Түмсүүлээх тылгынылар баһаары бохсууга тирэх буолаллар
Бүлүү улууһун Тылгыны нэһилиэгэр ааспыт нэдиэлэҕэ икки ойуур баһаара турбута.
Ойуур баһаарыгар сылдьар дьоннорун олохтоохтор кыахтара баарынан өйүүллэр. Бу туһунан нэһилиэк баһылыгын солбуйааччы Христина Васильева маннык иһитиннэрдэ:
— Билиҥҥи туругунан биир баһаар төгүрүтүллэн, маныы сылдьаллар. Иккис баһаар — улахан, билигин да кыайтара илик. Нэһилиэкпит дьоно-сэргэтэ баһаары утары үлэлии сылдьар уолаттарыгар бурдук аһа астаан, бородуукта, оҕуруот аһа ыыта олороллор.
Тэрийэр үлэни барытын олохтоох дьаһалта баһылыга Егор Иванов сүрүннүүр.
Тылгыныга бу — үтүө үгэс. Ойуур баһаарын бохсууга сылдьар уолаттарга олохтоохтор бэйэлэрин бородуукталарынан ас астаан ыытан тирэх буолаллар. Нэһилиэк аҕам саастаах дьоно Мария Ивановна, Василий Иванович Ивановтар дьиэ кэргэннэрэ бастакынан бэрэски, кэтилиэт аҕалбыттара. Георгий Мосов, Алексей Иванов дьиэ кэргэннэрэ эмиэ араас бородууктаны аҕалан туттарбыттара.
«Түһүлгэ» сынньалаҥ киинин үлэһиттэрэ (дириэктэр Раиса Иванова), олохтоох бибилэтиэкэ өрүү күүскэ өйүүллэрин бэлиэтиир наада. Дьон үн аайы хастыы да бакыат бурдук аһа астаан аҕалан туттараллар. Бибилэтиэкэр Виталина Григорьева минньигэс алаадьытын астаабытын оҕото тиксэрдэ. Хаһаайкалар Галина Степанова, Валентина Тимофеева, Елена Матвеева, Татьяна Федорова, Лидия Иванова уо.д.а. «баһаар аһыгар» (дьон көмөтүн итинник ааттыыбыт) куруук көхтөөхтүк кытталлар. Галина Михайловна «наада буоллаҕына өссө да биллэрээриҥ» дии сылдьар көхтөөх уопсастыбанньыкпыт.
Маны таһынан, Александр Васильев, Иннокентий Васильев 2-лии тыһыынча солкуобай харчыны «бородууктаҕа» диэн ыыттылар. Нэһилиэк тэрээһиннэригэр үгүстэригэр тирэх буолар ыаллар Акулина, Герасим Васильевтар бу баһаардарга элбэх бородууктаны биэрэн тирэх буоллулар. Нэһилиэнньэ өссө да көмө аҕала турар. Ол да иһин өбүгэбит «ойуурдаах куобах охтубат» диэн мээнэҕэ эппэт буоллахтара. Түмсүүлээх Тылгыны нэһилиэгин дьонугар барҕа махталбытын тиэрдэбит!
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: