«Тымныы полюһа-Өймөкөөн» марафоҥҥа 50-ча спортсмен кыттыаҕа
Тохсунньу 11-12 күннэригэр Өймөкөҥҥө «Тымныы полюһа — Өймөкөөн» VI-с кыһыҥҥы экстремальнай марафоҥҥа дойду 17 эрэгийиэниттэн 50-ча спортсмен кыттыаҕа. Ол иһигэр Красноярскай, Челябинскай, Иркутскай, Балашиха, Москва, о.д.а куораттартан.
Саха сиригэр Өймөкөөн улууһа быдарҕан тымныыларынан биллэр. Чуолаан Өймөкөөн сэлиэнньэтэ саамай экстремальнай усулуобуйалаах нэһилиэнньэлээх пууннар испииһэгэр киирэр. Марафон араас саастаах, туспа идэлээх успуорт туһугар ыалдьааччылары түмэр, дьулуурдаах, тулуурдаах дьоммут тыйыс тымныыттан чаҕыйбакка, кыһыҥҥы кэмҥэ уһун кэрчиккэ сүүрэн, киһи кыаҕа муҥура суоҕун дакаастыыр тэрээһинэ буолар. Манна Саха сирин 13 оройуонуттан уонна Арассыыйа 16 регионуттан барыта 50 спортсмен кыттыаҕа.
Кыһыҥҥы сүүрүү тохсунньу 11-12 күннэригэр Өймөкөөҥҥө уонна Томторго ыытыллыаҕа. Быйыл марафон Улуу Кыайыы 80 сылыгар, дойдуга Аҕа дойдуну көмүскэччи уонна Саха сиригэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сылыгар ананар.
Марафон чэрчитинэн эбии тэрээһиннэр ыытыллыахтара. Ол курдук, «Аляска-Сибиир» салгын трассатыгар аналлаах төгүрүк остуол буолуоҕа. Онно атын регионнар бэрэстэбиитэллэрэ, историктар, чинчийээччилэр кыттыахтара. Итини таһынан Өймөкөөн оройуонун дойду Арктическай зонатыгар тэҥнииргэ уонна тымныы полюһа официальнай статуһу ылыыга оробуочай мунньах буолар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: