“Түмүү – төрүт үгэс мин үүнэр үктэлим” эспэдииссийэ Сунтаар улууһуттан саҕаланна
Олунньу 1-8 күннэригэр Бүлүү бөлөх улуустарыгар “Түмүү – төрүт үгэс мин үүнэр үктэлим” эспэдииссийэ үлэлиир. «Олоҥхо дьиэлэрин систиэмэтин оҥоруу» сүрүн тиэмэлээх эспэдииссийэҕэ Геокултуурунай сайдыы института, Олоҥхо тыйаатыра, Норуот айымньытын дьиэтэ, Аан дойду норуоттарын хомуһун мусуойа уонна киинэ кытталлар.
Ил Дархан Айсен Николаев «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Олоҥхо дьиэлэрин биир кэлим систиэмэтин туһунан» 2022 сыл бэс ыйын 20 күнүнээҕи ыйааҕын олоххо киллэрии чэрчитинэн ыытыллар эспэдииссийэни Сунтаар улууһун нэһилиэнньэтэ өрө көтөҕүллэн көрүстэ. Эспэдиссиийэ сүрүн түгэнинэн буолбут киэҥ ыҥырыылаах мунньахха Ил Дархан уонна СӨ бырабыыталыстыбатын Олоҥхо дьиэлэрин туһунан Ыйааҕын олоххо киллэрии боппуруостарын дьүүллэстилэр. Култуура эйгэтин уонна уопсастыбаннас кыттыылаах мунньах түмүгүнэн Сунтаар улууһун олохтоохторо кэскиллээх этиилэри киллэрдилэр. Ону сэргэ, духуобунай майгы-сигили сыаннастарын харыстыырга уонна бөҕөргөтөргө өрөспүүбүлүкэ бырагырааматын оҥорорго Ил Дархан туруорбут соруктарын култуура үлэһиттэрэ сөпкө өйдүүллэр уонна өйүүллэр.
Геокултуурунай сайдыы институтун салайааччы, судаарыстыбаннай сүбэһит Андрей Борисов Сунтаар улууһун баһылыга Анатолий Григорьевы, уопсастыбаннаһы, норуот маастардарын кытары көрүстэ.
Улуус киинигэр Сунтаарга Арассыыйа уонна Саха сирин норуодунай артыыската Степанида Борисова туруорбут «Кыыс Дэбилийэ» олоҥхо-испэктээгин көрдөрүү иннинэ норуот ырыаларын толорооччу, 90 саастаах Мария Егорова-Тойуктаах Маарыйа кэлэн алгыс тылларын эттэ уонна тыйаатыр эдэр артыыстара сиппиттэрин-хоппуттарын астына бэлиэтээтэ.
Эспэдииссийэ күннэрэ тэрээһиннээхтик уонна туһалаахтык ыытылыннылар. Олоҥхо тыйаатырыттан Күннэй Николаева сыанаҕа тойукка, Култуурунай сайдыы институтуттан Вячеслав Ефимов мультимедийнай ускуустубаҕа, Олоҥхо тыйаатырыттан Прокопий Сыроватскай, Айсен Кысылбаиков кырыымпаҕа оонньуурга, Аан дойду норуоттарын хомуһун мусуойуттан уонна кииниттэн Вероника Лыткина, Айсен Деллохов хомуска оонньуурга маастар-кылаастарыгар уонна Олоҥхо тыйаатырын искусствоведа, суруйааччы Виктор Стручков-Дуулаҕа Дьуһаал «Олонхо – олохпут олуга» лиэксийэтигэр 120-тэн тахса киһи сырытта.
Эспэдииссийэ салҕыы олунньу 8 күннэригэр диэри Ньурба, Үөһээ Бүлүү уонна Бүлүү улуустарыгар үлэлиэҕэ.
Хаартыскалар: https://yktinform.ru/ саайтан
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: