Түмсүүлэр хардарыта сибээстээх үлэлииллэр

Түмсүүлэр хардарыта сибээстээх үлэлииллэр

Ааптар:
22.10.2023, 18:30
Хаартыскаҕа Нарыйа Румянцева түһэриитэ
Бөлөххө киир:

Ахтар-саныыр Найахыбар Мүрү бэтэрээннэрин «Күндүүнэ» түмсүүтүттэн 12 буолан бара сырыттыбыт. «Утум» түмсүүнү салайар Галина Алексеевна Чукрова  ыҥырыытынан. Бу байыаннай дьайыыга сылдьар буойуттарбытыгар таҥас тигиитигэр уопут атастаһар сыаллаах-соруктаах айан-сырыы буолар. 

«Утумнарга» байыастарбытыгар көмөбүт туһунан кэпсээтибит, хаартыскалары көрдөрдүбүт, балаклава уонна кээнчэ киэптэрин биэрдибит, хайдах тикпиппит кэпсээтибит. Харитина Ивановна Гоголева  салалталаах «симэхтэр» тигэ сылдьар формаларын, футболкаларын көрдүбүт. Мария Иосифовна Ушницкая хабылыкка, хаамыскаҕа маастар-кылаас ыытта. Салгыы биһигини Галина Алексеевна экскурсияҕа сырытыннарда. Бибилэтиэкэҕэ үөрэппит оҕобут Айталина Семеновна Готовцева аныгы технологиянан араас интэриэһинэй бырайыактары суруйан олус айымньылаахтык, кыайыылаахтык-хотуулаахтык үлэлии сылдьарын көрөн наһаа үөрдүм, астынным. Модельнай бибилэтиэкэ иһинэн 2013 с. аһыллыбыт А.М. Степанов аатынан кыраайы үөрэтэр киин (түмэл) үлэтин Светлана Егоровна Петрова көрдөрдө. Бары да сөҕө, хайгыы, астына көрдүбүт-иһиттибит. Хас биирдии хосторо киһи кэрэхсиир гына оҥоһуллубуттар. Култуура дьиэтэ ырааһа, бэрээдэктээҕэ, чахчы да, киһи эрэ дуоһуйа сынньанар сирэ.

Онтон оскуола дириэктэрэ Мирияна Кононовна Сивцева өрөмүөн кэнниттэн кыһалара саҥа курдук буолбутун, миэбэллэрин барытын уларыппыттарын, бу элбэх бырайыактарга кыттаннар ситиһиллибитин бэлиэтээн эттэ. Учууталлар, оҕолор ситиһиилэрин сырдатта, көрдөрдө. Дьэ, бу курдук Найахыга оҕо сайдарын, үөрэнэрин, дьон-сэргэ олоҕо-дьаһаҕа тупрсарын туһугар бары  биир ситимнээхтик, түмсэн, көмөлөөн үлэлии, айа-тута олороллорун көрөн үөрдүбүт, сүргэбит көтөҕүлүннэ.

Бэл, бэртээхэйдик оҥоһуллубут оҕолор оонньуур былаһааккаларыгар сыыртан сырылаан оҕо сааспытын санаан ыллыбыт. Ийэ искибиэрэ оҥоһулла сылдьарын көрөн астынныбыт. Салгыы оҕолорум биһиктэрин ыйаабыт, олорбут иэримэ дьиэм оннугар аныгылыы  тупсаҕай тутуулаах киэҥ-куоҥ саха балаҕаныгар ис сүрэхпиттэн долгуйан сырыттым. Манна «утумнар» биһиэхэ анаан наһаа минньигэс эгэлгэ астаах остуолу тардыбыттар. Өссө астына-дуоһуйа көрөргө анаан, уран тарбахтаах иистэнньэҥ кыргыттар тикпит оҥоһуктарынан киэргэппиттэрин көрөн харахпыт сымнаата. Бу курдук истиҥник кэпсэтэн, ыллаан-туойан күммүтүн туһалаахтык атаардыбыт. Түгэнинэн туһанан Найахым үтүө-мааны дьонугар бука барыларыгар барҕа махталбын тиэрдэбин.

Анастасия Мигалкина,

Мүрү, Уус Алдан.

+1
2
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
14 декабря
  • -34°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: