Тыйыс тымныылаах, хахсаат тыаллаах Саха сиригэр ордук кыстыкка киирии үгүс кыһалҕалаах буолар. Тыал, сиик, онтон соһуччу тоҥоруу төһө даҕаны сыл ахсын хатыланнар, дьон таҥаһын-сабын көрүммэккэ, киһилии харыстаммакка тымныйар, ардыгар дьаҥҥа да хаптарар. Хайдах харыстаныахха сөбүй, доруобуйабытын хайдах бөҕөргөтөбүт?
Кыһыҥҥы күҥҥэ дьаарбайыы
Чараастык сылдьыы түмүгэр киһи сыыстарыан сөп. Ордук илиини, атаҕы тоҥордоххо, киһи этэ-сиинэ бүтүннүү тоҥор. Тымныйан тоҥнуҥ даҕаны дьаҥҥа, ол-бу инфекцияҕа киһи доруобуйата бэринимтиэ буолар. Онон тоҥмот, ыалдьыбат туһуттан киһи күн-дьыл туругар сөптөөхтүк таҥнан сылдьыахтаах. Кэлиҥҥи кэмҥэ ордук ыччат өттө аһары чараастык сылдьар буолла. Күһүн, саас төбө сыгынньах сылдьыы үгүс. Бу саамай сэрэхтээх быһыы буолар. Тоҕо диэтэххэ, төбө тымырын тоҥоруу билигин буолбатаҕына, кэлин, сааһыран истэххэ дьайара үгүс буолар. Аны туран кроссовканан, чараас бачыыҥканан кыстыыр дьон үксээн иһэр. Атаҕы тоҥоруу киһи доруобуйатыгар кэлин куһаҕаннык дьайыан сөп. Онон халыҥ атах таҥастаах, түөһү, көхсүнү үрдэрбэт гына таҥнан баран таһырдьа сылдьар ордук. Кыһыҥҥы салгыҥҥа чаас аҥаара салгын сиэн хаамар олус туһалаах. Күн ахсын тоҥмокко маннык хаамар киһи дьаҥҥа-дьаһахха бэринимтиэтэ суох буолар. Таһырдьаттан салгын сиэн киирэн баран тута сылаас ууну иһэр сэрэхтээх диэн быраастар этэллэр. Киһи этэ-сиинэ дьиэ сылааһыгар үөрэммитин кэнниттэн наллаан олорон сөрүүн ууну иһиэн сөп. Быраастар бэлиэтииллэринэн, күҥҥэ балтараа лиитирэ мүлүгүр ууну иһэр киһи дьаҥҥа бэринимтиэтэ суох буолар эбит.
Үгүстэр лимоннаах, мүөттээх ууну ахсарбаттар. Сорохтор куртахтара ыалдьар буолан аһыыны тулуйбаттар. Ол эрээри, күөмэй ыалдьаары гыннаҕына, сэниэ суох, төбө ыалдьар буоллаҕына, лимоннаах итии ууну үс-түөрт чааскыны субуруччу иһэр олус туһалаах буолар. Маны таһынан, туустаах уунан күөмэйи, муннуну сайҕана сылдьыы инфекцияттан харыстыыр.
Тымныйбыт киһи кулгааҕа, күөмэйэ, мунна барыта эмсэҕэлиир. Бу бэйэ-бэйэлэрин кытта ситимнээх уорганнар тымныйдахтарына, киһи иммунитета мөлтүүр. Онтон сылтаан бронхит, трахеит, ойоҕостотуу үөскүөн сөп. Аны иммунитет мөлтөөбүтүттэн сылтаан дьахтар аймахха бүөр, хабах ыарыыта бэргиэн сөп. Бу ордук хааннарын эргиирэ бытаан дьоҥҥо дьайар. Куруук атаҕа, илиитэ тоҥор киһи эрдэттэн халыҥ атах таҥастаах, сиһин сабар таҥаһы-сабы кэтэн тоҥмот-хаппат курдук сылдьарга кыһаныахтаах.
Кыһын сөтүөлүүр киһи иммунитета бөҕөргүүр диэн дьон -40 кыраадыска оҕолорун бассейнҥа сырытыннараллар. Ол эрээри бу саха дьонугар сөп түбэспэт сөтүөлээһин буолар. Төһө даҕаны киһи кууран, баттаҕын феннээн баран массыынанан даҕаны айаннаан кэлэр буоллаҕына, сыыстарыан сөп. Бу туһунан Эдьиий Дора саха дьонугар өрүү сүбэлиир. Саха киһитэ кыра көлөһүннээх буолуохтаах диир. Кыһыҥҥы өттүгэр таһырдьа тахсаары туран баттаҕы, эти суунар доруобуйаҕа охсуулаах буоларын хаста даҕаны бэлиэтээн этэн турар. Онон кыһыҥҥы сөтүөлээһин биһиэхэ, саха дьонугар, иммунитеты бөҕөргөппөт, хата, төттөрүтүн эппитин-сииммитин дьаҥҥа, ыарыыга бэринимтиэ, аһаах оҥоруон сөп.
2020 сыллаахха коронавирус дьаҥа өрө турбутугар, быраас доҕорум маннык сүбэлээн турардаах. Ол курдук сылаас элбэх уу уонна итии, сыалаах аһылык олус туһалааҕын эппитэ. Биһиги бэйэбит убаһабыт, ынахпыт этиттэн миин, соркуой ону сэргэ ынах арыыта саха киһитин иммунитетыгар олус көмөлөөхтөрүн оннооҕор учуонайдар бэлиэтээн тураллар. Бу дьаҥ турбут кэмигэр дьон бэс инньэтин, тиит лабыктатын куулунан хомуйбут сурахтара иһиллибитэ. Ол эрээри быраастан көҥүлэ суох отунан-маһынан үлүбээй эмтэнии олус сэрэхтээх. Биллиилээх учуонай Борис Моисеевич Кершенгольцтуун урут кэпсэтиибэр, кини киһи доруобуйатыгар аһылык улахан суолталааҕын эмиэ бэлиэтээн турар. Тот куртахтаах, күн ахсын битэмииннээх аһылыгы аһыыр киһи ыарыыга бэринимтиэтэ кыра диэбитэ.
Коронавирус дьаҥа кэлиэҕиттэн дьон элбэх дьонноох сиртэн кыраҕыйар буолбута. Урукку өттүгэр иммунитеты бөҕөргөтүүгэ болҕомто уурбат эбит буоллахтарына, билигин дьон-сэргэ дьыл кэмин уларыйыытыгар битэмиин иһэн доруобуйатын тупсарарга дьулуһар. Ол эрээри дьаҥ-дьаһах кэмигэр аҥаардас битэмиининэн бөҕөргөтүнүү кыра. Билигин нэһилиэнньэҕэ доруобуйаны бөҕөргөтүүгэ туһалаах вакциналары туруораллар. Сорох дьон харыстанар туһуттан эрдэттэн арбидол, кагоцел, эргоферон курдук вируһу утары охсуһар эмтэри иһэллэр, муннуларыгар гриппферон кутталлар. Инфекционист быраастар сүбэлииллэринэн, киһи ыалдьа илик буоллаҕына, эрдэттэн маннык эмтэри куттара бобуллар. Тоҕо диэтэххэ, дьиҥнээх вирус кэлбит кэмигэр киһи этэ-сиинэ бу эмтэргэ үөрэнэн хаалан сатаан утары охсуһумуон сөп. Дьаҥ-дьаһах, тымныйыы сөтөлүттэн харыстанар туһуттан киһи элбэх С битэмииннээх аһылыгы сиэхтээх. Ол курдук киһи күннээҕи рационугар эт, балык, үүт аһылык, белоктаах аһылык, эбиэс, гречка, сэлиэһинэй бурдук, ону сэргэ Д битэмиин сүрүн оруоллаахтар. Имбирдээх, лимоннаах, мүөттээх чэйдэр ханнык да гриппфероннааҕар доруобуйаны эрдэттэн бөҕөргөтөргө олус туһалаахтар.
Дьаҥ-дьаһах кэлбит кэмигэр, быраас анааһына суох эрдэттэн арбидол, анаферон эбэтэр муннуга гриппферон куттар сэрэхтээх. Ол кэриэтин ыарыыны, дьаҥы сэрэтэр туһуттан аскорбиновай кислота, А, В битэмииннэри иһэр туһалаах. Билигин киһи доруобуйатыгар ханнык битэмииннэр тиийбэттэрин киһи анаалыс нөҥүө билэр кыахтаах. Ону сэргэ, халлаан туругунан көрөн сөптөөхтүк таҥна-симэнэ сылдьар киһи тоҥууттан, тымныйыыттан харыстанар. Илии-атах тоҥноҕуна, киһи тымныйар. Оччоҕуна киһи иммунитета мөлтүүр. Иммунитета мөлтөөбүт киһи кыра да ыарыыга бэринимтиэ буолар.
Аскорбиновай кислота (С битэмиин)
Тууһаммыт хаппыыста, болгарскай биэрэс, цитрусовай фрукталар, клюква, моонньоҕон, дөлүһүөн.
В битэмиин бөлөҕө
Эриэхэ, үүт, бобовай култуура, гречка, эбиэс, помидор.
Токоферол (Е битэмиин)
Облепиха, шпинат, брокколи, уотурба, сымыыт, мас арыыта.
Ретинол (А битэмиин)
Моркуоп, күөх луук, петрушка, пиэрсик, абрикос, дыня.
Ол эрээри аҥаардас аһылыгынан эрэ эти-сиини битэмиининэн толоруу тутах дииллэр быраастар. Ол курдук супрадин, мультитабс курдук бэйэбит дойдубутугар оҥоһуллар битэмииннэри күһүн, саас иһиэххэ сөп.
Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр психологтар көмөлөрө, өйөбүллэрэ салҕанар. Ааспыт нэдиэлэҕэ, ону сэргэ…
Сорохтор уонунан, сүүһүнэн миэтэрэ үөһэ ытталлар, атыттар саастыылаахтарын кырбыылларын видеоҕа усталлар. Бу барыта биир эрэ…
Ким этэҥҥэ сылдьыан, уһун үйэлэниэн баҕарбат буолуой? Бары да уһуннук, дьоллоохтук олорору сэргиир, сэҥээрэр буоллахпыт.…
Дьааҥы улууhугар Табалаахха оҕо уhуйааныгар "Аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар үгэстэригэр уhуйуу - төрөөбүт дойдуга бэриниилээх…
Быйылгыттан Саха сиригэр Ил Дархан Айсен Николаев өйөбүлүнэн “Мин бастакы идэм” диэн үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрин…
Быйыл балаҕан ыйын 3-6 күннэригэр диэри Владивосток куоракка Уһук Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорум буолан ааспыта. Онно…