Тымныыны муоһалыыр, итиини тэһиинниир быһый атахтаах кыыс

Share

Ааспыт кыһын тохсунньу томороон тымныылара түһэн турдахтарына, куйаар ситимигэр киһи сѳҕѳр сонуннара элэс кѳстѳн ааспыттара.

Ол «Тымныы полюһа» диэн таһырдьа ырааҕы сүүрэр дьон күрэстэрэ эбит этэ.  Онно тымныыттан чаҕыйбат дьон, буолаары буолан бэйэбит дойдулаахпыт, Тааттабыт кыыһа баарын көрөн сөҕөн-махтайан, киэн туттан, токкоолоһон баран кѳрсѳргѳ санаммытым. Дьоруойум буоллаҕына быыс булар солото суох,  күнэ, бэл, сылынан ханна сылдьыахтааҕа, кыттыахтааҕа, тугу гыныахтааҕа барыта аттарыллан турар эбит. Онон болдьоһон, дьэ көрсөн кэпсэттибит.

Тымныыны муоһалыыр, итиини тэһиинниир сахабыт кыыҺа Таатта улууһун Ытык Күѳлүгэр олорор, тыын тэрилтэ тутаах үлэһитэ, ыал ийэтэ Капиталина Васильевна Харайданова диэн. Кѳрдѳххѳ нарына-намчыта. Ол эрээри, ылсыһар үлэтин, дьарыгын быыһыгар ийэтин, оҕолорун кытта истиҥник алтыһар, кинилэр боппуруостарынан дьарыктанар, иллэң кэмин бэркэ аттаран сылдьар эбит. Кэргэнинээн сабыс-саңа дьиэ туттан ньир бааччы олорор ыаллар.

Тымныыттан чаҕыйбат быһый атахтаах, уһун тыыннаах Алина

Алина, кэпсэтиигэ сѳбүлэспиккэр махтал уонна «Тымныы полюһа» диэн бырайыагы сырдата түс эрэ! — диэн кэпсэтиини саҕалыыбын.

— «Тымныы полюһа» таһырдьа тымныыга сүүрэн күрэхтэҺии, сүрүн тэрийээччинэн уопсастыбаннай тэрилтэ, биир дьиэ кэргэн грант сүүйэн оңорор диэххэ сѳп. ТэрээҺин элбэх дьону сааһыттан тутулуга суох сүүрүү курдук доруобуйаҕа саамай туһалаах кѳрүҥ баарын тиэрдэр, күрэхтэһиигэ уһун тыыннаахтар, хоту дойду тымныытын тулуйар, моһоллору уйар дьон дойду араас муннуктарыттан кытталлар.  Марафоҥҥа   эрдэттэн суруйтараҕын, дьарыктанаҕын, ис туруккун эмиэ бэлэмниигин. Быйыл бэһис тѳгүлүн ыытылынна, 42 килэмиэтиргэ уонтан тахса эр дьон уонна дьахталлар,  21 килэмиэтиргэ сүүрбэттэн тахса  киһи кытынныбыт, сүүрүүгэ барыта алта чааһы биэрэллэр.   Бу марафон олус кѳхтѳѳх, тоҕо диэтэххэ уон аҕыс саастарыттан үѳһэ муҥутуур кыайыылаах уонна сааскынан кыайыылаах диэннэр бааллар.

— Тымныыттан чаҕыйбаккыттан соһуйбут санаам уостубат. Хантан маннык хорсун санаа киирэн саамай тымныы сиргэ, буолаары буолан марафоҥҥа сүүрдүҥ, уонна уопсайынан, тоҕо уһуну сүүрүүнү таллыҥ?

— Ытык Күѳлгэ спортсаалаҕа сүүрэр этим, ол эрээри онно уһун сүүрүүгэ эрчиллии хайдах эрэ табыллыбат этэ. Уонунан биэрэстэни тэбэргэ мэйииҥ да эргийэр буоллаҕа. Инньэ гынан, кыһалҕаттан диэххэ сөп, таһырдьа тахсыбытым. Аҕам таһырдьа сүүрүнэн уруккуттан дьарыктанара, киһи этин-сиинин итинник үѳрэтиэн сѳбүн кини холобуруттан билэрим. Ол иһин буолуо, чаҕыйбатаҕым. Сүүрэн, эрчиллэн, эти-сиини тымныыга үѳрэтэн баран,  2022 сыллаахха тута «Тымныы полюһа» күрэхтэһиигэ бастакы тургутууну ааһа, бэйэни боруобалана диэн аҕабынаан иккиэн барбыппыт. Манна уон килэмиэтири  сүүрэн мин абсолютнайга бастаабытым, аҕам бэйэтин саастыылаахтарыгар эмиэ бастаабыта. Эһиилигэр аны полумарафонңа сүүрбэ биир килэмиэтиргэ кыттыбыппыт, иккиэн иккис миэстэлэри ылбыпыт.

— Кимнээҕи кытта күрэхтэстиҥ?

— Кыһыҥҥы сүүрүүнү таптааччылар Саха сиригэр да, атын да сирдэргэ элбэхтэр. Быйыл сүүрэр күммүтүгэр олус тымныы этэ. Эр дьоҥҥо чулуу марафонестар кыттыбыттара. Былырыын мин тириэньэрим Өлүөхүмэттэн төрүттээх уол Александр Моедо буолбута. Чугастан Чурапчыттан  Лукин Василий, Чѳркѳѳхтѳн аҕыс уон саастаах Филипп Гуляев кэлэн кыттыбыттара. Киһи бу кырдьаҕаһы кѳрѳн сѳҕѳр, холобур ылар, хорсун санаа үѳскүүр. Быйыл Өймөкөөҥҥө Арассыыйа араас муннуктарыттан бааллара. Биһиги тымныыбытыттан чаҕыйбакка кэлбиттэрэ ордук үөрүүлээх. Онтон биһиги Сахабыт сирин чулуу сүүрүүктэрэ Изабелла Борисова, Леонид Зыков, Константин Драгунов бааллара. Бу күрэхтэһии олус таһымнаахтык ааспыта. Саамай тымныы марафон дириэксийэтигэр сүрүннээн Неустроевтар дьиэ кэргэҥҥэ улахан махтал. Ону таһынан, бу бырайыак «Өлүөнэ очуостарыгар» муус үрдүнэн сүүрүүгэ салҕаммыта, бу күрэскэ аҕабынаан эмиэ ситиһиилээхтик кыттыбыппыт. Манна уон килэмиэтиргэ сүүрэн мин дьахталларга абсолютнайга бастаабытым, аҕам бэйэтин саастыылаахтарыгар иккис миэстэ буолбута.

Сүүрүүнэн дьарыктаныы туһата

— Уһуну сүүрүүнэн дьарыктаныыга ким кѳҕүлээтэ диэн ыйытыыга «аҕабын кѳрѳн» диэбитиҥ. Дьонуҥ туһунан сырдат эрэ.

— Мин дьонум иккиэн бэйэ-бэйэлэрин ѳйдѳһѳр, ѳйѳһѳр дьон. Ийэм Альбина Романовна физкултуура учууталынан үлэлээбитэ. Аҕам улахан көлө суоппара, билигин да уруулун ыһыктыбат. Икки сурустарым, уолаттар, аҕаларын туйахтарын хатаран улахан массыынаҕа суоппарынан үлэ үѳһүгэр сылдьар дьон. Ийэлээх аҕам, чугас дьонум уонна кэллиэгэлэрим дьарыкпын өйүүллэрэ сүргэбин көтөҕөр. Бэйэм туспунан эттэхпинэ, икки оҕолоохпун, кэргэним «Тааттаавтодор» кылаабынай инженерэ, үѳрэхпитин бүтэриэхпититтэн дойдубутугар үлэлиибит. Кэргэним, кырачааннарым, дьонум дьарыкпын олус ѳйүүллэрэ сүргэбин кѳтѳҕѳр.

— Тымныыны муоһалыыр кыыспыт, аны, итиини тэһиинниигин. Ылан көрдөххө, дьиэҕэ сылааһы биэрэр үлэни сүрүннээн эр дьон баһылыыллар эбээт! 

— Олох-дьаһах хаһаайыстыбатын Тааттааҕы филиалыгар үлэлээбитим ыраатта. Эр дьону кытта үлэлиир судургу. Бу иннинэ атын тэрилтэҕэ син үлэлии сылдьыбытым. Үлэм сүрүннээн оңоһуллуохтаах үлэни торумнаан суоттааһын, эбийиэктэргэ сылдьан кээмэйдиибин, кѳрѳбүн-истэбин, онон итиини биэрэр ситими эрэ буолбакка, хочуолунай иһигэр тимирдэр, оһох ааттарын билэр, күннээҕи кэпсиир кэпсээним буолла.

— Дьиэ кэргэниҥ ѳйдүүр-ѳйүүр эбит, сүбэнэн сылдьаргыт хайҕаллаах. Өссө туох дьарыктааххытый?

— Бэйэбит санаабытыгар бэртээхэй дьиэ туттубуппут, онон киэн туттабыт. Оҕолор саахыматынан, саха норуотун ырыатынан-тойугунан дьарыктаналлар, хомустууллар, ийэлээх аҕа тутаах кѳмѳлѳһѳѳччүлэрэ. Оҕуруот, сибэкки кинилэр эппиэтинэстэрэ, уолбут хортуоскатын сирин үлэтиттэн саҕалаан бэйэтэ дьарыгырар. Аҕабыт булчут, саха эр киһитин быһыытынан сиргэ-уокка сылдьар. Саас, сайын, күһүн үлэтин саамай үгэнэ. Бэйэм хаартыскаҕа түһэриинэн умсугуйан дьарыктанабын, наада буоллаҕына иистэнэн да, уһанан да туруохпун сѳп. Хаартыскаҕа түһэрии диэн кэрэҕэ сыстыы, харах манньыйар, дууһа үөрэрэ олох остуоруйатын үйэтитии. Кэлин чугас дьонум, дьүѳгэлэрим ыҥыран кыһыл оҕону түһэрэбин, бу дьарыкпын олус сөбүлүүбүн. Быыкаайык киҺи утуйан буккуруу сыттаҕына, биһиги хаартыскаҕа араастаан түһэрэбит, сороҕор ыксаталлар да, күллэрэллэр да.

— Хас эмэ чааһы быһа сүүрэн иһэн тугу саныыгын?  Уонна сүүрүү эйиэхэ тугу биэрдэ?

— Үксүн күннээҕи түбүктэн сынньанабын диэххэ сѳп, музыка истэбин, үлэбин, сыалбын-сорукпун былаанныыбын, айылҕалыын алтыһабын. Сүүрүүнэн дьарыктаныахпыттан наһаа уоскуйдум, ыгыллыбытым олох ааһан хаалла. Ол аата доруобуйам тубустаҕа дии.

  «Успуорт олохпун, ис турукпун сааһылыырга олус кѳмѳлѳһөр»                         

Алина сүүрүү, успуорт олохпун, ис турукпун сааһылыырга олус кѳмѳлѳстѳ диэн этэр. Тымныыттан да, итииттэн да чаҕыйбат хоодуот кыыс ийэлээҕэр ыалдьыттаатым. Аввакумовтар олус эйэҕэс ыаллар. Дьиэ кэргэн аҕа баһылыга Аввакумов Василий Константинович суон дурдалара,  сѳллүбэт ѳһүѳлэрэ. Үлэлиирин таһынан сүүрүүнэн дьарыктанар. Ийэлэрэ Альбина Романовна дьиэ кэргэн эргийэр киинэ. Эдэриттэн тѳһѳ да икки хараҕыттан мэлийдэр, дьонун түмэн олорор ытык-мааны киһи.

— Маннык хорсун-хоодуот  кыыстаах дьон оҕоҕут туһунан кэпсээҥ эрэ ! –диибин. Онуоха иккиэн истиҥник миичээдээн кэбистилэр.

— Алина улахаммыт.  Эбэтин, мин ийэм Капиталина Васильевна аатын сүгэр. Бииргэ тѳрѳѳбүт, билигин Уус Алдан Суоттутугар олорор балтым эмиэ Капиталина диэн. Онон дьиэ иһигэр биир кэмҥэ үһүөлэһэн тураллар. Ол иһин кыра эрдэҕиттэн дьиэ иһигэр, уһуйааҥҥа, оскуолаҕа, доҕотторугар Алинанан ыҥырыллар. Кыыһым биэстээҕэр мин улаханнык ыалдьан хааллым, онон оҕом эрдэ, улахан киһи курдук эппиэтинэстээх буола улааппыта. Дэлэҕэ да «Бу кыыс оҕо оҕо курдук күн кыһалҕата суох буолбатах, боччума бѳҕѳ», диэхтэрэ дуо? Онон кыра эрдэҕиттэн хатарыллан улааппыта олоҕор хайа эрэ ѳттүнэн туһалаатаҕа диэхпин сѳп. Биһиги кыыспыт дьиэ кэргэммитигэр сырдатар сулуспут, киэн туттуубут, дьиң чахчы тоң буору тобулан тахсар ньургуһун курдук нарын эрээри, күүстээх санаалаах. Бэйэбит 1988 сыллаахха ыал буолбуппут. Василийбынаан бииргэ үѳрэнэн, детсадка сылдьан, Таатта Чычымаҕар улааппыппыт. Биир кыыс, икки уол оҕолордоохпут, сиэннэрдээхпит. Алина бэһис кылааска тахсыыта, Тааттатааҕы Авксентий Мординов аатынан гимназияҕа киллэрэргэ сананныбыт, дьиэ иһинэн үѳрэҕи батыһарга диэн сүбэлэстибит. Аҕабыт тута ѳйѳѳтѳ уонна биһигини Ытык Күѳлгэ илдьэ киирдэ. Кыыспыт эксээмэнин туттарда, аҕабыт оттуллар дьиэни булла уонна гимназияҕа суоппарынан киирэн үлэлээн барда. Оччолорго Таатта гимназиятын үлэтэ «күѳстүү оргуйар», кэлии-барыы аата-ахса биллибэт, «Дьоҕур» бырайыагынан Саха сирин барытын кэрийбиттэрэ. Алина оскуолатын кыһыл кѳмүс мэтээлинэн бүтэрбитэ уонна олимпиадатын түмүгүнэн, оччолорго каадырдары бэлэмниир Департамент диэн олус үчүгэй тэрилтэ баара, ол нѳҥүѳ Иркутскайдааҕы судаарыстыбаннай тэхиньиичэскэй универститека киирбитэ. Үѳрэнэн икки кыһыл диполмнаах, өссө кэргэннэнэн, уол оҕолонон кэлбитэ. Ону мин кыра эрдэҕиттэн хатарыллыыта оруоллаах диибин. Икки диплому кѳмүскүүр судургу дьыала буолбатаҕа чахчы. Күтүѳппүт Егор Красноярскайга үѳрэнэ киирэн баран Алинатыгар чугас буолаары, эмиэ Иркутскайга кѳһѳн үрдүк үѳрэҕин бүтэрбитэ.

Сахаларын сиригэр, дойдуларыгар кѳһѳн кэлиилэрэ эмиэ остуоруйалаах. Арай аҕабыт иккиэ буолан аҕала бараллар. Тѳннөллөрүгэр оҕолор малларын икки массыынаны толору тиэнэллэр. Онно аргыс суоппар: «Бу туох ааттаах хаһаайыстыбаннай ыалларай, эдэр дьон диэтэххэ», — диэн сөхпүт. Ол курдук ыал туттар мала барыта баара. Бастакы сиэммит Иркутскайга тѳрѳѳбүтэ, ийэтиттэн түһээт, «эһэ-эһэ» диэн бэбээрэн, билиҥҥэ диэри эһэ оҕото. Эһэбит туһунан эттэххэ, тугу барытын сатыыр, минньигэс аһа диэн, сиэннэр кыраларыгар ыарыйдахтарына сатаан эмтиирэ диэн, сиэннэригэр илиитин, сүрэҕин сылааһын биэрбит, иҥэрбит киһибит. Онон кыраларыгар Алина үлэлииригэр кыах биэрбитэ, билигин уол улаатта уонна куруук эҕэрдэлээн үөрэн-көтөн киирэн кэлэр. Балтынаан мин уҥа-хаҥас илиилэрим. Уол оҕуруоччут бэрдэ, үѳрэҕэр да ситиһиилээх. Кыра сылдьан сүүрэн  эмиэ иннилэрин кимиэхэ да биэрээччилэрэ суох. Уопсайынан бу сүүрүүнэн дьарык барыбытыгар баар. Мин оскуолаттан математиканы сэргэ физкултуураны сѳбүлүүр этим. Учууталларым Андрей Васильевич Андросов, Василий Степанович Михайлов, Василий Петрович Борисов чэпэчки атлетикаҕа, хайыһарга дьарыктаабыттара. Чэпчэки атлетикаҕа бастакы тириэньэрим Константин Петрович Никифоров. Бу кыһамньылаах, эппиэтинэстээх, элбэх саҥата суох, лоп бааччы быһаарар, ѳрүү тэтэрээккэ бэлиэтэнэ сылдьар, ирдэбиллээх буолааччы. Тириэньэрим быһыытынан үрдүктүк сыаналыыбын. Хайыһарынан дьарыктанарбар Чурапчыттан тѳрүттээх Дорофеев Аркадий Максимович Дэбдиргэ оскуолатыгар дириэктэрдии сылдьан, миигин таба кѳрѳн оскуолатыгар  пионербаһаатайынан үлэҕэ ыҥыран ылан баран дьарыктаабытын түмүгэр, Саха сиригэр үһүс үрдэглэ тахсыбыппыт. Бу Тааттаттан хамаанданан бастакы кыттыыбыт ситиһиилээх буолан, соһуйуу, үөрүү бөҕө этэ. Тириэньэрдэрим кѳмѳлѳрүнэн 1985 сыллаахха Бүлүүгэ ыытыллыбыт «Манчаары оонньууларыгар»  сүүрүүгэ балтараа килэмиэтиргэ иккис буолбутум.

Теплоходунан айаннаан Бүлүүттэн тѳннѳн иһэн хамаанданан физкультурнайга туттарсабыт диэн сүбэлэстибит уонна бары кэриэтэ тутуспутунан киирбиппит. Үѳрэхпин бүтэрэн, Өймѳкѳѳҥҥѳ ананан Василийбынаан үлэлии барбыппыт, успуорт уонна физкултуура итинник киһи олоҕор дьайар. Хоту кылгастык да олордорбут олус күндүтүк саныыбыт. Кыыспыт тѳлкѳтѳ онно түстэммитэ, дьонум ол да иһин толлубакка бараллар-кэлэллэр быһыылаах.

Оҕолор  үһүѳн үѳрэнэр кэмнэригэр хайыһарынан күүскэ дьарыктаммыттара. Атынтан кэччэниэм да буоллар, үчүгэй хайыһартан кэччэммэт, ылар этим. Олунньу ортото чугаһаата да оҕолор хайыһарга тураллар уонна онтон ыла таһырдьаттан киирбэттэр. Ол иһин буолуо, улаханнык ыалдьыбатахтара, тымныынан буһарыллар-хатарыллар этилэр. Аҕабыт биэс сыллааҕыта ыйааһын түһэрээри хааман саҕалаабыта, онтон сүүрбүтэ. Утумнаах дьарык этин-сиинин тупсарда, бастаан уонча килэмиэтири буоллаҕына билигин полумарафону, эбэтэр сүүрбэ биир килэмиэтири кыыһынаан сүүрэр буоллулуар. Успуорт диэн мѳккүѳр, доруобуйаны тупсарыы, онон мин физкултуураны, күргүѳмүнэн чэбдигирдэр сүүрүүнү биҺириибин, чѳл олоххо тардар дии саныыбын. Бэл, бычыкаайык оҕолор кытта  дьиэ кэргэнинэн сүүрэн мэтээл ылан үөрэллэр эбээт!

Эһэбит уонна кыыһым тымныыга сүүрэллэриттэн куттаммат этим, сыыйа дьарыктанналлар, онон бэйэлэрин тургуталлар диэммин ыыппытым. Чуолаан, Өймѳкѳѳн айана сэрэхтээх уонна таһырдьа сүүрэр киһи таҥаһын үчүгэйдик кѳрүнэрэ ирдэнэр.

Альбина Романовна сэргэх кэпсээннээх буолан биэрдэ. «Туохтан ордук үѳрэҕин?» диэбиппэр «сиэннэрбиттэн үөрэбин» диир. Кырдьыга да оннук, хайа эбэ, эһэ сиэннэртэн манньыйыа суоҕай?!

Оттон Василий Константинович суолталаах санаалаах кэпсээнэ маннык. Маҥңай үлэтин, дьиэтин быыһыгар доруобуйатын туһугар хааман, кэлин сүүрэн барбыт уонна дьону сытан-олорон хаалбакка хамсаныҥ диэн ыҥырар. Кини билигин саҥа идэни баһылаан Дьабарыкы Хайа чоҕу хостуур тэрилтэтигэр үлэлии сылдьар. Кэргэнэ этэринэн, онно кини настаабынньык, эдэр дьону турарга-олорорго, олоҕу сатабыллаахтык дьаһанарга такайар. Алина аҕатын кѳрѳн толлубакка таһырдьа сүүрбүт буоллаҕына, Василий кыыһыттан холобур ылан, кини анал тириэньэригэр сыстан иккиэн дьаныардаахтык дьарыктаналлар эбит. Бэйэтин саастыылаахтарыгар абсолютнай чемпион, бочуоттаах да миэстэлэри араас таһымнаах күрэхтэһиилэргэ ылаттыыр эбит.

Аввакумовтар, Харайдановтар дьиэ кэргэн оҕону иитиигэ орудк бэйэ холобур буолара улахан суолталаах дииллэр. Бу улахан дьиэ кэргэни кытта быйыл Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн уонна Сахабыт сиригэр Оҕо саас сылларынан кэпсэтиибит тоҕоостоох буолбутуттан астынным уонна бу киһи киэн туттапр дьоһун ыал үтүѳ холобурдара дьоҥҥо-сэргэҕэ тарҕана турарыгар, Алинаҕа муоһатын-тэһиинин ыһыктыбатыгар баҕарабын.

«Саха сирэ» хаһыакка анаан Александра Прудецкая,

Ытык Күөл Таатта.

Хаартыскалар Аввакумовтар, Харайдановтар дьиэ кэргэн альбомнарыттан.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Уопсастыба

Хоту улуустарынан тибии, буурҕа

Саха сирин үгүс өттүгэр кыралаан хаардыыр, арҕаа, Өлүөнэ өрүс алын тардыытынан тыаллаах, соҕуруу, арҕаа улуустарынан…

24 минуты ago
  • Сонуннар

Алексей Еремеев: «Социальнай эбээһээтэлистибэбитин үбүлээһини оннунан хааллардыбыт»

Ил Түмэн онус пленарнай мунньаҕар бүгүн 2025 с. уонна 2026-2027 сс. судаарыстыбаннай бүддьүөт ылылынна. Ил…

10 часов ago
  • Култуура

Олоҥхо декадатыгар — «Бэйэ оонньуута»

Харбалаахтааҕы үөрэхтээһин холбоһугар Олоҥхо декадатыгар  аналлаах тэрээһиннэр былаан быһыытынан ыытылла тураллар. Үөрэнээччилэр олоҥхо дьыктаанын бары…

11 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Суруйааччы дьүөгэм Хотойук Айгыына

Уус Алдан улууһун Бээрийэтэ  --  аатырбыт отоһут Г.И. Турантаев олорбут дойдута. Билигин манна, айылҕаттан айдарыылаах…

11 часов ago
  • Сонуннар

Кэрэ сибэккинэн сэтинньи тымныытын сэргэхситэллэр

Кэбээйи улууһун Сииттэ нэһилиэгэр  хараҕы үөрдэр кэрэчээн дьиэ сибэккилэрин олордор хаһаайкалар элбэхтэр. [gallery ids="170741,170742,170744,170746"] Бу…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

“Прометей”: дьоһун оскуола — дьоһун саҕалааһын

Мин  соторутааҕыта Дьокуускай куорат биир улахан түөлбэтин – “ Прометей”  оскуолатыгар (дириэктэр Прокопьева М.Л.)  сылдьан,…

12 часов ago