Салгыы
Түүлээх носорог кырамтатын ХИФУ түмэлигэр туттардылар

Түүлээх носорог кырамтатын ХИФУ түмэлигэр туттардылар

Ааптар:
06.08.2024, 10:45
Хаартыска: ХИФУ пресс-сулууспата
Бөлөххө киир:

М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет сэлии түмэлигэр  түүлээх носорог кырамтатын туттардылар. Носорог уҥуохтарын Өймөкөөн улууһугар хайа үлэтин кэмигэр булбуттар. Бу туһунан ХИФУ пресс-сулууспатыгар иһитиннэрдилэр.

«Биһиги соторутааҕыта носорог кырамтата булуллубут сириттэн үлэлээн кэллибит, онно биһиэхэ носорог муоһун бэлэх туттардылар. Харыстаммыт сорох этин чааһа кэнсиэрбэлэннэ уонна чинчийиитин барыллаан былаанынан аны күһүн ыытыахпыт, — диэн сэлии түмэлин лабораториятын сэбиэдиссэйэ Максим Чепрасов иһитиннэрдэ. Кини этэринэн, ХИФУ устуоруйатыгар бу бастакы маннык булумньу. Урут бу иннинэ Саха сиригэр түүлээх носорог кырамтата сорох этин чааһын кытта Бүлүүгэ (1771), Үөһээ Дьааҥыга (1877), Халымаҕа (2007), Абыйга (2020) көстүбүтэ.

Учуонайдар носорог чопчу биологическай сааһын уонна тыһы, атыыр буоларын быһаарыахтара. ХИФУ ректора Анатолий Николаев бэлиэтээбитинэн, саҥа булумньу Саха сирин устуоруйатын, былыргы фаунатын, килиимэтин уонна геологическай усулуобуйатын дириҥэтэн үөрэтэргэ көмөлүөҕэ.

«Түүлээх носорог кырамтата уонна сорох этин чааһа сэлии түмэлигэр бэлэх бэриллэн, сыаналаах эспэнээт быһыытынан эрэ буолбакка, научнай чинчийиилэргэ сөҕүмэр элбэх кыаҕы үөскэтэр. Университекка булумньуну биэрии бу биисинэс уонна наука бииргэ үлэлээһиннэрин чопчу көрдөрөр, ону кытта  чаҕылхай холобурунан буолар», — диэн Анатолий Николаев бэлиэтээтэ. ХИФУ иһитиннэриитинэн, Саха сиригэр аан дойдуга аатырбыт сэдэх сэлии, түүлээх носорогтар, бизоннар, овцебыктар, хахайдар уонна да атын былыргы кыыллар кырамталара булуллубуттара. Бу сыл бэс ыйыгар университекка 44 тыһыынчаттан тахса сыл устата сыппыт былыргы бөрө өлүгүн чинчийиитин ыыппыттара.

Уус Алдаҥҥа түүлээх носорог кырамтата көһүннэ

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -39°C
  • Ощущается: -39°Влажность: 74% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: