Иван Иванов түһэриитэ
Аллайыаха олохтооҕо, айылҕа харыстабылын бэтэрээнэ Иван Иванов бэрт интэриэһинэй сонуну иһитиннэрдэ.
Ол курдук, былырыын “Кыталык” национальнай паарка киин кардонугар үс күнү быһа кини дьиэтин аттыттан овцебык арахпатах.
— Бу курдук күһүн атырдьах ыйыгар овцебыктар гоннарын саҕана улахан атыырдар кыра атыырдары үөрдэриттэн кыйдыыллар. Оччоҕуна кыйдаммыттар дьиэлээх-уоттаах сирдэри булаллар. Бу мин дьиэм таһыттан арахпатаҕын курдук. Кэтээн көрдөхпүнэ тыастан-уустан куттаммат, нэһиилэ кыйданан барбыта. Онон күһүҥҥү өттүгэр сэрэхтээх кыыл. Чокуурдаахха хаста да киирэр турардаах. Ону экологиялар, полициялар, көннөрү дьон көмөлөөн, туундара диэки барарын курдук сэрэнэн үүрээччилэр. Дьиҥэ, биһиги, олохтоохтор, бу кыылларга харыстабыллаахтык сыһыаннаһабыт, — диэтэ Иван Васильевич.
Онон овцебыктар уонна бизоннар тустарынан “Быки холода. Возвращение” документальнай киинэни көрүҥ. Овцебыктар тустарынан каадырдары Аллайыаха туундаратыгар устубаттар этэ.
Хаартыска: И.Иванов түһэриитэ
Бүгүн, алтынньы 26 күнүгэр, Дьокуускай куорат Комсомольскай болуоссатыгар «Саха сирин балыга» диэн ааттаах үгэс буолбут…
Киэһэ хойут айаннаан иһэн көрдөхпүнэ, уулусса устун эрдэҕэс саастаах оҕолор хаамса сылдьар буолаллар. Бу оҕолор…
Саха сирин үрдүнэн муҥха кэмэ күргүөмнээхтик салҕанар.Онуоха санатар буоллахха, 2017 сыллаахха киирбит муус аннынан балыктааһын…
Донецкай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэтин эргин Саха сирин тирэх пууна баарын истэ-билэ сылдьар буолуохтааххыт. Өрөспүүбүлүкэбититтэн хомуллан тиийбит…
Өлүөнэ өрүс хаҥас кытылыгар, Табаҕа сиригэр-уотугар үөрүүлээх быһыыга-майгыга Өлүөнэ күргэтин бастакы тирэҕэр өйдөбүнньүк бэлиэни туруорар тэрээһин буолан ааста. Этэргэ дылы, бэҕэһээҥҥэ диэри саарбахтыыр санаалаах киһи, бүгүн миэстэтигэр тиийэн туох үлэ-хамнас ыытылларын…
Бэҕэһээ, алтынньы 25 күнүгэр, байыаннай дьайыы ыытыллар сириттэн былдьаммыт байыаннай тиэхиньикэ Аллараа Бэстээххэ кэлбитэ. Бүгүн…