Тырааныспар сайдыыта – болҕомто киинигэр

Тырааныспар сайдыыта – болҕомто киинигэр

08.02.2024, 18:55
Женни Стрюкова түһэриитэ
Бөлөххө киир:

Бүгүн, олунньу 8 күнүгэр,  Ил Түмэҥҥэ Экэниэмикэ, инвестиция уонна бырамыысыланнас бэлиитикэтигэр сис кэмитиэтин  мунньаҕа буолла. Бастакы боппуруоһунан «Саха Өрөспүүбүлүкэтин тырааныспар комплексын сайдыыта» судаарыстыбаннай бырагыраама 2023 сылга хайдах туолбутун дьүүллэстилэр.

СӨ тырааныспарка уонна суол хаһаайыстыбатыгар миниистирин солбуйааччы Ольга Рафаилова 2022 с. бигэргэммит судаарыстыбаннай бырагыраама туолуутугар сүрүн хайысхаларга тохтоото.  Былырыын тустаах бырагырааманы олоххо киллэриигэ 21939,7 мөл. солкуобай көрүллүбүт (ол иһигэр федеральнай бүддьүөттэн 4599,3 мөл. солк., Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай бүддьүөтүттэн – 16356,5  мөл. солк., олохтоох бүддьүөттэн – 557,0 мөл. солк, тас источниктартан – 323,3 мөл. солк.).

Кини иһитиннэриититтэн дьоҥҥо-сэргэҕэ туһалаах туох толоруллубутуй диэтэххэ, 60,5 тыһ. пассажир субсидиянан туһаммыт. Авиа-тиэйиинэн 1028,1 мөл. солк. үбүлээһин көрүллүбүт. Дьокутааттар тустаах сытыы тиэмэҕэ үгүс ыйытыылары биэрдилэр. «Якутия» авиа-хампаанньа үлэтигэр сыһыаннаах ыйытыыга сөмөлүөттэр көтүүлэрин тардыллыыта саппаас сөмөлүөт суоҕуттан буоларынан быһаарда. Манна даҕатан эттэххэ, хоту улуустарга күн-дьыл туругуттан, сороҕор сөмөлүөт тиийбэтиттэн да быһыылаах, сөмөлүөттэр хас да күн тардыллан көтүүлэрэ өрүү тахсар. Хайдах эрэ онно хотулар бэйэлэрин эрэ кыһалҕаларын курдук буолар, сороҕор киһи сатаан өйдөөбөт, сөмөлүөт кыайан көппөт күнүгэр айанньыттары таах сааратан пуорка ыҥыралларын.  Бэл, биирдэ “Якутия” хампаанньа иһитиннэрэр сулууспатын үлэһитэ: “Чокуурдаах диэн куоракка халлаан туруга мөлтөх, көтөр кыаҕа суох диэн”, — хоруйдаабыта.

Норуот дьокутаата Александр Атласов тыа сирин олохтоохторо саамай абыраллаах көлөлөрүн — “Синтай” тыраахтардарын докумуоннааһын боппуруоһун туруоруста.  Манна даҕатан эттэххэ, самоходнай массыына (36,3 тыһ.) уонна тиэхиньикэ атын көрүҥэ сыллата эбиллэр эбит. 6825 массыына улуустарга учуокка турар уонна 2032 самоходнай тиэхиньикэ тиэхиньиичэскэй учуотунан хабыллыбыт.

Ити курдук, дьоҕус авиацияҕа, сайыҥҥы кэмҥэ өрүһү туоратыынан дьарыктаныыны эҥин ыйыттылар. Паром сырыытыгар сыһыаннаан, массыына иһигэр олорсон иһэр киһини төлөбүртэн босхолуур, холобура, аҕыйах ыйдаах да оҕону буоллун, тоҕо табыллыбатын туоһуластылар. Ил Түмэн дьокутааттара, кырдьык, быыбардааччыларын тустарыгар сыһыаннаах кыһалҕалары сөпкө көтөхтүлэр. Уонна сис кэмитиэт мунньаҕар ыҥырыллыбыт миниистир кэлбэтэҕин (СӨ бырабыыталыстыбатын отчуотугар сылдьар) сэмэлээтилэр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
23 ноября
  • -25°C
  • Ощущается: -32°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: