Салгыы
Тымныыбытын хайдах туһаҕа таһаарабыт?

Тымныыбытын хайдах туһаҕа таһаарабыт?

Ааптар:
13.08.2023, 16:00
Хаартыска: Мария Васильева, СИА
Бөлөххө киир:

Саха сирин сүрүн бэлиэтэ тугуй? Атын сиргэ олорор дьонтон туоһуластахха, бастакы уочарат “тымныы сир” диэн хоруйу ылыахпыт. Ол эрэ кэнниттэн алмааспыт, олоҥхобут, тоҥ балыкпыт туһунан өйдүөхтэрэ. Оччотугар, тымныы сүрүн “баайбыт” буолар буоллаҕына, толкуйдаан көрүөҕүҥ — тымныыны хайдах быһыылаахтык туһаҕа таһаарыахха сөбүй?

Муус — таска тахсар табаар

Саха блогера Вячеслав Романов олоҕун-дьаһаҕын аан дойду араас муннуктарыгар олорор мөлүйүөнүнэн сурутааччылара кэтииллэр. Саха олоҕуттан биир саамай дьиктиргиир, сөҕөр-махтайар көстүүлэрэ — булууска мууһу, аһы харайыы. “Хайдах сайын ууллубатый?”, “тымныытын иһирдьэ сытар муус көһөҥөлөрө хааччыйаллар дуо?”, “хас кыраадыс тымныыны тутарый?” уо. д.а. ыйытыылар хас таһаарбыт суруйуутун анныгар мэлдьи күөрэйэллэр.

Дьиҥэр, булуус, муус тымныытын Саха сиригэр эрэ туһаналлар диир сыыһа. Холодильник курдук тэрил айыллыан иннинэ, мууһу туһаныы элбэх үбү киллэрэр улахан эргиэн салаата этэ. Ордук киэҥник муус атыытынан АХШ дьарыктанар этэ. Бу урбаан көрүҥэ XIX үйэ саҕаланыыта сайдан баран, этиллибитин курдук, ХХ үйэҕэ тиийэ сайдыбыт. 1806 сыллаахха Эмиэрикэ тас дойдуларга 130 туонна мууһу атыылаабыт. Мууһунан эргинии бу дойдуга муҥутуур үрдүк сайдыыта 1872 сылга бэлиэтэммит — бу сыл 225000 туонна муус атыыламмыт! Маннык элбэх мууһунан эргинэргэ АХШ хотугулуу-илиҥҥи уһугар сытар күөллэрин тула муус ылыыта бүтүн туспа бырамыысыланнас салаатыгар кубулуйа сылдьыбыт.

Европаҕа мууһу сүрүннээн Норвегия уонна Арассыыйа атыылыыр эбит. Мууһунан эргиэн аан дойду иккис сэриитэ саҕаланыар диэри салҕаммыт; 1939 сыл устата ССРС кыраныысса таһыгар 14 мөлүйүөн туонна мууһу атыылаан 14 мөлүйүөн солкуобай дохуот киллэриммит.

Билигин мууһу миэстэтигэр оҥоруу быдан барыстаах буолан, дойдулар икки ардыларыгар мууһунан эргиэн дуона суох кээмэйдээх. “Бээ, ол ханна билигин даҕаны мууһу омук сириттэн атыылаһаллар?” диэн ыйытар буоллахха, хоруйа маннык — Гренландия Эмиэрикэҕэ уонна Японияҕа айсберг көйүллүбүт мууһун атыылыыр. Бу муус “киһи үөскүөн иннинэ тоҥмут экология өттүттэн уһулуччу ыраас” муус быһыытынан атыыланар. Айсберы туһаҕа таһаарыы туһунан киһи аймах санаабыта ыраатта. Холобур, Антарктидаттан айсберы состорон кураан сирдэргэ тууһа суох уунан хааччыйыы бырайыактара оҥоһулла сылдьыбыттара эрээри, байҕал уутун тууһуттан ыраастаабыт барыстаах соҕус буолуон сөп диэн буолбута.

Булуус — IT эйгэтин инники кирбиитигэр

Оттон булуус тымныытын туһаныы туһунан этэр буоллахха, бу ньыма аныгы үйэҕэ саҥа тыыннанна. Информационнай үйэ сүрэҕинэн-быарынан сөҕүмэр элбэх чахчыны харайар дата-кииннэр буолаллар. Көмпүүтэри иһиттэн билэр дьон өйдүөхтэрэ — бу тэрил сөптөөх үлэтин хааччыйыыга биир кыһалҕанан сылааһы тэйитии буолар. Дата-кииннэр сервердэрин сойутууга сыллата миллиардынан ааҕыллар үп баранар. Ол иһин билигин бу эйгэҕэ “фрикулинг” (“босхо сойутуу” диэн тылбаастанар) диэн хайысхаҕа улахан болҕомто ууруллар. Сөрүүн салгын баар сиригэр дата-киини туттахха, уот күүһүнэн сойутуу ороскуотун лаппа чэпчэтиэххэ сөп. Норвегияҕа Lefdal Mine Datacenter хампаанньа таас чох хостоно сылдьыбыт быраҕыллыбыт шахтатыгар туппут дата-киинэ аан дойдуга саамай көдьүүстээх сойутуулааҕынан биллэр. Бу “булуус” тымныынан хааччыйар айылҕата Саха сиринээҕи булуустартан туспа — шахта кытыытыгар сытар муустаах фьорд (муора синньигэс хомото) сүүрүгүрэр уутунан сойутуллар. Хотугу 7,5 °C кыраадыстаах тыбыс-тымныы уута босхо кэриэтэ сервердэри сойутар. Бу ньыманы билигин Норвегияттан ураты Швейцарияҕа тутталлар, атын дойдуларга эмиэ тутуу бырайыактара бааллар.

Ирбэт тоҥ туһата суох?

Арыый дириҥник толкуйдаатахха, ирбэт тоҥ тымныытынан хааччыллар булуус бу үлэҕэ барсыбат — сүүрүгүрэр уу тохтоло суох сойутар эбит буоллаҕына, ирбэт тоҥ тымныыта баранар туруктаах. Онон сылааһынан үрэ турар сервердэри быыстала суох сойутар сатаммат.

Ол оннугар, ирбэт тоҥу өр харайыыга туһаныахха сөп. Шпицберген арыытыгар Аан дойду үүнээйилэрин сиэмэтин харыстыыр криохранилище баар. 130 миэтэрэ дириҥнээх булууска 900 тыһыынча кэриҥэ үүнээйи сиэмэтэ “бүтэһик тыһыынча” бүрүүкүүр түгэнигэр диэн ааттанан харалла сыталлар.

Дьиҥэр, сиэмэ харайар пуонда хас улахан дойду аайы баар. Арассыыйатааҕы пуонда Дьокуускайга, Ирбэт тоҥу чинчийэр институт баазатыгар үлэлиир. Бу аан дойду үрдүнэн саамай эрэллээх, уһун кэмҥэ сиэмэни харыстыыр дьоҕурдаах тутуу. Манна –10–12 °C кыраадыс тымныыга уонунан тыһыынча үүнээйи сиэмэтэ харалла сытар. Бу пуонда эспэримиэн чэрчитинэн үлэлиир. Түмүгэ үчүгэй буоллаҕына, мөлүйүөнүнэн сиэмэни харайар улахан криохранилище тутуллуохтаах.

Саха сирин тымныытын хайдах атыылыахха сөбүй?

Дата-кииннэри Саха сиригэр тутуу улахан кэскиллээх хайысха буолуон сөп. Сүүрүгүрэр өрүс таһыгар хостонор баайа бараммыт шахталар өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн аҕыйаҕа суох буолуохтаахтар. Ону кытта 6–7 ый кыһыммыт тыйыс тымныыта босхо сойутуо турдаҕа. Криохранилище сиэмэни харайарга эрэ туһаныллыбат — уопсайынан, тымныы өр сылларга “кэнсиэрбэлиир” дьайыылаах. Уонунан тыһыынча сыл анараа өттүгэр өлбүт сэлии бэҕэһээ көмүллүбүт курдук туруктаах көстөрө ону туоһулуур. Тымныы бу уратытын элбэх хайысхаҕа туһаныахха сөп. Холобур, ас-үөл “тыытыллыбат саппааһын” оҥоруохха сөп, эбэтэр ураты сыаналаах эспэнээттэргэ, дааннайдарга туһаайан тымныы көмөтүнэн кырдьыы тэтимин бытаардыахха сөп.

Билигин тымныыттан барыс киллэрии биир хайысхатын кыралаан сайыннара сатыыбыт. Аан дойду үрдүнэн экстремальнай туризм сүгүрүйээччилэрэ “Өймөкөөн” диэн топонимы бэркэ билэллэр. Дьон олорор муҥутуур тымныы бөһүөлэгэр тиийэн хаартыскаҕа түһүү — элбэх киһи ыра санаата. Дьиҥэр, “муҥутуур тымныыны” бренд курдук туһаныыны төһө баҕарар кэҥэтиэххэ сөп. “Муҥутуур тымныы куорат”, “муҥутуур тымныы суол”, “муҥутуур тымныы сөтүөлүүр сир” уо. д.а. туочукалары түмэн олус интэриэһинэй маршруттары таҥыахха сөп.

Тымныыга элбэх эттик физическэй туруга уларыйара биллэр. Бу хайысхаҕа чинчийиилэри ыытыы олус кэскиллээх курдук көстөр. Эмп-томп, эниэргийэни харыстыыр технология, тыа хаһаайыстыбатыгар өҥөлөөх эбиискэлэр — тымныынан тургутуу саҥа саҕахтарын арыйыан сөп.

Түмүккэ

Киһи аймах саҥа технологическай үйэҕэ аҥаар атаҕынан үктэнэн турар. Бу үйэҕэ билим өттүттэн чинчийии хайысхалара сүүс төгүл элбиирэ саарбаҕа суох. Маны кэтээн, кэскиллээх сүүрээннэри маҥнайгылар ортолоругар баһылааһын Саха сирин олох инники кирбиитигэр таһаарыан сөп. Урут сайдыы сылаас, элбэх киһи олорор эрэ сирдэригэр эрэ ордук күүскэ барара олох сокуона этэ. Билигин, тэйиччи да сытар сиртэн билим бастыҥнара тахсыахтарын сөп. Онон, эдэр учуонайдары өйөөһүн, сонун этиилэри өрө тутуу, саҥа салаалары үбүлээһин үтүө түмүктэргэ тиэрдиэҕэ. Оннооҕор кыһалҕабыт сүрүн төрүөтэ — аам-даам тымныыбыт барыстаах куоһурбутугар кубулуйуон сөп.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
11 октября
  • 2°C
  • Ощущается: 2°Влажность: 93% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: