Тымыр киинин быраастара Томпоҕо уонна Тааттаҕа көһө сылдьар сэминээри ыыттылар

Тымыр киинин быраастара Томпоҕо уонна Тааттаҕа көһө сылдьар сэминээри ыыттылар

14.02.2024, 19:00
Хартыска: РБ 2
Бөлөххө киир:

Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №-дээх балыыһа-Мэдиссиинэ суһал көмөтүн киинин быраастара олунньу 8-9 күннэригэр  Томпо уонна Таатта улуустарын Оройуоннааҕы киин балыыһатын терапевт, реаниматолог-анестезиолог, кардиолог быраастарыгар, мэдиссиинэ суһал көмөтүн ыстаансыйатын биэлсэрдэригэр сэминээр ыыттылар.

Тымыр эрэгийиэннээҕи киинин салайааччыта Филипп Герасимов, неврология отделениетын сэбиэдиссийэ Саргылана Шарина, суһал кардиология кардиолог-бырааһа Александра Семенова көһө сылдьан  үөрэтэр сэминээргэ мэйиигэ хаан эргииригэр тахсар кэһиллиилэри эмтииргэ телемэдиссиинэ технологиятыгар маастар-кылаастары ыыттылар. Сэминээргэ 40-ча исписэлиис кытынна.

«Оройуоннааҕы Киин балыыһа бырааһа биһиги Кииммитигэр тэлэмэдиссиинэ сибээһинэн “былыттаах поликлиниканан” сибээскэ тахсар уонна эмтэнээччини  бииргэ көрөбүт.  Чопчулаан эттэххэ, сибээскэ ханнык баҕарар идэлээх быраас тахсыан сөп.  Көмпүүтэр томографиятын түмүктэрэ эмиэ “былыкка” (АРХИМЕД) киллэриллэллэр, ону тымыр эрэгийиэннээҕи киинин невролог уонна рентгенолог быраастара көрөллөр.

Биһиги көһө сылдьар сэминээрбит үчүгэй түмүктээх буоларыгар эрэнэбит. Биһиги тэрээһиннэрбит барыта өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун доруобуйаларын харыстабылыгар уонна туруктара тустарын туһугар ыытыллаллар”, — диэтэ Филипп Герасимов.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
11 декабря
  • -43°C
  • Ощущается: -43°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: