Тыылга кыайыыны уһансааччылар
Үтүө дьыаланы оҥороҥҥун аатырбаккын диэн этэллэр, кырдьыга да оннук. Атын дьоҥҥо көмөлөһөргө үөрэммит дьон аакка-суолга дьулуспаттар.
Ону биһиги байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан, махтал туһугар буолбакка, дууһаларын ыҥырыытынан дьаныардаахтык үлэлии сылдьар биир дойдулаахтарбыт холобурдарыгар көрөбүт. Ис сүрэхтэриттэн үтүөнү оҥорор дьон хаһан даҕаны бэйэлэрин тустарынан кэпсэнэ сылдьыбаттар. Ол эрээри кинилэр үтүө дьыалаларын кэпсиэххэ наада. Билигин бэйэ-бэйэҕэ көмөлөһүү ордук суолталаах.
Кинилэри байыаннай дьайыы кыттыылаахтара Кыайыы волонтердара эбэтэр тыылга кыайыыны уһансааччылар диэн ааттыылларын элбэхтик истибитим. Билигин кимтэн даҕаны, тугу даҕаны эрэйбэккэ, дууһаларын ыйыытынан, ис сүрэхтэриттэн, бэйэлэрин баҕаларынан байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар көмөлөһөр дьон элбэх. Олортон мин бүгүн икки киһи туһунан кэпсииргэ соруннум. Кинилэр иккиэн Үөһээ Бүлүү улууһугар олороллор, бэйэлэрин илиилэрин сылааһын иҥэрэн көмөлөһө сылдьаллар.
Балыксыт Ольга
Саха сирин үгүс олохтооҕо социальнай ситиминэн тарҕаммыт, инники кирбиигэ сылдьар байыастарбыт араастаан буһарыллыбыт, хаппыт, үтүллүбүт, тоҥмут балыгы сии олорон махтанар устууларын көрбүт буолуохтааххыт. Соторутааҕыта уолаттар Балыксыт Ольгаҕа махталбытын тиэрдиҥ уонна кини туһунан суруйуоххут дуо диэн көрдөспүттэрэ. Ону быһа гыммакка, булан кэпсэттим.
Балыксыт Ольга диэн аатынан билэр киһилэрэ – Ольга Захарова. Үөһээ Бүлүү улууһун Ороһутугар олорор, үс оҕо амарах ийэтэ, биир сиэн тапталлаах эбээтэ. Өссө биир эппиэкэҕэ сылдьар оҕоҕо иккис ийэтинэн буолар. Кини быйыл сааскыттан байыаннай дьайыыга бэйэтэ балыктаан уонна балыксыттартан хомуйан, ыраастаан, астаан, буһаран ыытар.
«Мин саамай сөбүлүүр дьарыгым – балыктааһын. Балыксыттар диэн социальнай ситимҥэ бөлөхтөөхпүн. Онно Семен Михалев бөлөххүтүнэн балыктаан, астаан ыытан көмөлөһүөххүтүн сөп диэн эппитэ. Онтон ыла, бастаан бөлөҕүм дьонуттан балык хомуйан, астаан госпитальга сытар уолаттарга ыытан саҕалаабытым. Сайын күн аайы собону илимнээн, мундуну туулаан, алыһары, сордоҥу спинниннээн, сыа балыгы, кыра да буоллар, муҥхалаан ыыппытым. Сүрүннээн собону ыһаарылаан, хатаран, мундуну эмиэ ыһаарылаан, үөлэн, алыһары ыыһаан, сордоҥу тууһаан бэлэмниибин. Быйыл Тамалакаан муҥхаһыттара 2 куулу, ороһулар 1,5 куулу, кэнтиктэр 2 куулу, Дүллүкүттэн Михаил Тарасов 2 куулу, Харбалаах баһылыга 1 куулу, Тамалакаан олохтооҕо Семён Семёнов 1 куулу бэрсибиттэрэ. Ол балыктан 8 куулу астааммын Хабаровскай, Москва госпиталларыгар уонна инники кирбиигэ 9 уолга ыыттым. Билигин өссө 6 уолга астаан бэлэмнии сылдьабын. Төһө кыалларынан өссө эбии ыытыам, дойдуларын аһа ахтылҕаннаах уонна күүс-сэниэ эбэр», – диэн кэпсээтэ Ольга.
Ольга Петровна сотору-сотору балык ыыта олоробун, ас хомуйуутун биллэрдим даҕаны, Ороһуга баар «Күбэйэ» диэн аҕам саастаах дьон түмсүүтэ, оскуола кэлэктиибэ итиэннэ ыаллыы сытар Тамалакаан олохтоохторо тута аҕалан биэрэллэр диэн кэпсиир. Үтүө киһи көмөтө итинэн эрэ бүппэт, биир дойдулаахтарын көмөлөһүннэрэн иккитэ Москваҕа госпитальга сытар уолаттарга инвалиднай кэлээскэ, баттык мас, ходунок хомуйан ыыппытын «Саха волонтердар» кэпсээн тураллар.
Кэпсэтиибит бүтүүтэ, кини: «Байыаннай дьайыы түргэнник бүтэн, уолаттарбыт дойдуларыгар тыыннаах, чэгиэн төннөллөрө буоллар диэн баҕа санаалаахпын. Биир дойдулаахтарбар ким төһө кыалларынан көмөлөһүҥ диэм этэ, оҕолорбут кыраҕа да наһаа үөрээхтииллэр. Дойдуларын аһын аһаан күүс-сэниэ эбинэллэр. Барыанньа, сироп, бурдук аһа, балык, эт, харта, арыы, кус, куобах, мас көтөрө ыыттаххытына, уолаттар наһаа үөрүө этилэр», – диэн Балыксыт Ольга баҕа санаатын эттэ.
Мындыр толкуйдаах Васма Иванова
Кэнники сылларга Саха сиригэр дьахталлар хамсааһыннара күүһүрдэ диэххэ сөп. Байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан ийэлэр, барахсаттар, айылҕаттан амарах санаалаах, аһыныгас майгылаах буоланнар, дууһаларын ыйыытынан, илиилэрин сылааһынан уолаттарбытыгар таҥас-сап тигэн, ас астаан ыыталлар. Кинилэр норуот күүһүн чаҕылхай холобурунан буолаллар.
Үөһээ Бүлүүгэ олоххо көхтөөх, барытыгар инники күөҥҥэ сылдьар Васма Васильевна Иванованы билбэт киһи ахсааннааҕа буолуо. Кини көҕүлээһининэн 2023 сыллаахха Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтигэр «Дойдум тыына» диэн иистэнэр сыах үлэтин саҕалаабыта.
Васма Иванова бастаан аймахтарым-урууларым өйөөн-өйдөөн иистэнэн саҕалаабытым диэн кэпсээтэ: «Мин саҕалааһыммын дьонум өйөөннөр, олохтоохтор өйдөөннөр, үбүлээһиннэр, ол харчынан таҥас матырыйаалын атыылаһан, бэйэм иистэнэр массыыналарбынан тигэн саҕалаабытым. Онтон сыыйа дьахталлар массыына аҕалан, үлэлэрин быыһыгар кэлэн иистэнэн тигинэччи үлэлээн барбыппыт. Алгыстаах мөһөөччүкпүтүгэр, кыһыҥҥы өттүгэр, сүүрбэччэ көрүҥ таҥаспыт ардыгар баппакка буолар этэ. Билигин матырыйаалбытын «Семир» маҕаһыынтан (А.Н. Пономарева) үлэһэн ылларабыт, ону тэҥэ «Мааппа» маҕаһыын (М.В. Еттянова) аҕалан хааччыйаллар. Ардыгар ыксал буоллаҕына, куораттан бэйэбит дьоммут сүгэн-көтөҕөн аҕалан абырыыллар. Мөһөөччүкпүт алгыһын, харысхалын «Офсет» тэрилтэҕэ бэчээттэтэбит. Харысхалларбытын талааннаах тарбахтаах дьоммут оҥорон тиксэрэллэр. Ол курдук, биллибэккэ-көстүбэккэ олорор эбээлэрбит үтүлүк, куллуку, угунньа таптайан, тигэн оҕолорбутугар илиилэрин сылааһын иҥэрэн, дойдуларын сылаас тыынын иҥэрэн уолаттарбытыгар сэниэлэригэр сэниэ, эрэллэригэр эрэл эбэллэр».
Васма Васильевна мындыр толкуйунан тепловизоры, дрону тэйитэр матырыйааллаах плащ-балааккалары тигэн ыыталлар. Бу ураты оҥоһуулаах балаакка уолаттарбытын абырыырын туһунан элбэҕи кэпсииллэр. Оттон хас биирдии уол уоппускатыттан төннөрүгэр хас да суол таҥастаах мөһөөччүгү биэрэн ыыталлар. Васма Васильевна, уопсайа 100-чэ уол мөһөөччүкпүтүн ылан барда диэн кэпсиир. Мөһөөччүккэ плащ-балаакка, ичигэс таҥас, сиэккэ уонна харысхал киирэр.
Васма Васильевна «Көмүс сүүтүк» түмсүү көмөтүнэн элбэх таҥас тигиллэрин, аны туран, эбээлэр Пионер, Хомсомуол күннэригэр анаан-минээн субуотунньуктаан, иистэнэн баралларын бэлиэтиир.
Бүгүҥҥү туругунан, 333 мөһөөччүк бэриллибит. Москва, Санкт-Петербург госпиталларыгар сытар уолаттарга хаһыстаан даҕын ыытаннар, уолаттарбыт долгуйа үөрбүттэр. Ону таһынан, Амматтан, Тааттаттан үлэһэн ылбыттар. Ньурба улууһун «КөмүсКэл» волонтердар бөлөхтөрө «Дойдум тыына» сыаҕы кытары салгыы үлэлэһэргэ сүбэлэспитин Васма Васильевна астына кэпсиир.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: