Салгыы
Тымыр эрэгийиэннээҕи киинигэр 3,5 тыһыынчаттан тахса киһи мэдиссиинэ көмөтүнэн туһанар

Тымыр эрэгийиэннээҕи киинигэр 3,5 тыһыынчаттан тахса киһи мэдиссиинэ көмөтүнэн туһанар

23.07.2024, 22:22
Хаартыска: Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ
Бөлөххө киир:

Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №-дээх балыыһа-Мэдиссиинэ суһал киинин иһинэн Тымыр эрэгийиэннээҕи  киинэ 2011 сыл тохсунньутуттан үлэтин саҕалаабыта.

Бу кэм устата сүүһүнэн тыһыынча киһи олооҕо быыһанна, ыарыыны быһаарарга, эмтээһиҥҥэ  уонна суһал орооһууга уонунан саҥа технологиялар туһанылыннылар. ТелеПСО, ТелеЭКГ уонна ТелеТЛТ курдук ыраахтан ньымаларга телемэдиссиинэ технологиялара көмөлөһөллөр. Киин быраастара өрөспүүбүлүкэ бары улуустарыттан кэлэр дьоҥҥо мэдиссиинэ өҥөтүн, ол иһигэр үрдүк технологиялаах хирургия орооһууларын — ангиопластиканы уонна коронарнай тымырдарга стентированиены уо.д.а. кылгас кэм иһигэр оҥороллор.
«Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №-дээх балыыһа бары подразделениелара: лаборатория сулууспата, функциональнай диагностика, рентген-диагностики (КТ, МРТ) отделениелара, рентгенохирургия, телемэдиссиинэ киинэ дьон олоҕун быыһыырга  сылы быһа 24/7 эрэһиимҥэ үлэлииллэр», -– диэн Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №-дээх балыыһа килииникэ-эспиэрт үлэтигэр кылаабынай бырааһы солбуйааччы Надежда Петрова кэпсээтэ.
Соторутааҕыта ишемическай инсультка каротиднай эндартерэктомияҕа эпэрээссийэлэр ситиһиилээхтик оҥоһулуннулар. Бу барыта Ил Дархан Айсен Николаев уонна СӨ бырабыыталыстыбата көҕүлээбит балыыһаны сэбилээһин бырагыраамаларын көмөтүнэн ситиһилиннэ.
Тымыр эрэгийиэннээҕи киинин подразделениеларыгар сыл ааны 3500-тэн тахса киһи мэдиссиинэ үрдүк технологиялаах көмөтүнэн туһанар. Тымыр эрэгийиэннээҕи киинигэр эмтэнээччилэр Дьокуускай куораттан уонна өрөспүүбүлүкэ бары улуустарыттан мэдиссиинэ суһал көмөтүнэн уонна Саахал өрөспүүбүлүкэтээҕи мэдиссиинэтин көмөлөрүнэнэн киллэриллэллэр.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
2 ноября
  • -19°C
  • Ощущается: -25°Влажность: 78% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: