Салгыы
Тымныыттан харыстыыр аныгы таҥастар

Тымныыттан харыстыыр аныгы таҥастар

06.11.2024, 17:15
Дьокуускай куорат. Мария Васильева хаартыската
Бөлөххө киир:

Тоһуттар тымныылаах Саха сиригэр олорор дьон быһыытынан, төһө кыалларынан халыҥ, табыгастаах таҥаһы кэтэргэ дьулуһабыт. Олох уларыйдаҕын ахсын өбүгэлэрбититтэн илдьэ кэлбит таҥаспыт сыыйа уларыйан, тупсарыллан иһэр. Аныгы кэмҥэ тымныыттан харыстыыр сылаас таҥастары, нууччалыы эттэххэ, “лайфхактары” кытта билиһиннэрэбит. 

Табыгастаах ыстаан

Бу күннэргэ бассаабынан ойоҕоһунан сомуоктанар сылаас, кылгас ыстааны тикпиттэрин видеота тарҕанна. Маны кэрэ аҥаардар үгүспүт даҕаны ымсыыра көрдүбүт. Көрдөххө, тигиитэ судургу курдук. Бэлэм ыстааны унтуу үрдүнэн быһа баттаан эбэтэр киһи бэйэтэ тиктэн, икки ойоҕоһунан сомуок олордон биэриэххэ сөп. Маны биһирээбиттэрэ диэн, бастакытынан, кэтэргэ, устарга этэрбэһи устар ирдэммэт. Иккиһинэн, этэрбэс тас өттүгэр таһаарыллыбат буолан, этэрбэс элэйбэт, уһуннук барыыһы. Үсүһүнэн, халыҥ, сылааһы тутар.

Сенсорнай бэрчээкки

Өбүгэлэрбит ыт үтүлүк кэтэр эбит буоллахтарына, аныгы ыччат бэрчээккини биһириир. Сиэп төлөпүөнэ үөдүйүөҕүттэн, тымныыга төлөпүөнү туһанарга үтүлүгү устумаары, тарбахтарын төбөтүгэр эрэһиинэлэрдээх сенсорнай бэрчээккини айан таһаарбыттара. Эдэр дьон сөбүлээн туһанар. Биһиги тоһуттар тымныыбытыгар табыгаһа суоҕа буолуо эрээри, -35 кыраадыска диэри туһаныахха сөп. Ханна баҕарар атыыга баар.

Тобуку

Кистэл буолбатах, сахалар үгүстэрэ сүһүөхтэрэ тоҥон, кырдьар саастарыгар атахтара дьарҕа буолан ыарытыйар, эрэйдиир. Маныаха ыстаан таһынан тыалтан-хаартан, тымныыттан тобуку харыстыыр. Былыр сутуруону кэтэллэрэ. Сутуруо бэрбээкэйтэн өттүккэ диэри тиийэрэ итиэннэ ыстааҥҥа тирбэҕэ быанан иҥиннэриллэрэ. Сутуруо аныгылыы көрүҥэ – тобуку. Киһи бэйэтэ тиктиэн сөп. Аллара өттүнэн уонна үөһэ өттүнэн эрэһиинэлээх быалаах, быласымаас бэйэ-бэйэтигэр киирэр туттарардаах, ойоҕоһунан липучкалардаах.

Куурка

Быйыл ыытыллыбыт “Инникигэ хардыы” научнай-практическай кэмпириэнсийэҕэ, Ф.И.Авдеева аатынан Дьокуускайдааҕы Оҕо айымньытын дыбарыаһын “Кванториум” эбии үөрэхтээһин тэрилтэтин үс иитиллээччитэ сылытар куурканы (пуховик) оҥорон эспиэртэр үрдүк сыанабылларын ылбыттара.

– Биһиги кыһыммыт тымныы. Бу биһиги эрэгийиэммит улахан кыһалҕата. Маны быһаарарга, холобур, сылытар элэмиэннээх таҥас көмөлөһүөн сөп. Чинчийиибит сүрүн сыалынан водороднай-топливнай элэмиэнинэн үлэлээн сылытыллар куурканы оҥоруу уонна кэнэҕэһин киэҥ эйгэҕэ таһаарыы.

Эспэримиэҥҥэ биһиги “Horizon” топливнай элэмиэни, ону таһынан, “InEnergy” боллуону туһанныбыт. Эспэримиэн кэнниттэн прототибы оҥорон саҕалаабыппыт, – диэн кэпсээбиттэрэ. Таҥас уопсай симиэтэтэ 19 700 солк. тэҥнэһэр диэн суоттаабыттар этэ.

Үчүгэйэ диэн, бу оҥоһуллубут элэмиэни ханна баҕарар тигиэххэ сөп эбит. Тустаах пуховигы 40 кыраадыс тымныыга түөрт-биэс чаас устата устубакка кэтиэххэ сөп диэн эдэр чинчийээччилэр быһаарбыттара. Манна даҕатан эттэххэ, Саха сиригэр бу курдук сылытыллар куурка аҕыйах киһиэхэ баара иһиллэр. Онон, кэнэҕэһин хото тарҕанар чинчилээх.

Тымныыттан харыстыыр гель

СӨ технопааркатын резиденнэрэ киһи тириитин тымныыттан харыстыыр FREEZE PROTECT plus гель инновационнай бородууктаны оҥорон таһаарбыттара.

Маҥнай киһи тириитэ тоҥор, хараарар төрүөтүн үөрэппиттэр, онтон FREEZE PROTECT plus састаабын оҥорбуттар.

Бу гели иэдэскэ, муннуга уонна кулгаах эминньэҕэр сотоллор. FREEZE PROTECT plus сириэстибэни тымныыга эрэ буолбакка, тириини уокка сиэттэххэ, бырдахха ыстаттахха эмиэ туһаныахха сөп эбит. Бородуукта бары бэрэбиэркэни, ЕАС декларациятын ааспыт, атыыга тахсыбыт.

Аныгы бааччы

Былыр бааччы диэни тиктэн кэтэллэрэ. Сон иһинэн киһи сиһин курдуу баайар кэтит куһаат курдук ичигэс таҥас. Үксүн куобах тириитинэн оҥороллоро. Кэлин ити умнулла быһыытыйбытын кэннэ, ордук дьахталлар, сискэ саал былааты бааналларын көрөр буолуохтааххыт. Аныгы сахалар итини өссө тупсаран биэрбиттэр, куурка аллара өттүнэн тыал аргыйбатын, сис тоҥмотун диэн ис өттүгэр уһуллар хос биэтэс тикпиттэр. Аллара өттүнэн эрэһиинэлээбиттэр, ойоҕосторун, үөһэ өттүн липучканан туттарбыттар. Маны куурка кылгас түгэнигэр уһата таарыйа эбэтэр киэҥ кууркаҕа алын өттүнэн тыал аргыйбатын диэн тиктэллэр.

Балаклава

Балаклава эбэтэр хайыһардьыттар бэргэһэлэрэ. Балаклава төбөҕө кэтиллэр, харах, айах эрэ өттө аһаҕас, сүүһү, сирэйи бүтүннүү бүөлүүр бэргэһэ. Судургутук бэргэһэ уонна моойторук (шарф) холбоспут таҥаһа диэн быһаарыахха сөп. Билигин тигэн бэлэмнээбит, баайыллыбыт балаклаваны ханна баҕарар атыылыыллар.

+1
12
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
15 декабря
  • -33°C
  • Ощущается: -40°Влажность: 75% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: