Түҥнэстибит оҥочоҕо 5 киһи олорсон испит
Бэҕэһээ Үөһээ Бүлүү улууһугар Балаҕаннаах сэлиэнньэтиттэн чугас, Бүлүү өрүскэ мотуордаах оҥочо түҥнэстибитэ. Бу быһылаан хайдах буолбута чопчуланна диэн СИА суруйар.
Ол курдук, «Вельбот» оҥочоҕо биэс киһи баар эбит. Үс киһи биэрэккэ тахсыбыт, икки киһини була иликтэр.
Быыһыыр-көрдүүр сулууспа иһитиннэрбитинэн, Балаҕаннаахтан 8 килэмиэтир тэйиччи сытар Нэмиэһинньик диэн сиргэ буолбут быһылаан туһунан суһал иһитиннэрии балаҕан ыйын 14 күнүгэр киирбит. Оҥочоҕо биэс эр киһи устан испиттэр.
Оҥочоҕо уу киирэн, тимирэн киирэн барбыт. Ыксаллаах түгэҥҥэ олорсон иһээччилэр кытылга харбаан тахсарга быһаарыммыттар. Быыһыыр сэлиэттэр икки эрэ киһиэхэ бааллар эбит.
Кытылга үс киһи эрэ тиксибит. Сарсыарда 4 аҥаар чааска быыһааччылар кэлэн, кинилэри булбуттар. Тоҥмут, бөҕүөрбүт дьону ириэрэн баран, балыыһаҕа илдьибиттэр.
31 уонна 36 саастаах эр дьону көрдүү сылдьаллар да, була иликтэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: