Салгыы
Түүл суолтата утуйар уу хаамыытынан

Түүл суолтата утуйар уу хаамыытынан

Ааптар:
19.10.2024, 20:00
Мария Васильева хаартыскаҕа түһэриитэ, СИА
Бөлөххө киир:

Саха саныырынан, утуйар уу араастаах.

Сылбай уу кэмэ — киэһэ сыппыт кэннэ түүн үөһүгэр диэри. Сылбай уу саҕана түүл ордук олохтоохтук түһэнэр, биттээх, иччилээх буолар.

Түмэн уу кэмэ түүн үөһүттэн 2 чаас салҕанар. Бу кэмҥэ киһи иэк-сиэк утуйар, түүлэ да чэпчэки, бэрт хаадьаа киэһээҥҥи курдук иччилээхтик түһүүр.

Түлэй уу — киһи сылаата хаттаан көбөр. Түлэй уу кэмэ түүн 2 чаастан түүн 4 чааска диэри. Түлэй уу түүлэ үксэ умнуллар.

Түлүк уу — киһи утуйан, сынньанан күнүскү чөлүгэр төннүөн иннинэ өрүһүспүттүү күүскэ утуйар. Түлүк уу кэмэ түүн 4 чаастан сарсыарда 6 чааска диэри. Бу кэмҥэ түүл күннээҕи кыһалҕаттан ырааппат, кураанах буолар.

Нуктаан ылыы — күн устата кылгастык утуйуу. Түүл үксүгэр солуута суох буолар.

Р.И.Бравина «Түүл сахалыы тылдьыта» кинигэтиттэн.

«Айар», 2022 с.

+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
21 ноября
  • -29°C
  • Ощущается: -29°Влажность: 69% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: