Түүлээх уллуҥах түүн дьиэни халаан тутулунна
Нам улууһугар түүҥҥү сырыылаах, түүлээх уллуҥах ыал дьиэтигэр киирэн, хаһаайыны кырбаан туран халаата. Ол туһунан СӨ ИДьм пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Нам улууһунааҕа полиция отделын участковайа учаастагар баар дьиэлэри кэрийэ сылдьан уоруйахтан эмсэҕэлээбит олохтооххо сылдьыбыт.
Дьиэлээх хаһаайын кэпсээбитинэн, билбэт киһитэ кини дьиэтигэр киирэн, күүһүнэн өттөйөн туран, харчытын, суотабай төлөпүөнүн, болгаркатын уонна противоэнцефалитнай көстүүмүн халаан тахсыбыт. Халабырдьыт барарыгар хаһаайын полицияҕа тыллыыр түгэнигэр өлөрүөх буолан сааммыт. Уопсай хоромньу 34 000 солкуобайга тэҥнэспит.
Холуобунай ирдэбил үлэһиттэрэ суһал-ирдиир үлэлэрин түмүгэр, уоруйах тутуллубут. Буруйу урут хаста даҕаны сууттана сылдьыбыт 25 саастаах эр киһи оҥорбут.
Биллибитинэн, эмсэҕэлээччи түүн умнан кэбиһэн тас аанын хатаабакка утуйбут. Сарсыарда 6 ч. саҕана уорбаланааччы дьиэҕэ киирбит уонна утуйа сытар киһини охсубут. Ол кэннэ күүһүнэн өттөйөн туран, «мобильнай баанынан» 8 000 солк. ыыттарбыт, баайын-дуолун халаабыт уонна куотан хаалбыт. Буруйданааччы бу малы-салы атыылаары соруммут даҕаны, кыайан батарбатах. Халаммыт мал хаһаайыныгар төннөрүллүбүт.
Халабырдьыкка РФ холуобунай кодексатын 161 ыстатыйатын 2 чааһынан «Халааһын» холуобунай дьыала тэриллибит.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: