Түүл туоларын нэдиэлэ күнүнэн быһаарыы
Түүл туоларын нэдиэлэ күнүнэн, чааһынан быһааралларын туһунан истибиккит дуо? Онтон Р.И.Бравина «Түүл сахалыы тылдьыта» кинигэтигэр түүл-бит туһунан маннык суруллубутун көрүөххэ сөп.
Түүл туоларын нэдиэлэ күнүнэн быһаарыы
Бэнидиэнньик — бу күн төрөөбүт күннээххэ эрэ туолар.
Оптуорунньук — өтөрүнэн туолбат.
Сэрэдэ — өтө көрөр иччилээх түүл.
Чэппиэр — үксүгэр кураанах түүл.
Бээтинсэ — иччилээх түүл.
Субуота — ардыгар туолар.
Өрөбүл — кимиэхэ да кэпсээбэтэххэ туолар.
Түүлү чааһынан быһаарыы
Киһэ 8 чаастан түүн үөһүгэр диэри — өр кэминэн туолар.
Түүн үөһүттэн 3 чааска диэри — үс ый иһинэн туолар.
Үс чаастан халлаан сырдыар диэри — сотору кэминэн туолар.
Күнүскү түүл — дэҥ кэриэтэ туолар.
Р.И.Бравина «Түүл сахалыы тылдьыта» кинигэтиттэн быһа тардан.
«Айар», 2022 с.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: