Тыылга кыайыыны уһансааччылар

Share

Үтүө дьыаланы оҥороҥҥун аатырбаккын диэн этэллэр, кырдьыга да оннук. Атын дьоҥҥо көмөлөһөргө үөрэммит дьон аакка-суолга дьулуспаттар.

Ону биһиги байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан, махтал туһугар буолбакка, дууһаларын ыҥырыытынан дьаныардаахтык үлэлии сылдьар биир дойдулаахтарбыт холобурдарыгар көрөбүт. Ис сүрэхтэриттэн үтүөнү оҥорор дьон хаһан даҕаны бэйэлэрин тустарынан кэпсэнэ сылдьыбаттар. Ол эрээри кинилэр үтүө дьыалаларын кэпсиэххэ наада. Билигин бэйэ-бэйэҕэ көмөлөһүү ордук суолталаах.

Кинилэри байыаннай дьа­йыы кыттыылаахтара Кыайыы волонтердара эбэтэр тыылга кыайыыны уһансааччылар диэн ааттыылларын  элбэхтик истибитим. Билигин кимтэн даҕаны, тугу даҕаны эрэйбэккэ, дууһаларын ыйыытынан, ис сүрэхтэриттэн, бэйэлэрин баҕаларынан байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар көмөлөһөр дьон элбэх. Олортон мин бүгүн икки киһи туһунан кэпсииргэ соруннум. Кинилэр иккиэн Үөһээ Бүлүү улууһугар олороллор, бэйэлэрин илиилэрин сылааһын иҥэрэн көмөлөһө сылдьаллар.

Балыксыт Ольга

Саха сирин үгүс олохтооҕо социаль­най ситиминэн тарҕаммыт, инники кирбиигэ сылдьар ба­­йыастарбыт араастаан буһарыллыбыт, хаппыт, үтүллүбүт, тоҥмут балыгы сии олорон махтанар устууларын көрбүт буолуохтааххыт. Соторутааҕыта уолаттар Балыксыт Ольгаҕа махталбытын тиэрдиҥ уонна кини туһунан суруйуоххут дуо диэн көрдөспүттэрэ. Ону быһа гыммакка, булан кэпсэттим.

Балыксыт Ольга диэн аатынан билэр киһилэрэ – Ольга Захарова. Үөһээ Бүлүү улууһун Ороһутугар олорор, үс оҕо амарах ийэтэ, биир сиэн тапталлаах эбээтэ. Өссө биир эппиэкэҕэ сылдьар оҕоҕо иккис ийэтинэн буолар.  Кини быйыл сааскыттан байыаннай дьайыыга бэйэтэ балыктаан уонна балыксыттартан хому­йан, ыраастаан, астаан, буһаран ыытар.

«Мин саамай сөбүлүүр дьарыгым – балыктааһын. Балыксыттар диэн социальнай ситимҥэ бөлөхтөөхпүн. Онно Семен Михалев бөлөххүтүнэн  балыктаан, астаан ыытан көмөлөһүөххүтүн сөп диэн эппитэ. Онтон ыла, бас­­таан бөлөҕүм дьонуттан балык хомуйан, астаан госпитальга сытар уолаттарга ыытан саҕалаабытым. Сайын күн аайы собону илимнээн, мундуну туулаан, алыһары, сордоҥу спинниннээн, сыа балыгы,  кыра да буоллар, муҥхалаан ыыппытым. Сүрүннээн собону ыһаарылаан, хатаран, мундуну эмиэ ыһаары­лаан, үөлэн, алыһары ­ыыһаан, сордоҥу тууһаан бэлэмниибин.  Быйыл Тамалакаан муҥхаһыттара 2 куулу, ороһулар 1,5 куулу, кэнтиктэр 2 куулу, Дүллүкүттэн  Михаил Тарасов 2 куулу, Харбалаах баһылыга 1 куулу, Тамалакаан олохтооҕо Семён Семёнов 1 куулу бэрсибиттэрэ. Ол балыктан 8 куулу астааммын Хабаровскай, Москва госпиталларыгар уонна инники кирбиигэ 9 уолга ыыттым. Билигин өссө 6 уолга астаан бэлэмнии сылдьабын. Төһө кыалларынан өссө эбии ыытыам, дойдуларын аһа ахтылҕаннаах уонна күүс-сэниэ эбэр», – диэн кэпсээтэ Ольга.

Ольга Петровна сотору-сотору балык ыыта олоробун, ас хомуйуутун биллэрдим даҕаны, Ороһуга баар «Күбэйэ» диэн аҕам саастаах дьон түмсүүтэ, оскуола кэлэктиибэ итиэннэ ыаллыы сытар Тамалакаан олохтоохторо тута аҕалан биэрэллэр диэн кэп­сиир. Үтүө киһи көмөтө итинэн эрэ бүппэт,  биир дойдулаахтарын көмөлөһүннэрэн иккитэ Москваҕа госпитальга сытар уолаттарга инвалиднай кэлээскэ, баттык мас, ходунок хомуйан ыыппытын «Саха волонтердар» кэпсээн тураллар.

Кэпсэтиибит бүтүүтэ, кини: «Байыаннай дьа­йыы түргэнник бүтэн, уолаттарбыт дойдуларыгар тыыннаах, чэ­­гиэн төннөллөрө буол­лар диэн баҕа санаа­лаахпын. Биир дойдулаахтарбар ким төһө кыалларынан көмөлөһүҥ диэм этэ, оҕолорбут кыраҕа да наһаа үөрээх­тииллэр. Дойдуларын аһын аһаан күүс-сэниэ эбинэллэр. Барыанньа, сироп, бурдук аһа, балык, эт, харта, арыы, кус, куобах, мас көтөрө ыыттаххытына, уолаттар наһаа үөрүө этилэр», – диэн Балыксыт Ольга баҕа санаатын эттэ.

Мындыр толкуйдаах Васма Иванова

Кэнники сылларга Саха сиригэр дьахталлар хамсаа­һыннара күүһүрдэ диэххэ сөп. Байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан ийэлэр, барахсаттар, айылҕаттан амарах санаалаах, аһыныгас майгылаах буоланнар, дууһаларын ыйыытынан, илиилэрин сылааһынан уолаттарбытыгар таҥас-сап тигэн, ас астаан ыыталлар. Кинилэр норуот күүһүн чаҕылхай холобурунан буолаллар.

Үөһээ Бүлүүгэ олоххо көхтөөх, барытыгар инники күөҥҥэ сылдьар Васма Васильевна Иванованы билбэт киһи ахсааннааҕа буолуо. Кини көҕүлээһининэн 2023 сыллаахха Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтигэр «Дойдум тыына» диэн иистэнэр сыах үлэтин саҕалаабыта.

Васма Иванова бас­таан ай­махтарым-урууларым өйөөн-өйдөөн иистэнэн саҕалаабытым диэн кэпсээтэ: «Мин саҕа­лааһыммын дьонум өйөөннөр, олохтоохтор өйдөөннөр, үбүлээһиннэр, ол харчынан таҥас матырыйаалын атыылаһан, бэйэм иистэнэр массыыналарбынан тигэн саҕалаабытым. Онтон сыыйа дьахталлар массыына аҕалан, үлэлэрин быыһыгар кэлэн иистэнэн тигинэччи үлэлээн барбыппыт. Алгыстаах мөһөөччүкпүтүгэр, кыһыҥҥы өттүгэр, сүүрбэччэ көрүҥ таҥаспыт ардыгар баппакка буолар этэ. Билигин матыры­йаалбытын «Семир» маҕаһыынтан (А.Н. Поно­ма­рева) үлэһэн ылларабыт, ­ону тэҥэ «Мааппа» маҕаһыын (М.В.  Еття­нова) аҕалан хааччы­йаллар.  Ардыгар ыксал буол­лаҕына, куораттан бэйэбит дьоммут сүгэн-көтөҕөн аҕалан абырыыллар. Мөһөөччүкпүт алгыһын, харысхалын «Офсет» тэрилтэҕэ бэчээттэтэбит. Харысхалларбытын талаан­наах тарбахтаах дьоммут оҥорон тиксэрэллэр. Ол курдук, биллибэккэ-көстүбэккэ олорор эбээ­лэрбит үтүлүк, куллуку, угунньа таптайан, тигэн оҕолорбутугар илиилэрин сылааһын иҥэрэн, дойдуларын сылаас тыынын иҥэрэн уолаттарбытыгар сэниэлэригэр сэниэ, эрэллэригэр эрэл эбэллэр».

Васма Васильевна мындыр толкуйунан тепловизоры, дрону тэйитэр матырыйаал­лаах плащ-балааккалары тигэн ыыталлар. Бу ураты оҥоһуулаах балаакка уолаттарбытын абырыырын туһунан элбэҕи кэпсиил­лэр. Оттон хас биирдии уол уоппускатыттан төннөрүгэр хас да суол таҥас­таах мөһөөччүгү биэрэн ыыталлар. Васма Васильевна, уопсайа 100-чэ уол мөһөөччүкпүтүн ылан барда диэн кэпсиир. Мөһөөччүккэ плащ-балаакка, ичигэс таҥас, сиэккэ уонна харысхал киирэр.

Васма Васильевна «Көмүс сүүтүк» түмсүү көмөтүнэн элбэх таҥас тигиллэрин, аны туран, эбээлэр Пионер, Хомсомуол күннэригэр ­анаан-минээн субуотунньуктаан, иистэнэн баралларын бэлиэтиир.

Бүгүҥҥү туругунан, 333 мөһөөччүк бэриллибит. Москва, Санкт-Петербург госпиталларыгар сытар уолаттарга хаһыс­таан даҕын ыытаннар, уолаттарбыт долгуйа үөрбүттэр. Ону таһынан, Амматтан, Тааттаттан үлэһэн ылбыттар. Ньурба улууһун «КөмүсКэл» волонтердар бөлөхтөрө «Дойдум тыына» сыаҕы кытары салгыы үлэлэһэргэ сүбэлэспитин Васма Васильевна астына кэпсиир.

What’s your Reaction?
+1
13
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Үөрэх

Саха сиригэр кылаас салайааччыларын пуорума саҕаланна

Бүгүн, ахсынньы  4 күнүгэр, “Классное руководство - ядро единого образовательного пространства” кылаас салайааччыларын өрөспүүбүлүкэтээҕи бастакы…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Саха сирин санаторийдарынан 4 тыһыынча кэриҥэ киһи сынньаммыт

Ааспыт сайыҥҥы сезоҥҥа Саха сирин санаторийдарынан ситиһии бэлиэтэннэ, ол курдук нэһилиэнньэҕэ путевкаларга наадыйыы ирдэбилин көрдөрүүлэрэ…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

СҮБЭҺИТ: Мандарины сөпкө харайабыт

Саҥа дьыл бырааһынньыгын иннинэ хас биирдии хаһаайка аһылыгын эрдэттэн атыылаһан хаһаанар уонна астаан тоҥоро уурар…

8 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Саха сириттэн байыастарга Саҥа дьыллааҕы бэлэхтэри ыытыахтара

Саха сириттэн Саҥа дьыл бырааһынньыктааҕы бородуукта набордарын анал байыаннай дьайыы зонатыгар байыастарга ыытыы саҕаланна. Бу…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга ыччаты патриотическай иитиигэ сиэксийэ аһылынна

Ахсынньы 4 күнүгэр, «Имя твоё неизвестно, подвиг твой бессмертен» диэн Биллибэт саллаат күнүгэр «Патриотическое воспитание…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр 600-тан тахса эдэр миэдиктэри чиэстээтилэр

Ахсынньы 4 күнүгэр Дьокуускайга доруобуйа харыстабылын эдэр исписэлиистэрин үөрүүлээхтик эҕэрдэлээтилэр. Быйыл Саха сирин мэдисиинэ училищетын…

9 часов ago