Тыыл, үлэ бэтэрээнэ Клавдия Слепцова 101 сааһын туолла

Share

Тыыл, үлэ бэтэрээнэ, САССР үтүөлээх учуутала, РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна Слепцова Клавдия Николаевна тохсунньу 25 күнүгэр 101 сааһын туолла. 

Хаартыска: үлэ, социальнай сайдыы министиэристибэтэ.

Клавдия Николаевна 1924 сыл тохсунньу 25 күнүгэр Тамбовскай губерния Беднодемьянскай куоратыгар төрөөбүтэ. Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан, 1941 сыллаахха оборуона үлэтигэр мобилизацияламмыта.

1943 сыллаахха Горьковскай педагогическай институкка үөрэнэ киирбитэ. Үөрэҕин бүтэрэн баран, Саха АССР Дьокуускайдааҕы педагогическай училищеҕа анаммыта. Бу сэрии кэннинээҕи ыарахан кэмнэртэн кини 40-тан тахса сыл устата халбаҥнаабакка, педучилищеҕа үлэлээбитэ, уонунан көлүөнэ устудьуоннары үөрэппитэ.

Саха сирин кини иккис дойду оҥостон, олоҕун аргыһын — училище преподавателин Григорий Слепцовы көрсөн, 1949 сыллаахха ыал буолбуттара. 30-тан тахса сыл таптаһан, иллээхтик олорбуттара.

Хаартыска: үлэ, социальнай сайдыы министиэристибэтэ.

Билигин Клавдия Николаевна Өрөспүүбүлүкэтээҕи кырдьаҕастар, инбэлииттэр интэринээт-дьиэлэрин «Милосердие» отделениетыгар олорор. Төрөөбүт күнүгэр кинини аймахтара, С.Ф. Гоголев аатынан педагогическай колледж устудьуоннара, үлэ, социальнай сайдыы министиэристибэтин үлэһиттэрэ кэлэн, эҕэрдэлээтилэр.

What’s your Reaction?
+1
4
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Айсен Николаев Аллараа Халыма улууһун байыаннай дьайыыга кылаатын үрдүктүк сыаналаата

Айсен Николаев Аллараа Халыма улууһун баһылыгын Ярослав Бандеровы көрсөн, муниципалитет инники социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын боппуруостарын дьүүллэстилэр.…

19 секунд ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Оҥоһуу өй сахалыы кэпсэтэр, оннооҕор хоһоон суруйар…

Сайдыы балысханнык хардыылаан, Оҥоһуу өй, ол эбэтэр нууччалыы эттэххэ, “Искусственнай интеллект” диэн саҥа технология баар…

21 минута ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрэ соцреабилитацияны ааһаллар

Өрөспүүбүлүкэтээҕи доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолор уонна улаатан эрэр оҕолор  реабилитационнай кииннэригэр байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрэ,…

23 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Харах далыгар — саха ытын боруодата

Бу күннэргэ Нам улууһун дьаһалтатыгар улуус булчуттара, булчут ыттарынан дьарыктанааччылар, сэҥээрээччилэр саха ытын тула кэпсэтиигэ…

29 минут ago
  • Сонуннар
  • Спорт

Мас-рестлиҥҥэ норуоттар икки ардыларынааҕы быраабылаларын саҥа эрэдээксийэтэ бэчээттэннэ

Мас-рестлиҥҥэ норуоттар икки ардыларынааҕы быраабылаларын саҥа эрэдээксийэтэ бу сыл олунньу 1 күнүттэн күүһүгэр киирэр. Дьаһалга…

43 минуты ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

«122» Доруобуйа харыстабылын кэлим контакт-киинэ мэдисиинэ көмөтүн ылыыны чэпчэтэр

“122” Доруобуйа харыстабылын кэлим контакт-киинигэр 24 эпэрээтэр үлэлиир, кинилэр мэдисиинэ тэрилтэлэрин үлэлиир чаастарыгар сөп түбэһэн…

58 минут ago