Тымыр ыарыылаахтарга куойка ахсаанын элбэттилэр

Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 нүөмэрдээх балыыһаҕа-Мэдиссиинэ суһал көмөтүн киинигэр бэс ыйын саҥатыттан тымыр ыарыылаахтарга аналлаах куойка ахсаана эбиллибитэ.
«Хирургия отделениетын 15 балаатата 60 куойкалаах. Онтон 15 куойката сүрэх-тымыр патологиялаах ыарыһахтарга ананар, -– диэн хирургия 1 №-дээх отделениетын сэбиэдиссэйэ Василий Петрович Игнатьев кэпсиир. -– Өскөтүн урут 5 «тымыр» куойката баар буоллаҕына, нэһилиэнньэ наадыйыытын учуоттаан уонна национальнай бырайыактар чэрчилэринэн мэдиссиинэ сайдан, балыыһа салалтата 15-кэ куойкаҕа диэри улаатыннарарга быһаарда. Биһиги уопсайынан сылга 1700-тэн тахса эпэрээссийэни оҥорорбутуттан 200-чэ курдуга -– сүрэх-тымыр эпэрээссийэлэрэ. Мэйиини хааччыйар артерияларга хаан барарын чөлүгэр түһэрэр эпэрээссийэлэри оҥорон саҕалаатыбыт. Куойка ахсаана эбиллэн, тымырдарга эпэрээссийэ ахсаана, биллэн турар, эмиэ элбиир. Ол ампутацияны уонна инсульт ыарыыны бохсорго көмөлөһүөҕэ, эмтэнээччилэр олохторун хаачыстыбатын тупсарыаҕа уонна олоҕу быыһыаҕа».
Быһааран эттэххэ, хирургия 1 №-дээх отделениета ургентнай патологиялаах уонна түөскэ, ис көҥдөйүгэр эчэйиилээх ыарыһахтарга мэдиссиинэ суһал уонна анал көмөтүн суукканы быһа оҥорор. Ону сэргэ үгүс киһини Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №-дээх балыыһа хирургияҕа мобильнай биригээдэтэ өрөспүүбүлүкэ улуустарыгар үлэлээбитин түмүгүнэн «от күөх көрүдүөрүнэн» ыыталлар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: