Тымныы полюһа Өймөкөөн Томторугар саҥа амбулатория үлэҕэ киирдэ
Бэҕэһээ, ахсынньы 17 күнүгэр, Тымныы полюһугар Өймөкөөн улууһун Томтор нэһилиэгэр саҥа амбулатория тутуллан үлэҕэ киирдэ.
Томторго 10 куойкалаах учаастактааҕы балыыһа 1962 сыллаахха тутуллубута. 1994 сыллахха балыыһа Үчүгэй, Өймөкөөн, Сордоҥноох нэһилиэктэрин олохтоохторун эбии көрөр тыа сиринээҕи учаастактааҕы балыыһа статустаммыта. 60 сыллааҕыта тутуллубут дьиэ эргэрэн, олохтоохтор балыыһа саҥа дьиэтин тутарга өр сылларга туруорсубуттара.
Саҥа үлэҕэ киирбит амбулатория “Доруобуйа” национальнай бырайыак чэрчитинэн, “Доруобуйа харыстабылын бастакы сүһүөх тэрилтэлэрин аныгылыы уларытан тутуу” өрөспүүбүлүкэтээҕи бырагырааманан тутулунна. Амбулатория аһыллыытын сиэрин-туомун олохтоох оскуола учууталлара, кэргэннии Евдокия уонна Александр Харитоновтар оҥордулар.
Улуус баһылыга Иннокентий Сивцев, улуустааҕы киин балыыһа кылаабынай бырааһа Ираида Харлампьева уонна уопсай быраактыка бырааһа Уруйдаана Протопопова амбулаторияны үлэҕэ киллэрэр кыһыл лиэнтэни быстылар. Оройуон муниципалитетын баһылыгын көмөлөһөөччү Никифор Протопопов амбулатория салалтатыгар символическай күлүүһү туттарда.
Улуус баһылыга Иннокентий Сивцев саҥа амбулатория сэбиэдиссэйигэр Уруйдаана Протопоповаҕа Өймөкөөн улууһун Бочуоттаах олохтооҕун аата иҥэриллэр докумуону туттарда. 200 кв м иэннээх саҥа үлэҕэ киирбит дьиэ аныгы ирдэбилгэ эппиэттиир оборудованиелаах. Амбулатория 24 үлэһитэ түөрт нэһилиэктэн 2509 киһини, ол иһигэр 579 оҕону учуокка хабан эмтиир, көрөр-истэр. Мэдьиссиинэ саҥа тэрилтэтигэр 6 куойкалаах стационар баар. Терапевт, педиатр, гинеколог, лаборатория туспа анал кэбиниэттэрдээхтэр.
СӨ Доруобуйа харыстабын министиэристибэтин 2024 сылга диэри сүрүн соруга — өрөспүүбүлүкэҕэ 10 маннык эмтиир амбулаторияны тутан үлэҕэ киллэрии.
Хаартыскаҕа Марина Ядреева түһэриитэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: