Кинигэ туһунан чахчылар.
Түргэнник ааҕыы — олус туһалаах ньыма. Бу албаска баҕалаах барыта үөрэниэн сөп. Түргэнник ааҕыы ньымата бириэмэни сүүйэргэ көмөлөһөр. Маны тэҥэ, өскөтүн мүнүүтэҕэ 200 тылы ааҕар эбит буоллаххына 3000 тиийэ тылы ааҕыахха сөп.
Саамай судургу ньыма — тиэкистэн сүрүнүн эрэ искэр ааҕыы, суолтата суоҕун түһэрии. Элбэх улуу дьон бу ньыманы туһаналлара. Холобур, Теодор Рузвельт, Джон Кеннеди, Максим Горькай.
-Кинигэҕэ бэчээттэммит саамай уһун этии Виктор Гюго «Отверженные» арамааныгар баар, этии 823 тыллаах.
-Саамай түргэнник ааҕар киһинэн Филиппин олохтооҕо Мария Тереза буолар. Кини 1 мүнүүтэҕэ 80000 тылы ааҕар уонна ис хоһоонун 100% өйдүүр.
-Аан маҥнайгы электроннай кинигэ — 1971 сыллаахха Майкл Харт оҥорбут «Декларация независимости» диэн.
-Оттон кып-кыра, 1 мм х 1 мм кинигэ Шотландияҕа 1985 сыллаахха тахсыбыт. Хоруол Коул туһунан остуоруйа эбит. Чап-чараас кумааҕыга бэчээттэммит. Ону уһуктааҕынан, холобур иннэнэн, испиинтэнэн арыйыахха сөп эбит. Бу кып-кырачаан кинигэ 90 устууканан тахсыбыт.
-Оттон 1.75 м. үрдүктээх, 1,9 м. туоралаах кинигэ туһунан истибиккит дуу? Бу — Кленке атлаһа. 1660 сыллаахха Британия хоруолугар Карл II анаан оҥотторбуттар. Голландия атыыһыта Йоханнес Кленке ону хоруолга бэлэхтээбит.
Интэриниэт ситимиттэн уонна халандаартан ылылынна.
Саха ыалын халандаара, 2023 сыл. «Айар» кинигэ кыһата.
Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…
“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…
LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…
Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…
Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга саамай…
Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…