннэ (реактивнайга) кэлбит буоллаҕына, бэрэбээски оҥороллор, хабаҕын кыратык аһаллар, наһаа улаханнык испит буоллаҕына, тарбахтарын көнөтүк тутарын, тымырдара өҕүллүбэтин курдук шина уураллар. Үлүйбүт сирэ чөлүгэр түһэр кэмигэр биир балаһыанньаҕа туттахха, испитэ түргэнник ааһар. Ити эмиэ олус суолталаах. Ити кэнниттэн эминэн-томунан уопсай эмтээһин саҕаланар.
Икки быраастан, биир анестезиологтан турар дьуһуурунай симиэнэ суукканы быһа үлэлиир.
Үлүйэн киирбит дьон үксэ үлэлиир саастаах дьон буолаллар. Кэнники кэмҥэ хам-түм кыра оҕолор эмиэ киирэллэр эбит. Холобур, оҕо барахсан төрөппүттэрэ суохтарына, күүлэҕэ тахсан баран, аанын кыайан аспакка начаас үлүйэр кутталлаах.

Үлүйүү көрүҥэ араастаах

Үгүс үөрүйэхтээх Семен Алексеев этэринэн, үлүйүү 4 кэрдиистээх:
Бастакы – иһэлийии. Иһэлийбит сир кытарар, кыратык ыалдьар буолуон сөп.
Иккис – тоҥмут сир кытарар, хабыллан тахсар. Хабах иһигэр дьэҥкир эбэтэр саһархай өҥнөөх уу мустар.
Үһүс – үлүйбүт сир кытарар, эмиэ хабыллан тахсар, хабах иһинээҕи убаҕас хааннаах буолар, сорох сиринэн этэ быһыта барар.
Төрдүс – тирии, эт-сиин барыта үлүйүүтэ.
Үлүйүү икки кэрдиис кэмҥэ арахсар: ириэн иннинэ (дореактивное) — тоҥмутунан сылдьар уонна ирбитин кэннэ (реактивное) – дьиэҕэ киирэн ириэрии.
Ириэн иннинээҕи кэрдиискэ киһи көннөрү тоҥмут, этэ-сиинэ испэтэх, хамнаабат буолар. Онтон ирбитин кэннэ кэрдиискэ хайыы үйэ иһэр, тарбахтарын дьүһүнэ уларыйар.
Ол иһин, дьиэҕэ-уокка маҥнайгы көмө уопсай тосхолунан үлүйбүт киһини иһиттэн сылытыы буолар.
Үлүйбүт киһини ириэн иннинэ, урукку курдук, тута хаарынан, арыгынан-испииринэн сотор-аалар, массаастыыр көҥүллэммэт. Тоҕо диэтэххэ, кыра тымырдара – капиллярдара быһа бараллар уонна содула улахан буолар, ол эбэтэр көмө оҥорорго сыыһа-халты туттартан бааһа улахан буолуон сөп.
Ол оннугар үлүйбүт сири холку соҕустук кураанах таҥаһынан суулууллар, сыыйа ириэрэллэр, итии чэй эбэтэр кофе иһэрдэллэр. Ол кэнниттэн учаастакка буоллаҕына — биэлсэри, онтон киин сиргэ “суһал көмөнү” ыҥырыллар.
Сүрүнэ — тоҥмут киһи сыыйа уонна иһиттэн ириэхтээх. Биһиги үлүйбүт, улаханнык тоҥмут киһини хас да чаас устата иһиттэн ириэрэн эрэ баран эмтиибит.
Үлүйүү сүрүн төрүөтүнэн халлаан тымныйыыта уонна аныгы дьон олус чараастык таҥнара, чөл олоҕу тутуспакка сыыһа-халты туттара буолар.

Саҥа технологиялар

Киин аныгы үрдүк технологиялаах тэриллэри, ол иһигэр Versajet II гидрохирургическай систиэмэни туһанар. Гидронож көмөтүнэн быраас баастан бактыарыйалары уонна контаминаннары ылҕаан ылар, ол түмүгэр баас түргэнник оһор.
Уокка сиэтиини уонна үлүйүүнү эмтиир киин улахан дьоҥҥо уонна оҕолорго анал көмөнү суукканы быһа оҥорор. Ону таһынан былаан быһыытынан үрдүк технологиялаах көмө оҥоһуллар.
Киин 2023 сыл саҥатыгар тириини уларытыыга (трансплантация) аутодермопластика эпэрээссийэтин аан бастаан оҥорбута. Манна МГУ исписэлиистэрэ аныгы биотехнологическай технологиялары туһанан ылбыт мультифакторнай препараттарын уонна гидрохирургия скальпелын туһаммыттара. Бу эмсэҕэлээччини санитарнай рейсинэн аҕалбыттара, кини араас бааһырыыны ылбыт уонна ис уорганнара эчэйбит ыарахан туруктаах этэ.
-Биһиги бэрэпиэссэрбит, А.К.Аммосов аатынан мэдиссиинэ институтугар үлэлиир Рево Захаров туһанар ньымата (киһини норкуоһунан утутуу) биһиэхэ эрэ баар. Оччоҕуна эмсэҕэлээбит киһи холкутук сытар, хамсаабат. Ол кэмҥэ уорганнарын үлэлэрин хонтуруоллаан, икки-үс күн сытыаран баран таһаарабыт.
Саҥа технологияҕа саҥа препараттарбытын киллэрэбит. Препараттары таммалатыы барыта хонтуруолунан оҥоһуллар.
Тириини трансплантациялааһын ньыматын, саҥа бүрүөһүнү (покрытиелары) сүрүннээн уокка сиэтиигэ туһанабыт. Үлүйүүгэ баастара кыайан оспотоҕуна эмиэ туттабыт.
Биллэн турар, үлүйбүт тарбахтара хаалалларын курдук эмтии сатыыбыт. Ол эрээри, олус күүскэ үлүйбүт буоллаҕына, кыаллыа суоҕун сөп. Онтон кыайан оспот диэтэхпитинэ, пластика оҥоробут эбэтэр ампутациялыыбыт, —диэн үрдүк категориялаах быраас Семен Алексеев сайдыы барарын, Кииҥҥэ эдэр исписэлиистэр, ординатураны бүтэрбиттэр кэлэн үлэлииллэрин туһунан кэпсиир.
Киин үлэһиттэрэ өрөспүүбүлүкэ улуустарыттан суһал ыҥырыы киирдэҕинэ, санитарнай авиациянан элбэхтик көтөллөр. Исписэлиистэр этэллэринэн, улуустары кытары үлэлииргэ тэлэмэдиссиинэ улаханнык туһалыыр. Улуус балыыһаларыгар суһаллык киирбит ыарыһах баар буоллаҕына, тэлэмэдиссиинэ көмөтүнэн бааһын көрөн сүбэ-ама биэрэллэр. Анаалыстара баар буоллаҕына, кэтээн көрөн эмтэнии хаамыытын сүрүннүүллэр. Уопсайынан, маннык балаһыанньаҕа улуус быраастара үчүгэйдик үлэлииллэрин бэлиэтииллэр. Онон, Саахал мэдиссиинэтэ, уокка сиэтиини уонна үлүйүүнү эмтиир киин, тэлэмэдиссиинэ ыкса ситимнээхтик үлэлиир.

Үлүйүү содула үгүс

-Үлүйбүт сирин эмтээһин, чөлүгэр түһэрии кэнниттэн «контактнай үлүйүү» диэн кэлэр. Ол аата тоҥоругар сыппыт сирэ (тобуга, түөһэ, көхсө, самыыта буолуон сөп) баас курдук буолан хаалар. Ойоҕостотуон, бүөрэ аккаастыан, сүрэҕин тэбиитэ уларыйыан уо.д.а. сөп. Үлүйбүт киһи бу отделениеҕа эмтэнэн тахсан баран, атын эмсэҕэлээбит уорганнарын салҕыы эмтиэниэн наада. Инбэлииккэ да тахсар түгэннэрэ элбэх. Ол да иһин, Семен Николаевич харыстанар туһугар чөл олоҕу тутуһуохха уонна сыл кэмигэр сөп түбэһэр таҥаһы таҥныахха наадатын туһунан элбэхтик хатылыыр. Тоҕо диэтэххэ, киһи туох эмэ төрүөтүнэн тымныыга оҕуннаҕына, биһиги тыйыс айылҕабыт бырастыы гыммат. Онуоха Семен Николаевич этэринэн, киһи төһө түргэник үлүйэрэ киһититтэн тутулуктаах. Чэгиэн доруобуйалаах эдэр дьон син тулуһар буоллахтарына, саастаах дьон кыратык да үлүйэллэрэ улахан содуллаах. Тоҕо диэтэххэ, кинилэр үксүгэр мэҥэһик ыарыылаах буолаллар, атересклорез улахан оруолу оонньуур. Киһи таһырдьа төһөнөн өр сытар да, соччонон күүскэ, бэл, уҥуоҕар тиийэ тоҥор. Оттон тымыр устун хаан сүүрбэт буолла да, некроз саҕаланар. Хаан сүүрэрэ мөлтөөтөҕүнэ атах иһэн, дарбайан тахсар, тоҥоро хас эмэ бүк түргэтиир, —диэн Семен Алексеев сүбэлиир.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
1
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
31 октября
  • -20°C
  • Ощущается: -26°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: