Түргэн төлөбүр тиһигэр саҥа тарыып үлэлээтэ
Дойду бааннарынан хас биирдии киһи судаарыстыба туһатыгар ыытар төлөбүрдэригэр түргэн төлөбүр тиһигэр (СПБ — система быстрых платежей) комиссия ылыллыбат буолуоҕа.
Ити курдук харчыны түргэн төлөбүр тиһигинэн хас биирдии киһи оҕо уһуйааннарын усунуостарын, куруһуоктарын, сиэксийэлэрин, нолуоктарын, ыстарааптарын төлөбүрдэригэр комиссия ылыллыбат буолар.
Ыйга 100 тыһ. солк. суумалаах комиссията суох харчыны ыытыы кээмэйэ бу сыл сэтинньи 1 күнүттэн счеттар икки ардыларыгар эрэ буолбакка, электроннай кумааһынньыктары хаҥатыыга эмиэ тарҕаныа.
Ону таһынан 30 мөл. солк. диэри суума харчыны бэйэ счекка ыытарга комиссияламмат буолуоҕа. Оттон бу быһыллыбыт кээмэйтэн үөһэ сууманы ыытыы иһин 0,5% -наах комиссия көрүллэр, диэн Киин баан пресс-сулууспата суруйар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: