Суоттуга сэргэх тэрээһин буолла
Уус Алдан улууһугар Хоноҕордооҕу «Түһүлгэ» сынньалаҥ киинигэр «Тырымныы сыдьаайар холумтан угуйар» кэрэхсэбиллээх күн буолан ааста.
Кулууп үлэһиттэрин көҕүлээһиннэринэн уонна олохтоох дьаһалта өйөбүлүнэн Дьиэ кэргэн аллеята үөрүүлээх быһыыга арылынна. Аллеяҕа Хоноҕор бөһүөлэгин сайдыытыгар боччумнаах кылааттарын киллэрбит В.А. Абрамова, Л.В. Пермякова, Дьоруой Ийэ П.Н.Барашкова ааттарын үйэтитэр өйдөбүнньүк ыскамыайкалары оҕолоро туруордулар.
«Өбүгэ ситимэ» урукку кэмнэрдээҕи мал-сал быыстапката мустубут дьон болҕомтотун тарта. Кэрэхсэбиллээх киэһэни түһүлгэ оһуохайа ситэрэн-хоторон биэрдэ. Оһуохайы сынньалаҥ киинин уус-уран салайааччыта В.С. Бубякина таһаарда.
«Мин дьолум, тапталым — барыта манна баар…» бырааһынньыктааҕы кэнсиэри бары сөбүлээн истэр, кэрэхсээн көрөр бэтэрээннэрбит, «Илгэ» фольклор ансаамбыла саҕалаата (сал. А.М. Максимова).
Кэнсиэргэ нэһилиэкпит кэрэ куоластаах ырыаһыттара: Лена Заровняева, Татьяна, Филипп Габышевтар, Ирина Осипова, «Ситим», «Сарыада» үҥкүү бөлөхтөрө, «Тэбэнэттэр» көр-күлүү бөлөҕө кыттыыны ыллылар. Уус Алданнааҕы тиэхиньикум устудьуоннара ылбаҕай ырыаларын, нарын-намчы үҥкүүлэрин анаатылар.
Раиса Черкашина,
Суотту, Уус Алдан.
Лена Заровняева хаартыскаларга түһэриитэ
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: