Салгыы
Түргэнник ситэр салаа — Горнай нэһилиэктэригэр

Түргэнник ситэр салаа — Горнай нэһилиэктэригэр

11.07.2024, 17:50
Хаартыска -- Горнай улууһун дьаһалтатын телеграм-ханаала
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ Горнай улууһугар Одунуга, Мытаахха, Солоҕоҥҥо, Атамайга уонна Октябрьскайга баар хаhаайыстыбаларга босхо уотурбалары аҕалан түҥэттилэр.

«Дьиэ кэргэн экэниэмикэтин өйөбүлэ» бырагыраама түргэнник ситэр салаанан дьарыктанар дьоҥҥо олус туһалаата. Биһиги дьоммут ордук сайыҥҥы кэмҥэ сибиинньэ, көтөр ииттэн баран, аны күһүн кыһыҥҥыга хаһаанан, эбии эттэннэллэр. Сүрүннээн харчыны төнүннэриигэ үчүгэй өйөбүл оҥоһуллар. Ол курдук, сибиинньэ атыытын ороскуота 40%-на төннөрүллэр, эбии босхо аһылык. Ол эбэтэр , 25 % -нын — нэһилиэк, 15 %-нын улуус бүддьүөттэрэ толуйаллар. Бу сылга биирдэ оҥоһуллар көмө. Онон одунулар судаарыстыба бу өйөбүлүн туһанан, көтөрү (индюк, хаас) хото иитэллэр, — диэн санаатын үллэһиннэ Одуну нэһилиэгин баһылыга Владимир Текеянов.

+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
26 ноября
  • -23°C
  • Ощущается: -29°Влажность: 77% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: