Салгыы
Тымныыны муоһалыыр, итиини тэһиинниир быһый атахтаах кыыс

Тымныыны муоһалыыр, итиини тэһиинниир быһый атахтаах кыыс

Ааптар:
06.10.2024, 17:00
ХААРТЫСКАЛАРГА С.МОЧКИНА, П.ГОГОЛЕВА ТҮҺЭРИИЛЭРЭ, ДЬИЭ КЭРГЭН АЛЬБОМУТТАН
Бөлөххө киир:

Ааспыт кыһын тохсунньуга, томороон тымныы түһэн турдаҕына «Өймөкөөн – Тымныы полюһа” бырайыакка таһырдьа уһуну сүүрүүгэ күрэхтэспиттэрэ. Онно Таатта спортсмена Капиталина Васильевна Харайданова сөхтөрөн турар. 

Томороон тымныыны аргыс оҥостон

– Алина, кыһын сүүрбүккүн көрбүтүм. Бу бырайыагы сырдата түһэриҥ буоллар, – диэн кэпсэтиини саҕалыыбын. (Капита­линаны дьоно Алина диэн ааттыыллар – аапт.)

– Бу күрэхтэһиини «Тымныы полюһа» туристическай индустрия хайысхатын сайыннарар уопсастыбаннай тэрилтэ, Өймөкөөн улууһун салалталара тэрийэллэр. Манна ким баҕарар, сааһыттан тутулуга суох кыттыан сөбүн, сүүрүү доруобуйаҕа туһалааҕын быра­йыак дьоҥҥо-сэргэҕэ тиэрдэр соруктаах. Марафоҥҥа эрдэттэн суруйтараҕын, дьарыктанаҕын, ис туруккун бэлэмнии­гин.  Эр дьон 42, дьахталлар 21 килэмиэтири бэриллибит алта чаас  иһигэр сүүрэллэр. Экстрим марафон олус көхтөөх, абсолютнайы таһынан, кыа­йыылаахтары саастарынан эмиэ быһаараллар.

– Томороон тымныыга киһи дьиэттэн тахсыан да баҕарбат. Оттон эн сүүрэҕин. Чаҕыйбаккын, саллыбаккын дуо?

– Успуорт саалатыгар дьарыктанарбар, уһуну сүүрүөхпүн баҕарарым хайдах эрэ табыллыбат курдук этэ. Ол иһин таһырдьа тахсыбытым. Маныаха таһырдьа сүүрүү – аҕам дьарыга, онон саарбахтыыр, кэтэмэҕэйдиир санаа миэхэ киирбэтэҕэ даҕаны.

Эрчиллэн, эти-сиини тымныыга үөрэтэн 2022 сыллаахха бастакы тургутууну ааһа аҕабынаан иккиэн Өймөкөөҥҥө барбыппыт. Уон килэмиэтиргэ дьахталларга абсолютнайга бастаабытым, аҕам бэйэтин саастыылаахтарыгар иккис­тээбитэ. Онтон ыла кыттабыт, миэстэлэһэбит. Былырыын Чөркөөхтөн 80-нун  ааспыт Филипп Спиридонович Гуляев кыттыбытын көрөн сөх­пүтүм. Киһи киниттэн холобур ылар. Быйыл Өймөкөөҥҥө Арассыыйа араас муннугуттан сүүрэ кэлбиттэрэ. Онон, сүүрүү бырааһынньык, үтүө доҕоттордуун алтыһар түһүлгэнэн буолар.

– Сүүрэн иһэн тугу саныыгын,  бу дьарыктаныыҥ эйиэхэ тугу биэрдэ?

– Күннээҕи түбүктэн сынньанабын, муусука истэбин, былааннанабын, айылҕалыын алтыһабын. Сүүрэн олус уоскуйдум, доруобуйам тубуста дии саныыбын.

Томороон тымныыны аргыс оҥостон сүүрүүнэн дьарыктанар Алина хамсаныы-имсэнии доруобуйаҕа туһалааҕын, киһи санаатын сааһыланарыгар көмөлөһөрүн этэр.

Үлэ-хамнас, дьиэ кэргэн туһунан

– Аны, үлэҕэр тохтуохха. Дьиэҕэ сылааһы биэрэр үлэнэн сүрүннээн эр дьон дьарыктаналлар, эн эмиэ итиини тэһиинниигин.

– ОДьКХ Тааттааҕы филиалыгар үлэм сүрүннээн оҥоһуллуохтаах өрөмүөн үлэтин суоттааһын. Эбийиэктэргэ сылдьан көрөбүн, кээмэйдиибин, онон  трасса,  хочуол тэриллэрэ, оһохторо – күннээҕи  кэпсээним.

– Дьиэ кэргэниҥ, атын дьарыккыт туһунан сырдат эрэ.

– Сүүрэрбин дьонум, кэллиэгэлэрим өйүүллэр. Туспа дьиэлээхпит, уоллаах кыыс оҕолордоохпут. Кэргэним – «Тааттаавтодор» кылаабынай инженерэ. Үөрэхпитин бүтэриэхпититтэн дойдубутугар үлэлиибит. Аҕабыт саха эр киһитин сиэринэн сиргэ-уокка чугас, бултуурун сөбүлүүр. Оҕолор саахыматтыыллар, норуот ырыатын ыллыыллар, хомустууллар. Оҕуруот, сибэкки – кинилэр эппиэтинэстэрэ. Бэйэм иистэнэбин, уһанабын. Эһээхэй оҕолору хаартыскаҕа түһэриинэн үлүһүйэн дьарыктанабын.

ХААРТЫСКАЛАРГА С.МОЧКИНА, П.ГОГОЛЕВА ТҮҺЭРИИЛЭРЭ, ДЬИЭ КЭРГЭН АЛЬБОМУТТАН

Мин Алина төрөппүттэригэр ыалдьыттаатым. Аввакумовтар дьиэ кэргэн аҕалара Василий Константинович ыраах айан суоппара, сүүрүүнэн дьарыктанар. Ийэлэрэ Альбина Романовна физкултуура учууталынан үлэлээбит.

– Кэргэмминээн Василий­дыын Чычымахха бииргэ улаап­пыппыт, 1988 сыллаахха ыал буолбуппут, биир кыыс, икки уол оҕолордоохпут, сиэннэрдээхпит. Уолаттар иккиэн ыраах айан суоппардара.

Оҕолорбут кыраларыгар Ытык Күөлгэ көспүппүт. Кыыспыт бэһис кылааска гимназияҕа киирбитэ. Оччолорго гимназия үлэтэ оргуйан олороро, «Дьоҕур» бырайыагынан Саха сирин барытын кэрийбиттэрэ. Алина оскуолатын кыһыл көмүс мэтээлинэн бүтэрбитэ уонна олимпиада түмүгүнэн Иркутскайга  тиэхиньиичэскэй университекка киирбитэ. Икки кыһыл дьупулуомнаах, кэргэннээх, уол оҕолоох дойдутугар кэлбитэ. Күтүөппүт Егор Красноярскайга үөрэнэ киирэн баран, Алинатыгар чугас буолаары, эмиэ Иркутскайга көһөн үрдүк үөрэҕин бүтэрбитэ.

Алинабыт эбэтин, мин ийэм Капиталина Васильевна аатын сүгэр. Кини биэстээҕэр улаханнык ыалдьаммын, оҕом эрдэ улахан киһи курдук боччумурбута. Кыратыттан хатарыллан улааппыта олоҕор хайа эрэ өттүнэн туһалаатаҕа. Биһиги дьиэбитигэр сырдатар сулус­пут, киэн туттуубут.

Оҕолорбут  үөрэнэр кэмнэригэр хайыһарынан күүскэ дьарыктаммыттара. Мин  оскуолаҕа математика, физкултуура уруоктарын сөбүлүүрүм. Учууталларым чэпчэки атлетикаҕа, хайыһарга дьарыктаа­быттара. Оттон аҕабыт биэс сыллааҕыта ыйааһын түһэрээри хааман саҕалаабыта, онтон сүүрбүтэ. Утумнаах дьарык этин-сиинин тупсарда, билигин кыыһынаан полумарафону сүүрэр буоллулар.

Сиэннэрбит – уҥа-хаҥас илиилэрбит, туһа дьоно. Иккиэн ситиһиилээхтик үөрэнэллэр. 2022 сыллаахха «Якутский полумарафон» күрэс кыттыылаахтара.

Онон сүүрүүнэн дьарык барыбытыгар баар, – диэн кэпсээтэ Алина ийэтэ Альбина Романовна.

Онтон аҕата Василий Констан­тинович дьону сытан-олорон хаалбакка хамсаналларыгар, дьарык­таналларыгар ыҥырар. Кини билигин Дьабарыкы Хайа чоҕу хостуур тэрилтэтигэр үлэлиир. Кэргэнэ Альбина Романовна этэринэн, онно эдэр дьону турарга-олорорго, олоҕу сатабыллаахтык дьаһанарга такайар настаабынньык.

Дьэ, бу курдук Авваку­мовтар, Харайдановтар дьиэ кэргэттэрэ оҕону иитиигэ бэйэ­лэринэн үтүө холобур буолаллар.

АЛЕКСАНДРА ПРУДЕЦКАЯ,
ЫТЫК КҮӨЛ, ТААТТА.

+1
6
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
21 ноября
  • -28°C
  • Ощущается: -28°Влажность: 76% Скорость ветра: 0 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: